Киинэ, анимация, ИТ, моднай индустрия – Саха сиригэр креативнай экэниэмикэни сайыннарыы саҕахтара
Саха сиригэр «Айар Дабаан» креативнай нэдиэлэтэ буолан ааста. Тэрээһин чэрчитинэн глобальнай ырыынакка тахсар Саха сирин айар индустриятын бородуукталарын сүрүн хайысхаларын дьүүллэстилэр: киинэ, анимация, ИТ, фэшн.
«Биһиги киинэлэрбитин сүүһүнэн буолбакка, тыһыынчанан талааннаах дьон үрдүк хаачыстыбалаахтык усталларыгар баҕарабыт. Анимация, муода индустриятын, норуот сатабылларын сайыннарар санаалаахпыт. Саамай сүрүнэ диэн биһиги талааннаах дьоннордоохпут. Аан дойду ырыынагар наадалаах аныгы бородууксуйалары оҥорон, бу сыалы ситиһиэхпит диэн эрэнэбин. Мин инникитин даҕаны креативнай индустрияны үөскэтэр урбаанньыттарга итэҕэйэбин. Бииргэ култуурунай куодпутун уонна Сахабыт сирин креативнай индустриятын туһунан планета билэрин туһугар дьулуһуохха!» — диэн Айсен Николаев «Айар Дабаан» креативнай нэдиэлэтин пленарнай мунньаҕар бэлиэтээтэ.
Билигин сахалыы киинэлэри оҥорон таһаарыы сезонугар 2000-кэ киһи үлэлиир. Киинэлэртэн киирбит үп-харчы 2023 сылга 100 мөл. солк. эбит буоллаҕына, бу сыл түмүгүнэн сыыппара икки төгүл үрдүүрүн күүтэбит. 2023 сылга дойдубут киинэлэрин бары наҕараадаларыттан 20 %-нын Сахабыт сирин киинэ оҥорон таһаарааччылара ыллылар. Сиһилии манна аах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: