От ыйын 3 күнүгэр Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин түмүктүүр дьоро киэһэтэ үүннэ. Дьэ, манна кыайыылаахтары ааттаатылар.
Бэстибээлгэ 17 дойдуттан 25 киинэни (куонкуруска уонна куонкуруһу таһынан) көрдөрбүттэр.
Сергей Местников, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Саха сирэ кэнники сылларга Ил Дархан өйөбүлүнэн, талааннаах айар бөлөхтөр сыраларынан, киинэ эйгэтигэр аан дойдуга тахсар кыахтанна. Саалаҕа күн аайы көрөөччү тобус-толору этэ, ити киинэ бэстибээлин ситиһиитин көрдөрөр. Киинэ устарга субсидия биэрэн саҕалаабыппыт, ол үтүө түмүктээх буолла. Бу көмө миэрэтин өссө да салгыахпыт, — диэн эттэ. Кини »СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ» ааты оператор, продюсер Семен Аманатовка туттарда.
Киинэ кириитигэ Егор Москвитин:
— Элбэх хамаанданы кытта үлэлээбитим, онтон бу хамаанда курдук суһаллык, түмсүүлээхтик аан дойдуттан бастыҥ киинэлэри түмпүтүн көрө иликпин. Мин манна үлэлээбиппиттэн олус үөрэбин, — диэн эттэ.
«Сахафильм» хампаанньа дириэктэрэ Алексей Егоров:
— Киинэ бэстибээлэ диэн киинэлэри көрдөрүү эрэ буолбатах, бу күннэргэ элбэх дьыалабыай кэпсэтии ыытылынна.
2030 сылга диэри олус улахан соруктар турдулар. Маннык тэтимнээхтик бардахпытына, ону ситиһиэхпит дии саныыбын. Киинэ бэстибээлин сыл аайы ыытар былааннаахпыт.
Афанасий Ноев, култуура миниистирэ:
— Киэн туттарым — бэстибээли Арассыыйа култуураҕа министиэристибэтэ, Ил Дархан уонна омук дойдуттан ыҥырыллыбыт кириитиктэр өйөөбүттэрэ буолар. Саха сирэ сыллата ураты киинэлэри устан таһаарарыттан киэн туттабын. Бастыҥ киинэлэри, оруоллары таларга 15 тыһыынчаттан тахса киһи куоластаата. Көрөөччүлээх буолан, саха киинэтэ таҕыста, аан дойдуга аатырда!
Дьэ, быйыл кимнээх кыайдылар? Сүрүн куонкурус, сахалыы киинэ, устудьуоннар үлэлэрэ диэн арааран сыаналаатылар. Дьэ, онон:
Устудьуоннар куонкурустарыгар 7 киинэ кытынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ элбэхтик мөккүспүттэрин туһунан кэпсээтилэр. Манна ВГИК преподавателлэрэ кэлэн, сыаналаабыттар.
Дьэ, 7-с төгүлүн ыытыллыбыт Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин кыайыылааҕынан ааттанна:
«Бастыҥ киинэ» — «Кыталыктаах кырдалым» (режиссер Михаил Лукачевскай)!
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Ли Бао Хуа кыайыылааҕы туох да мөккүөрэ суох, чэпчэкитик быһаарбыттарын туһунан эттэ. Тоҕо диэтэр, саамай бастыҥ киинэ мөккүөргэ наадыйбат. Кини Миша Слепцову саха киинэтин инники кэскилэ, аан дойду сулуһа буолуо диэн эрэнэбин диэн эттэ. Маны тэҥэ, «Кыталыктаах кырдалым» киинэни Кытайга көрдөрүөхпүт диэн эрэннэрдэ.
Оттон киинэни устубут бөлөх бэйэбит дойдубутугар бу бирииһи ылбыппыт өссө улахан суолталаах диэн эттилэр. Режиссер Михаил Лукачевскай соҕуруу сылдьар буолан, кыайан кэлбэтэ. Бу киинэ сарсыҥҥыттан дойду киин куораттарыгар киэҥ экрааҥҥа тахсыаҕа. Бу эмиэ улахан ситиһии буолар.
Видео: Ангелина Васильева
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, үгүс улуустарга хаар түһүөҕэ диэн Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр. Анаабыр уонна…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…