Киинэ саалаларын арыйдылар
Атырдьах ыйын 27 күнүгэр Арассыыйатааҕы киинэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнү көрсө өрөспүүбүлүкэҕэ биир үөрүүлээх түгэн буолла. Ол курдук, саха хампаанньата оҥорбут сыыппара платформатыгар холбоммут 15 киинэ саалатын аһыллыыта буолла. Айсен Николаев уонна “Экстра Синема” хампаанньа дириэктэрэ Петр Чиряев саҥа киинэ саалаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Улуустартан быһа холбоннулар. Сунтаар Элгээйитигэр историческай түгэн буоларын бэлиэтээтилэр. Лоп курдук 70 сыллааҕыта Элгээйигэ киинэ тыйаатыра аһыллыбыт эбит. Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга Семен Каратаев уонна кулууп дириэктэрэ Клавдия Федотова кэнники сылларга нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан сайдыы барбытын бэлиэтээтилэр уонна дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махталларын биллэрдилэр.
Онон Амма Бөтүҥэр, Бүлүү Тааһаҕарыгар уонна Халбаакытыгар, Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр, Кэбээйи Мукучутугар, Мастааҕар, Нам Хомустааҕар, Өймөкөөн 2-с Бороҕон нэһилиэгэр, Сунтаар Сиэйэтигэр уонна Элгээйитигэр, Уус Алдан Дүпсүнүгэр, Бэйдиҥэтигэр, Хаҥалас Булгунньахтааҕар, Чурапчы Хайахсыт нэһилиэгэр, Дьокуускай Тулагытыгар саҥа киинэ тыйаатырдара аһылыннылар. Олохтоохтор киэҥ экраннаах саалаҕа киинэ көрөр кыахтаннылар.
Маны тэҥэ, Арассыыйатааҕы киинэ күнүгэр Ньурба Чуукаарыгар уонна Өлүөхүмэ Дьаархан нэһилиэгэр эмиэ маннык киинэ саалалара аһыллыахтара.
— Аҕыйах сыллааҕыта Петр Чиряев оҥорбут киинэ проектора киэҥник тарҕанар кыахтааҕын ким да итэҕэйбэт этэ. Ол эрээри биһиэхэ киинэни оҥоруу дойдуга биир бастыҥнар кэккэлэригэр баарыгар итэҕэйэрбит. Биһиэхэ аныгылыы көрүүлээх, сайдыылаах ыччаттардаахпыт. Сүрүнэ – киинэни устуу эрэ буолбакка, киинэни көрдөрөргө усулуобуйаны эмиэ оҥоруохтаахпыт. Онон бу дьыалаҕа “Сахафильм”, чааһынай хампаанньалар эрэ буолбакка, киинэ индустриятыгар сыһыаннаах дьон, тэрилтэлэр бары кыттыһыахтаахтар, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Ыам ыйын 30 күнүгэр «Развитие креативной экономики в России» быыстапкаҕа бэрэсидьиэн Владимир Путиҥҥа бу амннык дьоҕус киинэ тыйаатырдарын арыйар бырайыагы билиһиннэрбиттэрин, өйөөбүтэ. Саха сирин оҥорон таһаарааччыларын бородууксуйаларын дойду үрдүнэн туһаныахха сөбүн бэлиэтээбитэ.
“Экстра Синема” хампаанньа дириэктэрэ Петр Чиряев этэринэн, дойду үрдүнэн 20 тыһыынча киинэ саалалара кинилэр киинэ платформаларыгар холбонуохтара.
“Экстра Синема” бырайыага өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 сылтан үлэлиир. Былырыын 10, быйыл 17 киинэ саалалара аһыллан үлэлииллэр.
Андрей Сорокин (СИА) түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: