Киис, кырса суола баар
19.03.2024, 18:30
Бөлөххө киир:
Экологияны судаарыстыбанан кэтээн көрүүгэ Аллайыаха улууһунааҕы иниспиэксийэтин үлэһиттэрэ уонна ИДьО үлэһитэ бэҕэһээ уочараттаах рейдэттэн кэллилэр. Кинилэр сүрүн соруктарынан булт быраабылатын тутуһууну бэрэбиэркэлээһин этэ.
— Биһиги Оленегорскайынан киирэн, Аччыгый Эрчанан эргийэн, Егорка диэн учаастакка тиийэ сырыттыбыт. Онон эргийэн дьиэбитигэр Чокурдаахха төнүннүбүт. Туундараҕа биир да булчуту көрсүбэтибит. Ол оннугар кырса, киис, хабдьы суолун көрдүбүт. Күн-дьыл туругун туһунан кэпсээтэххэ, күнүһүн күннээх этэ, киэһэтин балачча тымныйар. Хаар халыҥа быһа холуйан 40-50 см диэххэ сөп, — диэтэ госиниспиэктэр Семен Павлов.
Хаартыскалары: С.Павлов ыытта
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: