Салгыы
Киис тиҥилэҕин, биэ эмиийин хомуйар кэм

Киис тиҥилэҕин, биэ эмиийин хомуйар кэм

16.08.2024, 15:45
Хаартыска: Давид Иванов.
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйа ортолоото. Оҕо-дьахтар ойууртан соло булбат, билигин сугуну, киис тиҥилэҕин, биэ эмиийин үргүүр үтүөкэн кэм.

“Биэ эмиийэ сэлиэнньэттэн ырааҕа суох 5-6 км сиргэ суол кытыытынан үүнэр. Киһи барыта онтон хомуйар. Саһыл диэн сиргэ  киһи уҥуоҕун таһынан үрэх түһүүтүгэр хойуутук үүнээччи, – диэн быйыл сир аһын туруга хайдаҕын Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин олохтооҕо  Дабыыт Иванов кэпсиир. – Сугун быйыл мөлтөх, хахха сирдэргэ эрэ үүммүт. Онон быйыл сугун сыаната ыараата, ыраастаммыт 1 лиитирэтин 1 тыһ. солк. атыылыыллар. Ол аата 7 л биэдэрэ сугун 7 тыһ. солк.  Дьэ, сыана диэтэҕиҥ.

Өссө биир минньигэс отонунан киис тиҥилэҕэ буолар. Биһиэхэ үүммэт, онон атыылаһабыт. Былырыын 1 лиитирэтэ  2 тыһ. солк. атыыланар этэ, онон киис тиҥилэҕэ үүнэр сиригэр олорор нэһилиэктэр абыраналлар”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: