Салгыы
Киискэ кистэнэн дуу, хаас түүтүгэр сууланан дуу?

Киискэ кистэнэн дуу, хаас түүтүгэр сууланан дуу?

10.11.2024, 14:00
ААПТАР ХААРТЫСКАҔА ТҮҺЭРИИЛЭРЭ.
Бөлөххө киир:

Кырыа кыһыммыт кэлэн, чысхаан иэдэстэн кымаахтаата, тымныы тыал курдары үрдэ, халыҥнык таҥыннахха сатанар буолла. Онуоха биһиги тыйыс тымныыбытыгар кыһыҥҥы таҥаспыт, эчи, сыаната ыарахана сыттаҕа.

Биир үтүө күн саҕынньах, сон, куурка сыаната төһө буол­бутун билээри, ырыынактары, маҕаһыыннары кэрийдим. Быйылгы дьылга туох таҥас муодунай буолбут эбитий?

Мааны маҕаһыыннарга

“Сэрбэкэ” маҕаһыын уруккуттан да саҕынньахтарын Грецияттан, Италияттан аҕалар. Саамай сыаналаах, мааны саҕынньахтара – баай хотуттар кэтэр, уһун, талба көстүүлээх саарба саҕынньах. Сыаната – 1,6 мөлүйүөн солкуобай. Маннык эрээри, кылгас саҕынньаҕы 488 тыһыынча солкуобайга ылыахха сөп.

Манна нуорка саҕынньаҕы 99 990 солкуобайтан саҕалаан булуохха сөп. Ортотунан, 200 тыһыынчаттан тахса буолар. Енот – 132-168 тыһыынча солкуобай, саһыл – 183  тыһыынча солкуобай, мутон, овчина – 36-78 тыһыынча солкуобай.

Бу маҕаһыыҥҥа пуховиктары, халтаҥ соннору эмиэ атыылыыллар. Кыһын кэтиллэр пуховик куурканы манна 20-32 тыһыынча солкуобайга атыылаһыахха сөп. “Пуховик-суорҕан” диэн киэҥ-куоҥ сон сыаната – 29,7 тыһыынча солкуобай. Халтаҥ соннор – 13 тыһыынчаттан саҕалаан, альпака түүлээх сону 47,6 тыһыынча солкуобайга атыылыыллар.

“Времена года” маҕаһыыҥҥа нуорка саҕынньахтары чэпчэтиилээх атыылаан эрэллэр. Бу биирдии эрэ устуука хаалбыт саҕынньахтары чэпчэтэн атыылыыллар эбит. Сыаналара – 59 990 солкуобай. Куница саҕалаах, хара өҥнөөх “блэклама” нуорка саҕынньах манна 260 тыһыынча солкуобайга турар, уу харчынан ууран биэрэр буоллаххына – 230 тыһыынча солкуо­бай. Тобукка диэри уһун­наах, “трансформер” диэн нуор­ка саҕынньаҕы бэрт кэбэҕэс­тик кылгатан, куурка курдук эмиэ кэтиэххэ сөп. Сыаната – 69 990 солкуобай.

Маҕаһыыннар табаардарын батарар сыалтан, бырыһыана суох иэс биэрэллэр, сорохтор өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн босхо тиэрдэн биэрэллэр эбит. Холобур, Snow gold маҕаһыыҥҥа тиэрдэллэригэр буоста да, таксыы да сыанатын төлөөбөккүн.

“Муру-муодунай” буоларга

Атыыһыттар этэллэринэн, муода сыл аайы уларыйбат, хас да сыл тулуктаһар эбит. “Герда” маҕаһыын атыыһыта этэринэн, тас өттө таҥас бүрүөһүннээх, иһэ түүлээх “паарка” соннору билигин да хамаҕатык атыылаһаллар. Сыаналара – 25-35 тыһыынча солкуобай (ис өттө туох тириититтэн тигиллибитинэн көрөн).

Аҕыйах сыллааҕыта муодаҕа киирбит “экошуба” диэн искусственнай түүлээх саҕынньаҕы “Сэрбэкэҕэ” 25-32 тыһыынчаҕа булуохха сөп. Snow gold маҕаһыыҥҥа – 11-12 тыһыынча солкуобайга (нуорка курдук көрүҥнээх). “Вандаҕа” – 25-35 тыһыынча солкуобайга.

Билигин оҥорон таһаарыы тупсан, тас көрүҥүнэн дьиҥнээх түүлээхтэн араарбат да курдук буолбуккун, арай, тутан көрдөххүнэ эрэ, билэҕин. Маны тэҥэ, араас кыыл тирии­тин үтүгүннэрэн оҥорор буол­буттар, онон бэдэр да, леопард да саҕынньаҕы кэтэ сылдьар курдук сананаҕын. Араас чаҕылхай өҥүнэн кырааскаламмыттар да бааллар. Биир маҕаһыыҥҥа өссө хартыына курдук чаҕылхай ойуу­лаах саҕынньахтар баалларын көрдүм.

Онон уратытык көстүөн баҕарар кыргыттар талбыттарын ылан кэтиэхтэрин сөп. Үчүгэйэ диэн, биир да кыыл эмсэҕэлээбэт буоллаҕа.

Хаас түүлээх кууркалар

Уонтан тахса сыллааҕыта кэрэ аҥаар үксэ нуорка саҕынньахтары кэтэр эбит буоллаҕына, билигин бары кэриэтэ “пуховиктаахтар”. Ол саҕынньахтар билигин эргэрэн, оҕо соно, сон иһэ, үтүлүк, бэргэһэ буолан, иккистээн тыын ылан сырыттахтара.

Хаас түүлээх куурка сылаа­һы тутар, мээнэ элэйбэт, киртийбэт буолан, уоллуун-кыыс­тыын сөбүлээн кэтэллэр. Киртийдэҕинэ даҕаны, сууйтаран кэбиһэҕин.

Саамай сыаналаах, хаачыс­тыбалаах кууркалар “БАСК”, Kanada Goosе, Mountain Hardwear о.д.а. пиирмэлэргэ бааллар. -55-60 кыраадыс­таах тымныыны тулуйаллар. “Мембрана” диэн бүрүөһүннээх буолан, тыалы, ууну хотуппат, киһи этин уутун оборбот эрээри, паары таһаарар, тыынар буолан, үрдүк хаачыстыбалаахтар. Ол эрээри, сыаналара да соннук, саҕынньах сыанатын кытта саппай уопсай буоллахтара.

“Торнадо” маҕаһыыҥҥа эр киһи Laplander куурката 46,2 тыһыынча солкуобайга турар. “Бу Арассыыйаҕа оҥоһуллар, улахан тымныыны тулу­йар, түүтэ тахсыбат”, – диэн атыыһыт кэпсиир.

Атын маҕаһыыннарга пуховик кууркалары 10-45 тыһыынча солкуобайга булуохха сөп. “Джинса” маҕаһыыҥҥа 50%-наах чэпчэтии буола турар. Уһун пуховиктар – 9,3 тыһыынча солкуобай, -45 кыраадыска диэри кэтиллэр пуховик-кууркалар 7,6 тыһыынча солкуобай буолан тураллар. Онон ханна чэпчэтии баарынан, чэпчэкини булуохха сөп эбит.

Ырыынакка да сыана улахан уратыта суох. Арай, атыыһыты кытта кэпсэтэн, түһэрсиэххэ сөп.

“БАСК” пиирмэ сыаналара:

  • Sivera Насмуда дьахтар куурката – 47 тыһыынча солкуобай,
  • Sivera Баянка – 39,5 тыһыынча солкуобай,
  • North Face уонна Gucci кыттыгас кууркалара – 199 999 солкуобай,
  • Nike Therme – 49 999 солкуобай,
  • North Face – 49 999 солкуобай,
  • New Balance – 29 999 солкуобай.

“Муода сыл аайы уларыйбат”

Наталья, атыыһыт:

– Атыылаһааччыларбыт үксүн классиканы талаллар. Кыһыҥҥы таҥастарга муода сыл аайы түргэнник уларыйа турбат. Саҥа сүүрээн киирбит да буоллаҕына, хас да сыл барааччы. Билигин түүлээх истээх пааркалары, “эко” саҕынньахтары хото атыылаһаллар. Биһиги табыгастаах усулуобуйаны оҥорон, иэс да биэрэбит.

Ньургуйаана, элбэх оҕолоох ийэ:

– Мин ыарахан сыаналаах саҕынньах атыылаһар кыаҕым суох. Хартыыҥка курдук көрөбүн эрэ. Онон үксүгэр пуховик куурканы кэтэбин. Мутон саҕынньаҕым элэйэн эрэр, биэс сыллааҕыта ылбытым, саҥардыахха наада. Күһүҥҥү-сааскы өттүгэр “эко” саҕынньаҕы кэтээччибин, онон син уларыта сылдьар курдукпун, хал буолбаппын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: