Кырыа кыһыммыт кэлэн, чысхаан иэдэстэн кымаахтаата, тымныы тыал курдары үрдэ, халыҥнык таҥыннахха сатанар буолла. Онуоха биһиги тыйыс тымныыбытыгар кыһыҥҥы таҥаспыт, эчи, сыаната ыарахана сыттаҕа.
Биир үтүө күн саҕынньах, сон, куурка сыаната төһө буолбутун билээри, ырыынактары, маҕаһыыннары кэрийдим. Быйылгы дьылга туох таҥас муодунай буолбут эбитий?
“Сэрбэкэ” маҕаһыын уруккуттан да саҕынньахтарын Грецияттан, Италияттан аҕалар. Саамай сыаналаах, мааны саҕынньахтара – баай хотуттар кэтэр, уһун, талба көстүүлээх саарба саҕынньах. Сыаната – 1,6 мөлүйүөн солкуобай. Маннык эрээри, кылгас саҕынньаҕы 488 тыһыынча солкуобайга ылыахха сөп.
Манна нуорка саҕынньаҕы 99 990 солкуобайтан саҕалаан булуохха сөп. Ортотунан, 200 тыһыынчаттан тахса буолар. Енот – 132-168 тыһыынча солкуобай, саһыл – 183 тыһыынча солкуобай, мутон, овчина – 36-78 тыһыынча солкуобай.
Бу маҕаһыыҥҥа пуховиктары, халтаҥ соннору эмиэ атыылыыллар. Кыһын кэтиллэр пуховик куурканы манна 20-32 тыһыынча солкуобайга атыылаһыахха сөп. “Пуховик-суорҕан” диэн киэҥ-куоҥ сон сыаната – 29,7 тыһыынча солкуобай. Халтаҥ соннор – 13 тыһыынчаттан саҕалаан, альпака түүлээх сону 47,6 тыһыынча солкуобайга атыылыыллар.
“Времена года” маҕаһыыҥҥа нуорка саҕынньахтары чэпчэтиилээх атыылаан эрэллэр. Бу биирдии эрэ устуука хаалбыт саҕынньахтары чэпчэтэн атыылыыллар эбит. Сыаналара – 59 990 солкуобай. Куница саҕалаах, хара өҥнөөх “блэклама” нуорка саҕынньах манна 260 тыһыынча солкуобайга турар, уу харчынан ууран биэрэр буоллаххына – 230 тыһыынча солкуобай. Тобукка диэри уһуннаах, “трансформер” диэн нуорка саҕынньаҕы бэрт кэбэҕэстик кылгатан, куурка курдук эмиэ кэтиэххэ сөп. Сыаната – 69 990 солкуобай.
Маҕаһыыннар табаардарын батарар сыалтан, бырыһыана суох иэс биэрэллэр, сорохтор өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн босхо тиэрдэн биэрэллэр эбит. Холобур, Snow gold маҕаһыыҥҥа тиэрдэллэригэр буоста да, таксыы да сыанатын төлөөбөккүн.
Атыыһыттар этэллэринэн, муода сыл аайы уларыйбат, хас да сыл тулуктаһар эбит. “Герда” маҕаһыын атыыһыта этэринэн, тас өттө таҥас бүрүөһүннээх, иһэ түүлээх “паарка” соннору билигин да хамаҕатык атыылаһаллар. Сыаналара – 25-35 тыһыынча солкуобай (ис өттө туох тириититтэн тигиллибитинэн көрөн).
Аҕыйах сыллааҕыта муодаҕа киирбит “экошуба” диэн искусственнай түүлээх саҕынньаҕы “Сэрбэкэҕэ” 25-32 тыһыынчаҕа булуохха сөп. Snow gold маҕаһыыҥҥа – 11-12 тыһыынча солкуобайга (нуорка курдук көрүҥнээх). “Вандаҕа” – 25-35 тыһыынча солкуобайга.
Билигин оҥорон таһаарыы тупсан, тас көрүҥүнэн дьиҥнээх түүлээхтэн араарбат да курдук буолбуккун, арай, тутан көрдөххүнэ эрэ, билэҕин. Маны тэҥэ, араас кыыл тириитин үтүгүннэрэн оҥорор буолбуттар, онон бэдэр да, леопард да саҕынньаҕы кэтэ сылдьар курдук сананаҕын. Араас чаҕылхай өҥүнэн кырааскаламмыттар да бааллар. Биир маҕаһыыҥҥа өссө хартыына курдук чаҕылхай ойуулаах саҕынньахтар баалларын көрдүм.
Онон уратытык көстүөн баҕарар кыргыттар талбыттарын ылан кэтиэхтэрин сөп. Үчүгэйэ диэн, биир да кыыл эмсэҕэлээбэт буоллаҕа.
Уонтан тахса сыллааҕыта кэрэ аҥаар үксэ нуорка саҕынньахтары кэтэр эбит буоллаҕына, билигин бары кэриэтэ “пуховиктаахтар”. Ол саҕынньахтар билигин эргэрэн, оҕо соно, сон иһэ, үтүлүк, бэргэһэ буолан, иккистээн тыын ылан сырыттахтара.
Хаас түүлээх куурка сылааһы тутар, мээнэ элэйбэт, киртийбэт буолан, уоллуун-кыыстыын сөбүлээн кэтэллэр. Киртийдэҕинэ даҕаны, сууйтаран кэбиһэҕин.
Саамай сыаналаах, хаачыстыбалаах кууркалар “БАСК”, Kanada Goosе, Mountain Hardwear о.д.а. пиирмэлэргэ бааллар. -55-60 кыраадыстаах тымныыны тулуйаллар. “Мембрана” диэн бүрүөһүннээх буолан, тыалы, ууну хотуппат, киһи этин уутун оборбот эрээри, паары таһаарар, тыынар буолан, үрдүк хаачыстыбалаахтар. Ол эрээри, сыаналара да соннук, саҕынньах сыанатын кытта саппай уопсай буоллахтара.
“Торнадо” маҕаһыыҥҥа эр киһи Laplander куурката 46,2 тыһыынча солкуобайга турар. “Бу Арассыыйаҕа оҥоһуллар, улахан тымныыны тулуйар, түүтэ тахсыбат”, – диэн атыыһыт кэпсиир.
Атын маҕаһыыннарга пуховик кууркалары 10-45 тыһыынча солкуобайга булуохха сөп. “Джинса” маҕаһыыҥҥа 50%-наах чэпчэтии буола турар. Уһун пуховиктар – 9,3 тыһыынча солкуобай, -45 кыраадыска диэри кэтиллэр пуховик-кууркалар 7,6 тыһыынча солкуобай буолан тураллар. Онон ханна чэпчэтии баарынан, чэпчэкини булуохха сөп эбит.
Ырыынакка да сыана улахан уратыта суох. Арай, атыыһыты кытта кэпсэтэн, түһэрсиэххэ сөп.
“БАСК” пиирмэ сыаналара:
Наталья, атыыһыт:
– Атыылаһааччыларбыт үксүн классиканы талаллар. Кыһыҥҥы таҥастарга муода сыл аайы түргэнник уларыйа турбат. Саҥа сүүрээн киирбит да буоллаҕына, хас да сыл барааччы. Билигин түүлээх истээх пааркалары, “эко” саҕынньахтары хото атыылаһаллар. Биһиги табыгастаах усулуобуйаны оҥорон, иэс да биэрэбит.
Ньургуйаана, элбэх оҕолоох ийэ:
– Мин ыарахан сыаналаах саҕынньах атыылаһар кыаҕым суох. Хартыыҥка курдук көрөбүн эрэ. Онон үксүгэр пуховик куурканы кэтэбин. Мутон саҕынньаҕым элэйэн эрэр, биэс сыллааҕыта ылбытым, саҥардыахха наада. Күһүҥҥү-сааскы өттүгэр “эко” саҕынньаҕы кэтээччибин, онон син уларыта сылдьар курдукпун, хал буолбаппын.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…