«Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аатынан почта маарката баар буолла
Ааспыт сыл күһүнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах ааты иҥэрбитэ. Бу бочуоттаах ааты Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит куораттарга иҥэрэллэр.
Оттон бэҕэһээ, атырдьах ыйын 29 күнүгэр, «Сахамедиа» медиа-киинигэр «Килбиэннээх үлэ куората» маарканы почта штемпелинэн оттискалааннар устуоруйа кэрэһитэ оҥордулар. Бу коллекционердарга биир эмиэ улахан түгэн буолуо.
Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьев Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сирэ курдук аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх сир олохтоохторо оҥорбут кылааттара сүҥкэн улахан диэн бэлиэтээтэ. «Билигин дойду үрдүнэн эмиэ Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи курдук, ыарахан күннэр үүннүлэр. Биһиги билиҥҥи сорукпут – анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт кинилэри өйүүрбүтүн уонна киэн туттарбытын билиэхтэрин наада. Биһиги бары биир сомоҕо, түмсүүлээх буолуохтаахпыт. Саха сирэ – Килбиэннээх үлэ куората буоларын туоһулуур мааркалар буолуохтаахтар. Бу 25 тыһыынча экземплярынан дойду үрдүнэн тарҕанар мааркалар Саха сирин килбиэнин туоһулуохтара», — диэтэ Евгений Григорьев.
Оттон «Арассыыйа Почтата» Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Петр Птицын эппитинэн, почта мааркатыгар «Кыайыылаах саллаат дьиэ кэргэнэ» ойууламмыт.
«Бу маннык почта мааркатын таһаараммыт биһиги биир дойдулаахтарбытыгар, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыылга үлэлээбиттэргэ, сэрии сылларын оҕолоругар ытыктыырбытын биллэрэбит. Кинилэр күүстэрин-күдэхтэрин Улуу Кыайыыны уһансыыга уурбуттарын умнубаппыт. Үгүс Саха сирин олохтооҕор үлэҕэ дьоруойдуу түһүнүү кинилэр дьиэ кэргэннэрин устуоруйатынан буолар», — диэн эттэ Петр Птицын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: