«Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аатынан почта маарката баар буолла

Share

Ааспыт сыл күһүнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах ааты иҥэрбитэ. Бу бочуоттаах ааты Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит куораттарга иҥэрэллэр.

Оттон бэҕэһээ, атырдьах ыйын 29 күнүгэр, «Сахамедиа» медиа-киинигэр «Килбиэннээх үлэ куората» маарканы почта штемпелинэн оттискалааннар устуоруйа кэрэһитэ оҥордулар. Бу коллекционердарга биир эмиэ улахан түгэн буолуо.

Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьев Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сирэ курдук аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх сир олохтоохторо оҥорбут кылааттара сүҥкэн улахан  диэн бэлиэтээтэ. «Билигин дойду үрдүнэн эмиэ Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи курдук, ыарахан күннэр үүннүлэр. Биһиги билиҥҥи сорукпут – анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт кинилэри өйүүрбүтүн уонна киэн туттарбытын билиэхтэрин наада. Биһиги бары биир сомоҕо, түмсүүлээх буолуохтаахпыт. Саха сирэ – Килбиэннээх үлэ куората буоларын туоһулуур мааркалар буолуохтаахтар. Бу 25 тыһыынча экземплярынан дойду үрдүнэн тарҕанар мааркалар Саха сирин килбиэнин туоһулуохтара», — диэтэ Евгений Григорьев.

Оттон «Арассыыйа Почтата» Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта  Петр Птицын эппитинэн, почта мааркатыгар «Кыайыылаах саллаат дьиэ кэргэнэ» ойууламмыт.

«Бу маннык почта мааркатын таһаараммыт биһиги биир дойдулаахтарбытыгар, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыылга үлэлээбиттэргэ, сэрии сылларын оҕолоругар ытыктыырбытын биллэрэбит. Кинилэр күүстэрин-күдэхтэрин Улуу Кыайыыны уһансыыга уурбуттарын умнубаппыт. Үгүс Саха сирин олохтооҕор үлэҕэ дьоруойдуу түһүнүү кинилэр дьиэ кэргэннэрин устуоруйатынан буолар», — диэн эттэ Петр Птицын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago