Килиэп кэмбинээтэ үлэҕэ оҥорон таһаарыытын 9,9% үрдэттэ
Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ 2020 сыллаахха «Производительность труда» национальнай бырайыак кыттыылааҕа буолуоҕуттан, бородууксуйатын сорох көрүҥнэрин оҥорон таһаарыытын 1,5 төгүл, барыһын кээмэйин 1,4 төгүл улаатыннарбыт. Онон үлэҕэ оҥорон таһаарыытын 9,9% үрдэппит.
Бу туһунан Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин генеральнай дириэктэрэ Светлана Кынакытова иһитиннэрдэ.
— Биһиэхэ «Я люблю хлеб» диэн саҥа фирменнэй атыылыыр ситиммит баар буолла. Кэмбинээт үлэҕэ саҥаны киллэриигэ, бородууксуйаны тупсарыыга тохтоло суох үлэлиир. Саҥа үлэһиттэрбитин үөрэтэбит, настаабынньыктары аныыбыт, саҥа идиэйэлэри киллэрбит дьоммутун өйүүбүт, сайдан иһэбит, — диэн кини эттэ.
2021 сылтан тэрилтэ «Федеральный центр компетенций» кытта бииргэ үлэлэһэр. Манна үлэ көдьүүһүн үрдэтэргэ араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
«Производительность труда» национальнай бырайыакка Саха сириттэн 21 тэрилтэ киирбитэ. Быйыл өссө 6 тэрилтэ киирэрэ былааннанар.
Бу национальнай бырайыак 2018 сыллаахха бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан бигэргэммитэ. Бырайыак дойдуга үлэҕэ оҥорон таһаарыы үрдүүрүгэр усулуобуйаны оҥорор сыаллаах. Онон 2024 сылга орто уонна бөдөҥ тэрилтэлэргэ үлэҕэ оҥорон таһаарыы тэтимин сылга 5% үрдэтэр сыал-сорук турар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: