Бүгүн, алтынньы 30 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы килиэби оҥорор кэмбинээккэ умнуллубат күн буолла.
Кэмбинээт тус бэйэтэ газопоршневай генератордаах энергетическэй кииннэннэ, бу аата энергохампаанньалартан тутулуга суох үлэлиир кыахтанна. Араас түгэн, абаарыйа буола, уот тарыыба үрдүү турар кэмигэр олус сөптөөх дьаһаныы. Электростанция уопсай кыамтата 1200 кВт, 200-түү кВт 6 единицалаах. Айылҕа гааһынан үлэлиир итиэннэ электрическэй уонна сылытар энергияны таһаарар.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Энергокиини холбоото. Балачча улахан уораҕай биирдэ киһи саҥата иһиллибэт тыаһынан өрө тигинии түстэ.
“Биһиги биир сүрүн сыалбыт-сорукпут Саха сиригэр оҥоһуллар бэйэ оҥорон таһаарыытын сыллата улаатыннаран иһии буолар. Онно туһааннаах Ил Дархан Айсен Николаев анал ыйааҕа тахсыбыта. Бу ыйаах 2030 сылга диэри сүрдээх улахан киэҥ хамсааһыны оҥорору ирдиир. Ол курдук биһиги аспыт, эппит, үүппүт, бурдуктан оҥоһуктарбыт, о.д.а. маҕаһыын пуолкатыгар элбиэхтээхтэр. Бу олус уустук сорук, тоҕо диэтэххэ тас дойдулартан, эрэгийиэннэртэн бородууксуйа арааһа киирэ турар, биһиги оҥорон таһаарар бородууксуйабыт олору кытта иҥэмтэлээҕинэн, бары өттүнэн күөн күрэстэһиэхтээх”.
Ити сыалы-соругу ситиһэргэ производственнай базалар оборудованиеларын саҥардыы биир сүрүн хайысханан буолуохтаах.
“Сыллата бүддьүөттэн оборудованиены саҥардыыга үп-харчы көрөбүт. Бу килиэп кэмбинээтигэр бүгүн аһыллыбыт газопоршневай электростанцияҕа 65 мөл. солк. көрбүппүт. Билигин кинилэр уоту сиир ороскуоттара аччаан, үптэрэ-харчылара хаачыстыбаны тупсарыыга, бородууксуйа араас көрүҥүн элбэтиигэ, хамнаһы улаатыннарыыга ыытыллыаҕа. Итинник сыаллаах 2030 сылга диэри оборудованиелары саҥардыы барыаҕа”.
Бу газопоршневай электростанцияны киллэриигэ СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, “Алмаасэргиэнбаан”, “Туймаада” ФАПК үп-харчы өттүнэн эмиэ көмөлөстүлэр.
Светлана Кынакытова, “ЯХК” АУо генеральнай дириэктэрэ:
“Бу Энергокиин газопоршневай генератортан турар, маннык оборудование билиҥҥитэ биһиэхэ эрэ турда. Бүгүн холбоотубут, сэтинньиттэн уоппут, сылааспыт бэйэбит киэнэ буолуоҕа. Производствоҕа олус наадалаах итии ууланныбыт. Биир киловаппыт сыаната икки төгүл чэпчиэҕэ, ол барыта бородууксуйа хаачыстыбатыгар, үлэлиир усулуобуйа тупсарыгар дьайыаҕа. Биһиги нэһилиэнньэни килиэбинэн, араас бородууксуйанан хааччыйар стратегическай эбийиэк буолабыт.
Эһиил килиэп кэмбинээтэ 85 сылын туолар, 1940 с. тэриллибит, биһиги 84 сыл устата күүскэ үлэлээн кэллибит, салгыы сайдар кыахпыт өссө арылынна”.
Светлана Кынакытова этэринэн, күннэтэ килиэп кэмбинээтэ 20 т килиэби, араас оҥоһуктары оҥорон, араас маҕаһыыннарынан тарҕатар. 2018 сылтан саҥа систиэмэни көрдөөн, үөрэтэн, туруоран, быйыл киллэрбиттэр. Онтон ыла таһаҕаһы тиэниигэ барар бириэмэ 45 бырыһыан кыччаабыт.
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…
Дьокуускайга иккис Өрөспүүбүлүкэтээҕи антифашистскай пуорум буолаары турдаҕына, “Норуодунай фронт. Барыта Кыайыы туһугар” бочуоттаах бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ…