Килиимэт сылыйыыта улахан уу мотуогун аҕалыан сөп
Саха сиригэр түһэр салгын сиигэ сүрүннээн арҕааттан, ол аата Атлантическай акыйаантан кэлэр. Билигин сыллааҕы ардахпыт нуормата баара- суоҕа 200-250 мм, бачча кыра көрдөрүү, кураан дойду сиигин нуормата. Биһиги оппут-маспыт сүнньүнэн ирбэт тоҥноох буоламмыт үүнэр.
Бу сиикпитин, ол аата халлаантан түһэр ардахпыт уутун үс көрүҥҥэ араарыахха сөп.
Бастакытынан – хаар уута. Бу уу саас эрдэ, сир тоҥ эрдэҕинэ кэлэр буолан, сиргэ иҥиитэ кыра. Ол да буоллар, сиргэ-уокка дьайыыта улахан буолуон сөп. Бу уу кэлиитэ-барыыта хаар хайдах быһыылаахтык, төһө түргэнник ирэриттэн тутулуктаах.
Иккиһинэн – сайыҥҥы ардах уута. Маннык ардахтар кылгастык уонна итии кэмҥэ түһэр буоланнар, улахан аҥара салгыҥҥа көтөр.
Үсүһүнэн – күһүҥҥү ардахтар уулара. Дьэ бу ардахтар уулара сири алдьатыылара уонна дьайыылара олус улахан буолуон сөп.
Олус кураан айылҕалаах буолан, ааспыт үйэ ортотуттан хас дэриэбинэ аайы үрэхтэр, үрүйэлэр ууларын хаайан сүөһүбүтүн уулатар күөллэри оҥорон туһанан олорбуппут. Хомойуох иһин, билигин ол күөллэрбит сорохторо уулара нуорматтан аһара баран турар. Холобура, Таатта өрүс сүнньүгэр быһытынан хааччахтанан турар Чурапчы күөлүн этиэххэ сөп. Бэрдьигэстээх бөһүөлэгин аһатан олорор Матта күөл уутун быһыта эмиэ тоҕо барыан сөп.
Ону таһынан, итинник күөллэрбит уутун тутан турар даамбаларбыт буорун туһунан аҕыйах тылы этиэхпин баҕарабын. Бу былыр мууһуруу кэмигэр тыал-буурҕа ытыйан аҕалбыт туой буора буолар. Маннык буор соҕуруу кураан тыаллаах-куустаах дойдуга билигин да үөскүүр уонна «лёсс» диэн ааттанар. Илин эҥэргэ сылдьыбыт буоллаххытына, массыына көлүөһэтин анныттан өрө бурҕайан тахсан баран, өр баҕайы салгыҥҥа ыйанан турар саһархайдыҥы өҥнөөх көбдөркөй туой буору көрбүккүт буолуо.
Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар дэриэбинэлэр тастарыгар, сүөһүлэр уулуур күөллэрин, итинник бурдук курдук мэлиллибит туой буорунан, 1-2 м үрдүктээх быһыттары тыраахтарынан астаран оҥорбуттара. Урут, тымныы сылларга уулара кыра буоланнар, син туталлар этэ. Билигин килиимэт сылыйан, уулара да элбээн, кинилэр сүрдээҕин мөлтөөн тураллар.
Быйыл угут дьыл кэлээри турар курдук көрөбүн, онон эрдэттэн бэлэмнэнии үлэ барыан наада. Малы-салы өрө тардан, киһини-сүөһүнү куоттарар сири бэлэмнээн, дьаһаныахха наада.
Мууһуруу үйэтин кэмигэр төһө да ардах-хаар аҕыйаҕын иһин, ити Ураалга буола турар курдук улуу угуттар буолаллара. Олор сүрүн биричиинэлэринэн өрүс мууһа кыһалҕаллаахтык ааһара буолара. Кыһыҥҥы тымныыларга өрүс уута халыҥнык тоҥоро. Билигин муус халыҥа 1-1,3 эбит буоллаҕына, урут 3-4 миэтэрэҕэ тиийэрэ. Ол иһин саас муус хара-хара, бэрт эрэйинэн устара. Ол түмүгэр Өлүөнэ өрүс орто сүүрүгэр билигин үс хочо сытар сиригэр уйаара-кэйээрэ көстүбэт киэҥ уу байҕал үөскүүрэ. Билигин Дьокуускай, Покровскай куораттар турар сирдэрэ 20-30 м уу анныгар тимирэ сылдьыбыттара диэни ким да итэҕэйиэ суоҕа.
Билигин ирбэт тоҥноох сиргэ килиимэт сылыйыыта дьайан эрэр. Сир аннынааҕа тоҥ муус ирэн сир сиҥниитэ элбээтэ. Көбдөркөй туой буор араас сабыдыалынан убуон да, хойдуон да сөп, ол аата муус ирдэҕинэ, кини ким да мэһийбэтэҕин да иһин, алаадьы тиэстэтин курдук ньолҕойон хаалар кутталлаах. Дьэ, оннук даамба туох уутун тутуой? Оттон уута суох буоллаҕына, төттөрүтүн, таас курдук кытаатар кыахтаах.
Маннык айылҕабыт уратытын бэлиэтээн туран, быйыл саас элбэх сиргэ халааннаабытынан, Сахам сирин олохтоохторун сэрэтиэхпин баҕарабын. Кэнники сылларга айылҕабыт сүрдээҕин уларыйда, өссө тэтимнээхтик барыан сөп. Онон мэлдьи бэлэм буолуохха наада.
Семен Готовцев,
геолого-минералогическай наука хандьыдаата,
ирбэт тоҥу үөрэтэр исписэлиис
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: