Килиимэти сабаҕалыыр үлэни ыытыахтара

Share

ХИФУ Айылҕа билимигэр институтугар хотугу эрэгийиэннэр килиимэттэрин, экосистиэмэлэрин чинчийиигэ лабораториятын сэбиэдиссэйэ Күннэй Кириллина үнүбэрситиэт инникитин Саха сирин килиимэтигэр туох уларыйыылар тахсыахтарын сабаҕалыыр чинчийиилэри ыытыаҕын туһунан үнүбэрситиэт саайта кэпсиир.

— Дуоктар аатыгар киирсэргэ суруйбут үлэбэр Кэйо Үнүбэрситиэтин бэрэпиэссэрэ Ванглин Ян салалтатынан Саха сирин холобуругар киһи, сүөһү, кыыл-сүөл, килиимэт дьайыыларын түмүгэр ойуур баһаардара төһө кэминэн төһө сиргэ-уокка тахсыахтарын сөбүн чинчийбитим. Оскуола сааспыттан төрөөбүт Горнайым улууһугар килиимэт уларыйыытын чинчийиинэн дьарыктаммыт буоламмын, интэриэһиргиибин. Ол иһин докторскай үлэм кэнниттэн климатологиянан дьарыктанарга санаммытым.

Аспирантура кэмигэр чинчийии ыытарбар өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн сирин-уотун таһымыгар килиимэт уларыйыытын үөрэппитим. Оттон докторантура кэмигэр Саха сиригэр килиимэт уларыйыыта ойуур баһаардара элбээһинигэр туох оруоллаахтарын чинчийбитим. Билигин Саха сиригэр, быысаһа сытар эрэгийиэннэргэ уонна аан дойду хотугу дойдуларыгар килиимэт уларыйыыларын боппуруостарын кэлимник чинчийэ сылдьабын. Лаборатория үлэһиттэрин кытта биһиги өрөспүүбүлүкэ килиимэтигэр тахса турар аныгы уларыйыылар туохтан буолалларын төрүөттэрин, мэхэньиисимнэрин үөрэтэбит. Аныгы килиимэт барылларыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ килиимэтэ инникитин хайдах буолуон сөбүн сабаҕалыыр үлэни ыытыыны быйылгыттан саҕалыахпыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу түөрт түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Нам улууһугар Бүтэй…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Энэргиэтик күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Бүгүн Энэргиэтик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев энэргэтиичэскэй тиһик үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин…

25 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гаврил Алексеев: “Уот ситимэ арахсара аҕыйаата”

Элэктэриичэстибэ  уотуттан, ититииттэн биһиги олохпут быһаччы тутулук­таах. Онон, Саха сирин курдук тыйыс усулуобуйалаах дойдуга энэргиэтикэ …

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйигэ — дуобат күрэҕэ

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэс буолбут сылын аайы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-илин, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, киин оройуоннарга сорох сиринэн…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

13 часов ago