Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги, сахалар, туспутугар Ильмень күөлгэ хааннаах дьакыйыыга киһи киэн туттара туох да суох. Абалаах, хараастыылаах хара дьайдаах иэдээн (трагедия) этэ. Байыаннай салалта алҕаһа уонна бырастыы гыныллыбат эппиэтинэһэ. Туох да буруйа суох дьону, ханнык да көмүскэлэ, өйөбүлэ суох көрөн туран, ыраас мууска сүөһү курдук үүрэн киллэрэн буомба, сэнэрээт “аһылыга” оҥорбуттара. Хаарыан сүүһүнэн биир дойдулаахтарбыт суорума суолламмыттара.
Кинилэр сырдык дууһаларын Үрүҥ айыылар араҥаччылааннар, туруйа кыыл тыыннаан сылын аайы Сахаларын сирин халлааныгар турууктата көтүтэллэр. Тыыннаахтар, кэриэстээҥ, умнумаҥ диэн санаталлар.
Билигин, чуолаан Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө, хас биирдии саха ыала аймаҕа — саха саллаата, буойуна ханна харалла сытар сирин булар, онно тиийэн сүгүрүйэр кэмэ кэллэ. Биһиги ону оҥорботохпутуна, дьаһамматахпытына, ким ону оҥоруой? Биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр хаан тардыылаах кыттыгастаахтарын билиэх тустаахтар.
Итинник санаанан салайтаран көрдүүр-ирдиир (поисковай) этэрээт тэринэн Саха сириттэн тиийэн Ильмень күөл тулатыгар буойуннар кырамталарын хаһан таһааран ааттарын-суолларын чуолкайдыыр, көмүс уҥуохтарын чиэстээн-кэриэстээн тутар чахчы да патриот дьоннор бааллар. Бүгүн маннык махталлаах, ыарахан дьыаланы көҕүлээччи, тэрийээччи, өр сылларга анаан-минээн дьарыктанар, Ильмень тулатын олохтоохторо билэр, ытыктыыр, Саха сирин бэрэстэбиитэлин быһыытынан сыаналыыр киһилэрэ, Ньурба улууһун Түмүк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үтүөлээх энэргиэтигэ, бочуоттаах землеустроителэ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Ксенофонт Васильевич Васильев сэрии ыар тыынынан аҥылыйар бэлиэтээһиннэрин бэчээттиибит.
Ильмеҥҥэ суорума суолламмыттар суолларын хайан…
Ильмеҥҥэ дьоруойдуу охтубут 19‑с биригээдэ дьонун кырамталарын көрдүүр-ирдиир (поисковай) үлэ баахтатын тэрийэн ыыттыбыт. Саха сириттэн икки хамаанда сырытта. Барыта 14 киһи, онтон 5 — оҕо. Биир көмүүнү буллубут, хостоотубут. Уута бэрт, сорохторунан күһүн дьарыктаныахпыт.
Старай Руссаҕа барыта 46 көрдүүр-ирдиир этэрээт сааскы баахтаҕа Ретле, Устрека, Горка дэриэбинэлэр тастарыгар үлэлээтэ. Буойуннар кырамталара сүнньүнэн Ретле дэриэбинэҕэ көһүннэ. Онон 192 буойун кырамтата булулунна, 8 саллаат аата чуолкайданна, 3 буойун кырамтатын аймахтара кэлэн илдьэ бардылар. Булуллубут буойуннар кырамталарын ыам ыйын 7 күнүгэр чиэстээн, сүгүрүйэн Старай Руссаҕа хаттаан көмтүбүт.
Ханна көмүллүбүт буолуохтарай?
1943 сыл олунньу ый 23 күнүгэр Ильмень күөлгэ тимирбит, кытылыгар, дэриэбинэлэр тулаларыгар кыргыллыбыт буойуннарбытын суолларын хайаммын, Ретле дэриэбинэ тулатыгар үгүстэрэ көмүллүбүт буолуохтаахтар диэн түмүккэ кэлбитим. Онон көрдөөһүн үлэтин Ретле дэриэбинэ тулатыттан саҕалыахха сөп эбит диэн санаа олохсуйбута. Туохха олоҕуран итинник түмүк оҥоһулунна?
Былааннаммыт түүҥҥү кимэн киирии хара ааныттан сыысхалланан, болдьоҕун иннинэ саҕаламмыта. Сэрии хаамыытын өтө көрөн бэлэмнэнии үлэтэ кыайан ситэ ыытыллыбатах. Халлаан туруга, буойуннар туруктара, кыахтара болҕомто таһыгар хаалбыт. Түүҥҥү кимэн киирии эрдэ былааннаммыт сириттэн атын сиргэ, Ретле дэриэбинэтигэр (былааҥҥа Заднее Поле диэн ыйыллар) саҕаламмыт. 690 буойуннаах бастакы эшелон сарсыарда 7 чааска (былааҥҥа 3 чааска күөлү туораан, кимэн киириини 5 чааска саҕалыырга) күөлү этэҥҥэ туораабыта, Ретле дэриэбинэҕэ кимэн киирбитэ. Биригээдэ сүрүн күүһэ — иккис эшелон — эмиэ Ретле туһаайыытынан тахсан кэлбитэ да, кытыыга тиийбэккэ, күүстээх буомбалааһыҥҥа түбэспитэ.
Кинилэр халлаан сырдаабытын кэннэ эрэ бастакы эшелон Ретлеҕэ сэриилэһэ сылдьарын билбиттэрэ. Кинилэргэ көмө оҥороору 1‑кы батальону Ретле дэриэбинэ арҕаа өттүнэн эргийэ ыыппыттара. Туруору сыырдаах буолан, батальон сыыр үөһээ кыайан тахсыбатаҕа. 9 чаас утаата буомбалааһын саҕаламмыта. Ретле дэриэбинэни бастакы эшелон сэрииһиттэрэ бэйэлэрэ ылбыттара, сорохторо Горка дэриэбинэҕэ кимэн киириини саҕалаабыттара.
3‑с батальон Устрека туһаайыытынан сэриилэһэн саҕалаабыта. Салгыы Ретлеҕэ туһата суоҕунан, 1‑кы батальону Заднее Поле дэриэбинэни илин эҥээринэн эргийэн сэриилэһэригэр дьаһал бэриллибитэ. Батальон Ретле анныгар өрө-таҥнары саамыланар, онтон инники түһүнэр. Устреканы уонна Заднее Поле дэриэбинэлэри ааһыталыыр. Ити кэм тухары сөмөлүөттэр быыстала суох буомбалааһыннарыттан Ретле дэриэбинэ анныгар төһө киһитин сүтэрбитэ биллибэт.
3‑с батальон биир ротата буомбалааһыҥҥа Ретле туһаайыытыгар бастаан түбэспитэ (3‑с батальон иккис ротата Устреканы атаакалаабыта, үһүс ротата куорпус резервэтигэр баар этэ). 2‑с батальон Ретлени ылан, Горка дэриэбинэни сорох күүстэринэн атаакалыыр, ылар. Ол эрээри, өстөөх күүстээх кимэн киириититтэн төттөрү охсуллан, чугуйан, карьер сыырынан күөлгэ бытарыһан түспүттэрэ. Бу кэми 11 чаас саҕана буолуо диэн, саллааттар ахтыыларыгар олоҕуран быһаарабын. Карьер гавань сыырыттан 400‑кэ миэтэрэ ыраах сиргэ сытар. Псижа үрэх диэки туруору сыыра эмиэ 400‑кэ миэтэрэ тэйиччи. Ол кэнниттэн Псижа үрэххэ диэри 300‑кэ миэтэрэ устатыгар үрдэл боллурдар саҕаланаллар, сыыра улам намтаан барар.
2‑с батальоҥҥа чугас сылдьар 3‑с батальон ротатын
буомбалааһынтан ордубут саллааттара көмөҕө бэриллибиттэрэ. Ньиэмэстэр төттөрү охсуллубуттара. Киэһээ эмиэ чугуйуу буолбутугар, ити рота тобохторо карьерынан куоппут буолуохтаахтар. Бу 3‑с батальон ротатын күөл кытыытыгар охтубут саллааттарын ханна илдьэн көмпүттэрин ким да билбэт. Баҕар, чугас буомба, сэнэрээт дэлби тэппит оҥхойугар (воронка) буолуо, ол барыта бааһына буолан дэхсилэнэ сыттаҕа. Баҕар, Ретлеҕэ илдьибиттэрэ буолуо. Бааһырбыттары гавань диэки таскайдаабыт буолуохтаахтар. Кэлин карьер түбэтигэр тиксибит буойуннар өлүктэрин да гавань сыырынан таһаарбыттара дуу, диэн саныыбын. Бүрүөһүн билиитэлэрэ төһө да ылылыннар, сыыр син биир балайда үрдүк.
Үөһээ ырыппыппар олоҕуран, сэрии бүппүтүн кэннэ мууска сытар өлбүт буойуннары чугастыы Ретле аннынан баар сырыынньа дабайыылаах сиринэн (Екатерининская гавань) таһаарбыттарын сабаҕалыахха сөп. Бастакы эшелон бааһырбыт буойуннарын күнү быһа туруору сыыр анныгар хаххаҕа таспыттар. 3‑с батальон бааһырбыттарын эмиэ туруору сыыр хаххатыгар аҕалбыт буолуохтаахтар. Бааһырбыт буойуннары, үгүстэрин сыппыт сирдэригэр, түүн ньиэмэстэр кыдыйбыттара. Мууска уонна, бааһырбыт буойуннар сыыр аннынааҕы өлүктэрин эмиэ Ретле сырыынньа сыырынан үөһээ таһаарбыттарын сабаҕалыыбын.
Аны ууга тимирээһин Ретле дэриэбинэтин туһаайыытыттан 3 биэрэстэ курдук үөскэ буолбута. Ууга тимирбиттэр үөстэрэ тэстэн, дарбайан уу үрдүгэр тахсыбыттарын тыалга уста сылдьар муус халҕаһата эбэтэр тыал бэйэтэ тыаҕа таһаартаатаҕа. Саас тыал сүрүн хайысхатын хотугулуу-арҕаа диэн күнү-дьылы билгэлээччилэр метеосводкаҕа ыйаллар. Метеосводкаттан көрдөххө, үксэ хотуттан тыалырар. Оччотугар Ретле дэриэбинэ туһаайыытыгар элбэх өлүк тыаҕа тиксэн Ретле сырыынньа сыырынан үөһээ таһаарыллыбыт буолуохтаахтар. Онон үөһээ тахсан, сэриилэһэ сылдьан өлбүт буойуннары кытта, биригээдэ сыыры дабатан таһаарыллыбыт буойуннарын барыларын Ретле түбэтигэр көмүллүбүттэр диэн түмүк оҥоробун.
Иккис улахан бөлөх көмүү
Псижа үрэх икки кытыытынан долгун күөл кытылыгар таһаартаабыт буойуннара уонна 3‑с батальон иккис ротатын кыргыһа сылдьан өлбүт байыастара хайдах көмүллүбүттэрин туһунан. Былыр Новгород атыыһыттара Псижа үрэх Ильмеҥҥэ түһэр сиринэн туруору сыырыттан испиэскэ (известь) туруктаах билиитэлэри хостоон тутууга туһаммыттара биллэр. Кэлин олохтоохтор үрэх чугаһынан эмиэ тутууга туттаары билиитэ хостотолообут сирдэрэ Горка уонна Конечек дэриэбинэлэр тастарыгар оҥо хаһыллан сыталлар. Дириҥнэрэ 5 м кэриҥэ. Билиитэлэр хостонор сирдэрин үрүт буордарын чөмөхтөөн томтор оҥортообуттар. Ол томтордорун «курган» диэн ааттыыллар эбит. Устунан ити түбэни барытын Псижа үрэх икки эҥээрин билигин Курганнар диэн ааттыыллар. Бу сири кэлин холкуостар тэҥнээн оттуур сир, сороҕун бааһына быһыытынан туһаммыттар.
Устрека, Борисово олохтоохторо кэпсииллэринэн, күөл кытыытыгар таһаартаабыт буойуннар өлүктэрин ити түбэҕэ Курган оҥкучахтарыгар быраҕаттаан көмпүттэр үһү дэһэллэр. Ол гынан баран, дэриэбинэттэн аһара ырааппакка көмө сатаабыт буолуохтаахтар, баҕар оҥхойдорго (воронкаларга) буолуо дэһэллэр. Кэлин ол буойуннар өлүктэрин хостотолоон ылбыттара буолуо диэччилэр бааллар да, хостоон ылан атын сиргэ илдьэн көмпүттэрин туһунан ким да чуолкай билбэт. Хостообут буоллахтарына, булгуччу аак оҥоһуллар эбит. Хостообуттарын туһунан аак баара биллибэт. Хостотолоон баран ханна илдьэн көмпүттэрэ эмиэ биллибэт. Биир да докумуон көстө илик. Оттон кыһын өлбүттэри хомуйан ылан, Борисово таҥаратын дьиэтин таһынааҕы кылабыыһа таһыгар көмпүттэр. Ону кэлин хостообуттара диэн чуолкай билэллэр эбит да, ханна илдьэн көмпүттэрин эмиэ билбэттэр. Устрекаҕа Псижа үрэх түһэр сирин таһынан тобуктаан олорор буойун өйдөбүнньүгэ баар. Туруору сыыр үрдүгэр оҥоһуллубут, тулатыгар мас үүммүт. Старай Руссаҕа байаҥкамаакка былырыын сылдьан ыйыталаспытым. Олохтоохторго буойуннары көмпүт сирдэригэр бу өйдөбүнньүгү туппут буолуохтаахтар диэн кэпсээн баар. Хаһан, ким оҥорторбутун субу диэн билбэттэр.
Заднее поле дэриэбинэ билигин суох. Дьоно-сэргэтэ үксэ Устрекаҕа олороллор. Дэриэбинэ арҕаа эҥээрэ Устреканы кытта силбэһэн күдьүс биир дэриэбинэ буолан Устрека аатын сүгэн олорор. Бу дэриэбинэҕэ кыргыһыы буолбутун истибэппин, биир да саллаат ахтыытыгар түбэһэн ааҕа иликпин. Заднее поле дэриэбинэ кытылыгар долгун таһаарбыт өлбүт буойуннары олох сыыр үрдүгэр таһааран көмпүттэр. 1966 сыллаахха күөл халааннаабыт, сыыр сирэйин долгун сабыта сынньан сиҥнитэлээбит. Ол сиҥнибитигэр дьон уҥуоҕа көстөн кэлбиттэр. Барыта 16 буойун уҥуоҕа булуллубут. Олору Устрекаҕа үрдүк соҕус сыырдаах сиргэ көмөргө быһаарбыттар. Ити билигин ураһа быһыылаах өйдөбүнньүк сиригэр аҕалан көмөөрү иин хаспыттар. Хаспыт сирдэригэр дьон уҥуоҕа тахсан кэлбит, хостообуттар. Онтукайдара, Испания лүөччүктэрин көмпүттэр эбит.
Испанецтары ньиэмэстэр
көмүллэ сытар сирдэригэр илдьибиттэр үһү диэнтэн атыны кыайан быһаарбатым. Ииҥҥэ кыһыл армеецтары көмпүттэр. Борисово дэриэбинэ олохтоох Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Ивановна Перминова ону чуолкай билэр, ол иһин Ураһа өйдөбүнньүк миэстэтин кини ыйбыт. Ыйбыт эрэ буолуо дуо, туруулаһан туран турар сирин Саха сиригэр арыандаҕа бэриллэрин ситиспит. Кини Ретле түбэтигэр биригээдэ үгүс сүтүктэммитин туһунан оччолорго билбэт кэмэ. 19‑с биригээдэ Устрекаҕа эрэ кыргыллыбыт диэн өйдөбүллээх этэ. Киниэхэ кэпсээччилэрэ Н. Г. Калачев, Е. И. Демешев — Устрека олохтоохторо, ол саҕана оҕо саастарыгар сылдьар уолаттар. Валентина Ивановна кэлин, миигин кытта алтыһыаҕыттан эрэ, 19‑с биригээдэ үксэ Псижа үрэх уҥуоргу эҥээригэр кыргыллыбытын туһунан билэр.
Үһүс бөлөх көмүү — Залог түбэтигэр
Бу Залог диэн ааттанар сир Заднее поле дэриэбинэ илин эҥээригэр баар. Залог туһаайыытынан Ильмень күөл намыһах соҕус сыырдаах буолан, саас күөл сотору-сотору халаанныыр сирэ. Уу сыыры саба халыйан тахсан бэрт киэҥ сиринэн Большое Учно диэн дэриэбинэҕэ тиийэ ылар түбэтин күөл диэки эҥээрин Залог диэн ааттыыллар. Бу сиргэ 1‑кы батальон Ретле дэриэбинэттэн 5–6 биэрэстэ сири күөлү кытыылаан, буомбалана-буомбалана сэриилэһэ тиийэн кэлбит сирэ. Ол үлтү буомбалана иһэн, төһө киһитин ханна аара хаалларбыта, сүтэрбитэ биллибэт. Залог түбэтигэр тахсан Заднее Поле кэннинэн эргийэн, Устреканы атаакалыахтаах этэ. Кыайтарбатаҕа. Үгүстэр Залог түбэтигэр көмүллүбүттэр диэн суруллаллар. Ханна, хайдах, хаһан көмпүттэрин туһунан билэр олохтоох киһини кыайан көрсүбэтим, 1‑кы батальон сүтүгүн барытын бу Залогка өлбүт диэн да суруйбут буолуохтарын сөп эбит. Испииһэги «Долина» көрдүүр-ирдиир этэрээт испииһэктээбитинэн байаҥкамаакка сурулла сылдьаллар. Билигин Залог түбэтэ сороҕо бааһына буолан туһаныллыбыт, үксэ оттуур сир быһыылаах. Син туһаныллар буолан, талах саба үүнэ илик. Көмүллүбүт сирдэрин булан көһөрбүттэрин туһунан олох истэ да, ааҕа да иликпин. Арааһа, суох буолуо диэн сабаҕалыыбын.
Залог түбэтин сирин араҥатын туругун чинчийэ илик буолан, испиэскэ (известь) билиитэлээҕин-суоҕун этэр кыаҕым суох. Хаар халыҥын учуоттаан, син биир улахан оҥхойдорго (воронкаларга) көмүллүбүттэрэ дуу, диэн сабаҕалыыбын эрэ. Манна чугас дэриэбинэ суох, сирэ тэҥ налыы, онон буоллаҕына, байыастары ким хайа воронкаҕа чугаһынан, соскойдообут буолуохтаахтар.
Ксенофонт Васильев, Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтэ.
(Салгыыта тахсыаҕа).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: