Буойуннар өлүктэрин, сытыйан-ымыйан дьаҥ-дьаһах туруо диэн кыһалҕаттан, ньиэмэстэр олохтоохтору үүрэн аҕалан көмтөрбүттэрэ чуолкайдаммыта. Биригээдэ чугуйаатын кытта, өлбүт саллааттары хомуйан көмүүнү саҕалаабыттар.
Ол аата, кыһын өлбүт саллааттар бөлөх-бөлөх көмүллүбүт буолуохтаахтар. Оҥхойго (воронкаҕа) төһө өлүк киирэринэн, эбэтэр билиитэ хостоммут оҥкучахтарыгар. Оттон сааскылары? Кэлин, күөл кытыытыгар тиксибит саллааттары утары көмөн испиттэр. Ханна? Ыраах илдьибиттэрэ буолуо дуо? Ретлени бастаан күөлтэн утары атаакалаабыттар да, кыайан ылбатахтар этэ. Онтон илин эҥээринэн эргийэн ылбыттар. Мин сабаҕалыырбынан, 9–10 чаас диэки буолуо.
Ретле хоту эҥээригэр биир көмүү баарын буланнар хостообуттар. Элбэх киһи этэ дииллэр. Булуллубут сири чинчийэн көрдөххө, дэриэбинэ олох кытыытыгар хотугулуу-илин. Дэриэбинэ күөлтэн 200 миэтэрэ тэйиччи. Билигин Вишневая диэн ааттаах уулуссаны дьиэлэр икки өттүнэн сэлэлээн турбуттар. Дэриэбинэ арҕаа өттүгэр хоту эҥээригэр үүт тутар, астыыр сир дьиэтэ турбут, арыый тэйиччи Псижа үрэх туруору сыырыгар уулусса соҕуруу эҥээригэр уһанар дьиэ баар. Иккиэн билигин да бааллар. Илин баһыгар, билигин Дачная диэн ааттаммыт гавань сыырын салҕыыта уулусса илин эҥээригэр лүөн үүнээйини үлтү сынньар гумно диэн дьиэ баара үһү, билигин ол суох. Гумноттан илин бурдук таттарар миэлиҥсэ турбутун кэпсииллэр. Гумноттан Псижа үрэх диэки чугаһаан бурдук харайар ыскылаат баар эбит. Бу ыскылааттан салгыы фашистар 100 мм-дээх батареялара турбут. Артиллеристар блиндажтара Псижа үрэх сыырын үрдүгэр баар эбит. Блиндажтарын үрдүгэр кэлин мас саба үүммүт, кыайан чинчиллибэтэ. Батарея турбут сиригэр хатыылаах боробулуоханан хайыммыттара билигин да тардыллан турар, бэл ньиэмэстэр ыйаталаан кэбиспит кэнсиэрбэлэрин бааҥкалара кытта тураллар.
Батарея турбут сириттэн биһиги 82 мм-дээх батальоннай миномет эстибит миинэтин тобоҕун булан ыллыбыт. Сэрии кэнниттэн оҕолор сэнэрээттээх дьааһыгы булан ылбыттарын Валерий Викторович Кондратьев кэпсээбитэ. Биһиги бу түбэни чинчийэн көрдүбүт. Сэрии кэннэ бааһына буолан хаалбыт, онон көннөрү тимир бөҕө көстөн мэһэй-таһай буоллулар. Ньиэмэстэр 1944 сыл тохсунньутугар диэри бөҕөргөтүнүүлэрин тута сыппыттар. Онон батарея турбут сирин таһыгар кыһыл армеецтары көмтөрбөтөхтөрө буолуо диэн сабаҕалыыбын.
Кэлин гумно — бурдук ыскылаатын кыбартаалыгар даачалар олохсуйбуттар, дачниктартан көҥүлэ суох буоламмыт, кыайан чинчиллибэтэ. Бу этэр кыбартаалбытыгар били холуодьастаах киһибит учаастага баар. Тулата барыта даача учаастактара. Ити учаастактары чинчийэн көрөр киһи тугу эмэ булуо эбитэ дуу, диэн сэрэйэбин. Биир учаастак хаһаайкатыттан боруобалаан ыйытан көрбүппүн сөбүлэспэтэ. Туох да иһин хастарбаппын диэн турда. Сатаатар, прибордарынан чинчийэн көрүөхпүтүн көҥүллээ диирбин ылыммата. Даачатын дьиэтэ тутуута улаханыттан, сиэдэрэйиттэн көрдөххө, аныгы биир баай киһи быһыылаах. Харчы хаҥатынар эрэ туһугар сылдьар баай киһи өйө-санаата атын буоллаҕа. Урут да оннук этэ, билигин да оннук, бу ону туоһулуур биир холобур. Күһүн кэллэхпитинэ хайа буолар, атын дачниктар чинчийэри көҥүллүүллэрэ дуу, суоҕа дуу. Хайаан даҕаны бу даачалар турар сирдэринэн көмүү баар буолуохтаах диэбит санаабын булгуруппаппын.
Күөл кытыыта үрдүк сир, онтон дэриэбинэ диэки барыыга биллэр биллибэт хотооллоох. Мэлдьи саппыкы оһун ортотунан уулаах буолааччы. Оҕонньоттор инчэҕэй хотоол сиргэ көмтөрбөтөхтөрө буолуо, ол иһин уу ылбат үрдүк сиргэ, дэриэбинэ кытыытыгар аҕаллахтара. Хотоол сиргэ көмүү суох буолуо диэн сабаҕалыыбын. Дэриэбинэ кытыытыгар сорох сиринэн билиитэтэ тэйиччи, миэтэрэттэн ордук сирдэр бааллар. 1–2 м уһуннаах щуп түгэҕэр тиийбэт сирдэр бааллар. Мин өссө 2018 сыллаахха Смыслов Дмитрий Ивановичтыын кэпсэтэ сылдьаммын: ”Ханна көмүллүбүттэрин билэҕин дуо?” — диэн ыйыталаспытым. Дмитрий Иванович: “Билигин Питергэ олорор биир киһи, дэриэбинэ кытыытыгар талахтар быыстарыгар воронка баар, онно көмүү баар, диир этэ”, — диэбиттээх. Ону мин, ол киһи кэллэҕинэ сирин көрөн бэлиэтээн кэбиһээр диэн үлэспитим. Смыслов сөбүлэспитэ.
Талахтар быыстарыгар өссө биир воронка баар үһү диэн Питербит киһитэ кэлин эбии эппит. Ол Питербит киһитин кытта болдьоһон көрсүөх буолан сылдьыбыппыт баара, ковид ыарыы бастаан күннүүрүгэр хаптаран, өлөн хаалбыт этэ. 2020 сыллаахха Ретлеҕэ сэргэ туруорарым саҕана, күһүн 2022 сыллаахха да Смыслов кыайан кэлбэтэҕэ. Онтон дьэ, 2023 сыллаахха олунньуга көрсүбүппүт. Киһим уолун илдьэ сылдьара, ыарытыйар буоллум диэбитэ. Быһа холуйан, ити талах быыһыгар буолуохтаах диэн ыйбыта. Иккис воронканы билбэппин диэтэ. Күһүн 2023 сыллаахха эрдэ кэлэммин талахтаах сирбин щубунан тэһитэ кэйиэлээн эрэспиэккэлии сылдьыбытым. Талахтаах сир хаһаайына кэлэн талаҕын солоон ыраастыы сылдьара. Кэпсэппиппит. Дьиэтин тутуохтаах сирин щубунан дьаныһан туран кэйиэлээбитим. Учаастагар биир сири бу быһыылаах диэн уорбалаабытым. 2024 сыл саас кэлэн хаһан көрүөхпүт диэн сэрэппитим. Киһим, аата Илья, сөбүлэспитэ. Сэрэйбитим курдук, Илья уһаайбатыттан көмүүнү буллубут. Күһүн ситэри үлэлиирбитин Илья утарыласпата.
Эрэспиэккэлиирим саҕана Волков Александр Владимирович диэн дачнигы кытта билсибитим. Ол киһи биир табаарыһа уһаайбаҕа холуодьас хаһаары дьон уҥуоҕар түбэспит этэ. Онтун төттөрү көмөн кэбиспитэ диэн кэпсээбитэ. Мин И. Г. Туманы Старай Руссаттан ыҥыран ылбытым, булбут сирбин көрдөрбүтүм, ону кини воронка бу быһыылаах диэн атын сири ыйбыта. Өссө ханна эрэ аны биир воронка баар буолуохтаах диибин. “Ол воронканы көрдүүргэ саас кэлиэххэ наада, билигин ото бэрт, тугу да булуоҥ суоҕа”, — диир Тума. Ежевика отон талаҕа киһи кыайан хаампат курдук ииччэх-бааччах үүммүт этэ. Ежевика мин түөһүм тылыгар диэри уһуннаах, биһиэхэ үүнэр үөрэ отугар майгынныыр сэппэрээктиҥи, тор курдук үүнээйи уонна да атын от бөҕө үүммүтэ сылдьарга ыарахан этэ. Ежевика уга атахпар эриллэн сотору-сотору охтобун. Мин баҕа санаам көрдүүр үлэбитин субу мантан саҕалыырбыт буоллар диэн этэ, ол иһин хатыһан тураммын өссө иккис күн көрдөөтүм да, субу ээ диэн булбатым. Моркина Нина Алексеевна көмөтүнэн холуодьастаах
хаһаайын өлбүтүн билбитим, оҕолоро биирэ Москваҕа, биирэ Питергэ үһүлэр, хаһан эмит Ретлеҕэ охсуллан ааһаллар диэн буолла. Тума холуодьаһы бэркэ сэргээбитэ. Хаһаайынын булан кэпсэтэн “ээх” дэттэхпитинэ, үлэни мантан да саҕалыахпытын сөп диэн Тума ээҕин ылбытым. Хаһаайыттарбыт көстүбэтилэр. Мин Сунтаардарым Питертэн хоҥуннубут дэстилэр. Ыксаатыбыт. Бүтэһигэр Бучацкайдыын эҥин сүбэлэһэн баран, саас кэлэр ордук буолууһу диэн быһаардыбыт.
Ньиэмэстэр өлбүт саллааттары көмөргө чугас сытар дэриэбинэлэр олохтоохторун үүрэн аҕалтаабыттар. Дэриэбинэлэр үлэни кыайар олохтоохторун барыларын Прибалтикаҕа уонна Германияҕа үүрэн илдьитэлээбиттэр үһү. Онон биһиги дьоммут кыргыллар кэмнэригэр кинилэр суохтар. 10–13 саастаах оҕолор, оҕонньоттор уонна эмээхситтэр эрэ хаалбыттар. Устрека олохтооҕо, оччолорго 12‑гэр сылдьар «Баба Катя» кэпсиир: “Кыһын, сэрии кэнниттэн сарсыныгар, биһигини, оҕолору, үүрэн аҕалтаабыттара. Өлбүт саллааттары салааскаҕа тиэйэн илдьитэлээбиппит. Ханна көмүллүбүттэрин өйдөөбөппүн, салааскаҕа соһорбутун эрэ өйдүүбүн”, — диир.
Эмиэ итиннэ майгынныырдыы, саас күөл кытыытыгар тахсыбыт өлүктэри хомуйууга сылдьыспыт, билигин дьүлэй буолан хаалбыт Тяполкина (Щепокина) Любовь Михайловналыын (оччолорго 10 саастаах) үөгүлэһэн кэпсэппиппит. Ханнатын кыайан эппэт, үрдүттэн «кургаҥҥа» эрэ диэхтиир. Арыый кыаналлара, биһигини кытта барса сылдьыбыт, билигин 85 саастаах
Алексеева (Демешева) Анна Александровна дьон кэпсээнин истибитигэр олоҕуран, “бу түбэҕэ” диэн Курган түбэтин ыйан көрдөрөр, “баҕар, Конечек таһын диэки «разработкаларга» буолуо” диир. Көмөллөрүгэр тас таҥаһа суох көмпүттэр үһү диэн кэпсиир. Кэпсэтэ туран: таҥаһа суох, ол аата медальона суох буолуохтаахтар, диэн санаа киирэр.
Ретлеҕэ итинник кэпсэтии бу ааспыт алта сыл устатыгар эмиэ буолуталаабыта. Киһи бары тугу билэллэрин кэпсээн биэрэллэр. Сорохтор өссө хомуруйаллар. Саатар сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр кэлбиккит буоллар, ол киһи билэр этэ, бу киһи билэр этэ, олор бары өлөн хаалбыттара дэһэллэр. Кинилэр бу курдук кэпсииллэр этэ диэн тугу истибиттэрин кэпсииллэр. Бу манна олохтоохтор биригээдэ барыта саха дьоно үһү диэн өйдөбүллээхтэр эбит. Суох, оннук буолбатах, атыттар эмиэ бааллар диэтэхпинэ, миигин итэҕэйбэтэхтии көрөллөр, соруйан эппиэттэн куотунар дуу, хайдах дуу, диэбиттии тутталлар-хапталлар. Мин утары тугу этээхтиэхпиний, суох буоллаҕа дии. Бүтүн Саха сирин аатыттан сылдьар киһи курдук көстөн эрдэҕим. Кэлин ол кэпсэппит дьоннорум миигин тута билэллэр, үөрэ көрсөллөр, хайа тугу эбии биллиҥ диэн ыйыталаһаллар. Мин ону сорохторун умнан кэбиспиппин да буоллар, умнубатах курдук салгыы кэпсэтиини ыыта сатыыбын, тугу билбиппин арааппардаан үөрдүтэлиибин. Баҕар бэйэ бэйэлэриттэн да истиһэллэрэ буолуо ээ, чахчы урут кэпсэтэн да көрбөтөх киһим буолуо. Кинилэргэ сотору-сотору кэлэр, мэлдьи токкоолоһон тахсааччы мин эрэ буоллаҕым. Мин сүрүн боппуруостарым барыта биир эбээт. Ханна көмпүттэрэ буолуой? Кытылтан төһө тэйиппиттэрэ буолуой? Уопсай иин хаспыттара буолуо дуо? Ньиэмэстэр окуопаларыгар быраҕаталыахтара дуо? Буомба, сэнэрээт дэлби тэппит воронкаларыгар үҥүлүппүттэрэ дуу?
Ретлеҕэ Моркина Нина Алексеевна 1946 с. т., Дадайкин Виктор Семенович 1939 с. т., Кудрина Галина Викторовна 1941 с. т., Савушкина (Сишкова) Алевтина Анатольевна 1954 с. т., Кондратьев Валерий Викторович 1963 с. т., Бурегигэ 96 саастаах Матвеев Алексей Иванович, 75 саастаах Ячейкин Игорь Михайлович, онтон да атыттары кытта көрсүтэлээн кэпсэтэлээбитим.
Ретлеҕэ сахалары үйэтитэн «Якутский колодец» — сахалар уу ылар сирдэрэ үһү, «Якутская тропа» уу ылалларыгар кэлэн-баран ыллык оҥостубут сирдэрэ олохтоох дьон өйдөрүгэр хаалан хаалбыт бэлиэ сирдээхтэр. Киһи бары сэрии саҕаттан якуты диэн билэллэр, оннук дойдуга кэлэн сылдьабыт. 19‑с биригээдэҕэ атын да сирдэртэн кэлэн сэриилэһэ сылдьан өллөхтөрө, ол гынан баран, биир дойдулаахтара бу түбэҕэ кэлэллэрэ-бараллара иһиллибэт. Саха сириттэн эрэ сылдьар курдукпут. Бу түбэҕэ Саха сириттэн кэлбити барыбытын өлбүт саллааттар аймахтара буолуо дии саныыллар, ол курдук убаастаанытыктаан сыһыаннаһаллар.
Бүтүүтэ. Иннин манна аах.
Ксенофонт Васильев, Ньурба улууһа, Маар сэлиэнньэтэ.
Хаартысканы ааптар К. В. Васильев тиксэрдэ.
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…