Ким доҕордоох, ол дьоллоох…
Төрөөбүт түөлбэҕиттэн тэйдэххинэ, ийэҥ, аҕаҥ баар эрэ кэмигэр дойдубутугар барабыт диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оттон биһиги бүгүн иһирэхтик ахтар киһибит Сунтаар улууһун, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Изабелла Ильинична Дьокуускай куоракка көһөн олордор да, төрөөбүт, үлэлээбит улууһугар Сунтаарга мэлдьи баран дьүөгэлэрин кытары истиҥник көрсүһэн кэлэр.
Ол иһин киниэхэ «Ким доҕордоох, ол дьоллоох» диэн саха өһүн хоһооно саамай сөп түбэһэр. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторун кытары күн бүгүнүгэр диэри ыкса чугастык, иһирэхтик билсиһэ турар. Быйыл сайын Изабелла Ильинична 80 сааһын туолбута. Дьүөгэлэрин туһунан юбилейыгар анаан олус истиҥ кинигэни суруйбута, бу кинигэҕэ оскуолатааҕы дьүөгэлэрин суруйбута. Изабелла Ильинична бу күннэргэ дойдутугар тиийэн, Тойбохойго, Сунтаарга сырытта. Өссө бүгүн народнай суруйааччы Сайаны кытары көрсүһүүгэ, Сайа айымньыларынан суруллубут испэктээккэ бараары билиэт атыыласпыт.
Бэҕэһээ суруйааччы Леонид Попов аатынан киин библиотека үлэһиттэрин тэрийиитинэн быйыл сайын бэчээттэммит «Женские истории» кинигэтин сүрэхтээһинэ олус тэрээһиннээхтик ыытылынна. Аттыбытыгар сылдьар бэйэбит биир дойдулаахтарбытын олус да истиҥник суруйбут диэн сунтаардар астыннылар.
Изабелла Ильинична дьүөгэлэрин көрсөн, дойдутун салгынын астына тыынан, тапталлаах куоратыгар кэлиэ.
Марта Николаева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: