Салгыы
Ким этиэ, быһаарыа эбитэ буолла?

Ким этиэ, быһаарыа эбитэ буолла?

18.03.2024, 19:00
Бөлөххө киир:

Бырааһынньыктар ахсааннара арыый аҕыйаан, дьэ нус-хас буолан эрэр курдукпут. Онон, бириэмэлээх оҕонньор сытан эрэ бассааппын* (*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России) хаһабын. “Бассаап* куолута элбэх, барытын ыраас мууска ылан иһимэ, ньиэрбэҕин харыстаа”, – диэн улахан сиэннэр санныбын таптайа-таптайа мичээрдээн кэбиһээччилэр. Били “аны чоппууска үөрэтэр” дииллэриттэн мин өһүргэммэппин – аныгы оҕолорбут өйдөрө-санаалара сытыы, толкуйдууллара оруннаах ээ. Били, кулун тутар 1 күнүттэн бассаап* сүтэр диэн “хобуоччулааннар”, сүрэҕим ытырбахтаан ылбыта ээ. Дьыбаан киэргэлэ оҕонньор тэһийбэккэ өлүөм этэ буоллаҕа. Хата ол сибээспит сүппэккэ, холкутуйдум, санаатым да бассааппын* хаһабын.

Арай ол сытан улаханнык ытыктыыр киһим, били Африканович барахсан балыыһаҕа киирбитин көрөн олус соһуйдум. Ол да буоллар, дьоруой ханна баҕарар дьоруой эбит! Балыыһаҕа торуоскалаах да турдар, биир этээскэ сытар дьонун түмэн, ылбаҕай ырыатын бэлэхтээбитэ эчи долгутуулааҕын! Куолаһа бу маанытын, көрүҥэ да дьоһуннааҕын! Биир бэйэм олус астынным.

Итинтэн сиэттэрэн биир уруккуттан мунаарар дьыалабын санаан кэллим.

Ити куораппыт киин уулуссалара аспаалламмыттара, сатыы сылдьар киһи суола кэҥээбитэ харахха быраҕыллар. Сайын ардахтаах кэмтэн ураты күннэргэ үчүгэйэ сүрдээх. Оттон бу күһүн, саас, күн-дьыл уларыйар кэмигэр дьэ, Таал-таал эмээхсинтэн итэҕэһэ суох дьон буолабыт. Ити кыһыллыҥы эбэтэр сиэрэйдиҥи өҥнөөх араас билиитэлэри кыһын тоҕо ыраастаан сордоноллоруй? Үлэ бөҕөҕө түһэн, хаарын үнтү көйөн ыраастаан кэбиһэллэрэ¸төттөрүтүн, олус халтархай ээ. Онтон сааска диэри хаарынан бүрүллэн сытара тоҕо сатамматый? Тоҥоруттан үлтүрүйүө буоллаҕай? Дьэ, итинник суолга элбэх оҕо, дьахтар, кырдьаҕас бу иннибэр таралыс гына түһэллэрин олус элбэхтик көрөбүн. Сорохтор охтон баран тэбэнэ түһэн баран элэс гынан хаалаллар, сорохтор кыайан да турбакка, халтырыыскалыы “оонньуу” сыталлар ээ. Уҥуоҕа-иҥиэҕэ кэбирээбит кырдьаҕас итиннэ тугун эрэ син биир эчэтэр. Быраастар халтараан кэмигэр балыыһаҕа хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи онтун-мантын тоһутан киирэр дииллэрин итэҕэйэбин. Онтон чопчу итинник билиитэлэргэ охтон эчэйбит киһи ахсаанын туһунан туох эмэ ыстатыыстыка баара буолуо дуо? Оннук сыыппаралары үөрэтэн баран, билиитэлэри хаартан ыраастыыр-ыраастаабат туһунан туох эрэ быһаарыы ылыа эбиттэрэ дуу?

Мин, кырдьаҕас киһи этэрим оруннааҕын бигэргэппиттии, сорох сирдэргэ ити син киэҥ сиринэн тайаан сытар билиитэлэрбитин биир өттүн хаартан ыраастыыллар, биир өттүн хаарынан хааллараллар ээ. Ол аата ким хайа өттүнэн хаамарын бэйэтэ талар диэбит курдук. Били “уҥа өттүнэн бардаххына – дьолгун таба тутуоҥ, хаҥас өттүнэн бардаххына – куруук хаҥас диэки ханньайыаҥ” диэн күлэ-оонньуу этэллэрин курдук. Дьэ, онон хайа өттүнэн баран, туоххун да эчэппэккэ тиийиэхтээх сиргэр этэҥҥэ кэлэриҥ бэйэҕиттэн тутулуктаах курдук. Оҕонньор, итинтэн арыт күлэ, сонньуйа саныыбын да, балыыһа киһитэ буоларга өстөөххөр да баҕарбаккын!

Билигин эмиэ куораппытыгар хаары күргүөмүнэн ыраастааһын саҕаланна. Таарыччы ити билиитэ аспаалбытын эмиэ ыраастыыллар. Ол эрэн, син биир дьэ, халтархай. Барыта килэйэн, килэбэчийэн хаамарга олус сэрэхтээх буолла. Этэҥҥэ сырыттахха, кыһыммыт эмиэ эргиллэн кэлиэ турдаҕа, онтон ити билиитэлэри кыһын ыраастыыр тоҕо наадатын ким этиэ, быһаарыа эбитэ буолла?

(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: