Ким-Кимэн сиэнэ «Новая фабрика звезд» бырайыакка кытта сылдьар
Федеральнай ТНТ ханаалга «Новая фабрика звезд» диэн биэриигэ Саха сириттэн Анастасия Ким кытта сылдьар. Кини юрист, бэлиитик Александр Ким-Кимэн сиэнэ буолар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ биэрии бастакы чааһыгар Анастасия ыллаан, Сергей Шнуров хамаандатыгар киирдэ уонна салгыы кыттар. Биэрии ыытааччылара — биллэр шоуменнар Тимур Родригез уонна Регина Тодоренко.
Анастасия эһэтэ Александр Ким-Кимэн «ВКонтакте» социальнай ситимигэр сиэнин ситиһиититтэн үөрэн, суруйда. Сиэнин оҕо эрдэҕинээҕитин уонна дьиэ кэргэн хаартыскаларын угаттаабыт.
«Настена ыллыырын истэ илик этим, урут хаһан да ыллаабатаҕа уонна ырыаһыт карьератын тута федеральнай ханаалтан саҕалаата, Сергей Шнуров кинини бэйэтин хамаандатыгар ыҥырда. Ол онтон мин соһуйдум уонна олус үөрдүм. Сиэним ситиһиитинэн киэн туттабын уонна киниэхэ олус «ыалдьабын». Саха сирин олохтоохторун Анастасия Кимы өйүүргүтүгэр ыҥырабын», — диэн кини суруйда.
Кимнэр дьиэ кэргэттэрэ бары мустан, кыыстара ыллыырын тэлэбиисэринэн кэтээн көрбүттэр.
Кэлэр өрөбүлгэ аныгыскы биэриигэ Анастасия Ким иккис ырыатын истиэхпит. Ону тэҥэ, хас күн аайы сарсыарда 8 чааска «Фабрика звезд» күннүгүн көрүөххэ сөп.
Анастасия 21 саастаах, Москваҕа РАНХИГС университетын устудьуоҥката. Кини чахчы оскуолаҕа да ыллаабатах киһи, кастинг биллэрбиттэригэр, анкета толорон, ыллыырын устан баран, ыыппыт. ТНТ менеджерэ эрийбитигэр, кыыс соһуйан хаалбыт. Аан бастаан сыанаҕа тахсан, дьон иннигэр «Танцуй вопреки» диэн ырыаны Ева Власованы кытта ыллаабыт. Кыыс кыра эрдэҕиттэн ыра санаалаах эбит, ийэтигэр: «Мин биллэр киһи буолуоҕум, тэлэбиисэргэ көстүөҕүм», — диир эбит. «Билигин да итэҕэйэ иликпин, туох эрэ улахан, үчүгэй саҕаланан эрэрин сэрэйэбин», — диэн Анастасия этэр.
Санатар буоллахха, «Фабрика звезд» бырайыактан элбэх биллэр ырыаһыттар, артыыстар тахсыбыттара. Өр кэмҥэ тохтуу сылдьыбытын кэнниттэн, биэриини саҥаттан таһаарарга быһаарбыттар. Бу эдэр артыыстар дьоҥҥо биллэр-көстөр буолалларыгар, карьераларын саҕалыылларыгар далаһа буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: