“Кими да кэйбэтэҕэ, күрүөһүт этэ…”
Бэҕэһээ киэһэ хойут социальнай ситимнэринэн Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин олохтооҕо Дмитрий Горохов атыыр оҕуһу өлөрөн, биир дойдулаахтарыгар түҥэппитин туһунан сурах тарҕаммыта.
Бу төһө кырдьыгын билээри, бааһынай хаһаайыстыба баһылыгар Дмитрий Гороховка эрийэ сырыттыбыт:
— Кырдьык, бу түөрдүгэр барбыт атыыр оҕус дэлби күрүөһүттүүрүн иһин ыксаан, туттарга күһэлинним. Дьиҥэ, кими да кэйбэтэҕэ. Хайа, ити сурах тиийэ охсубут эбит дуу? Биир дойдулаахтарбар буор босхо түҥэттим. Оҕуспут этэ төһө ыйааһыннааҕын манна түбүк-садьык бөҕө буолан сылдьар буоламмын, ыйааһыннаабакка хаалбытым. «Спортивнай» интэриэскэ бэрэбиэркэлээн да көрүөх баар эбит. Чэ, буоллун. Оччолоох ороскуоту быйыл саас көрүстүм. Базам муус устарга умайан хаалбыта. Билигин бэйэм күүспүнэн улахан хотону тутта сылдьабын. Улуустан доҕотторум кэлэн көмөлөһө сылдьаллар, — диэтэ Дмитрий Дмитриевич.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: