Урут учуутал саҕа убаастанар, ытыктанар суоҕун кэриэтэ буолара. Былыр учуутал укаасканан оҕону охсуон, мөҕүөн да сөп буоллаҕына, кэм уларыйыаҕыттан билиҥҥи оҕо тэппини көрбөт. Учуутал куолаһын соноттоҕуна, айдаан тахсар. Оттон илиитинэн киирдэҕинэ, холуобунай дьыала тэриллэр…
Уус Алдан улууһугар физкултуура учуутала үөрэнээччилэригэр илиитинэн киирэрин туһунан сурах социальнай ситимҥэ тарҕаммыта. Ол курдук, 14-15 cаастаах уолаттары сутуругунан охсуолуур, кумааҕыны эрийэн баран, онон биэртэлиир эбит. Онон сибээстээн ИДьМ Уус Алданнааҕы салаата 29 саастаах учууталга РФ Холуобунай кодексатын 156 ыст. “Сааһын ситэ илик оҕолорго сөбө суох кырыктаахтык сыһыаннаһыы, учуутал эбээһинэһин толорбот буолуу” диэнинэн холуобунай дьыаланы тэрийбитэ. Учуутал оскуолаҕа үөрэнэр түөрт уолга оһуоба кырыктаахтык, куһаҕаннык сыһыаннаһар эбит. Кумааҕыны эрийэн баран, онон биэртэлиирин, сутуругунан охсуолуурун оҕолор тулуйа сатаан баран төрөппүттэригэр үҥсүбүттэр.
Уус Алдан улууһунааҕы сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар иниспиэксийэҕэ сибээскэ таҕыстым. Миигин кытта старшай иниспиэктэр Петр Степанов кэпсэттэ. Кини бу дьыаланан санаа үллэстэртэн аккаастанна.
Оҕолорго маннык хаҕыс сыһыан ханнык баҕарар оскуолаҕа, уһуйааҥҥа көстүөн сөп. Хомойуох иһин, бу иннинэ Дьокуускай куоракка коррекционнай оскуола үөрэнээччилэригэр үлэһиттэр хаҕыс сыһыаннарын туһунан иһиллибитэ. Бастакы кылааска үөрэнэр оҕону төбөҕө охсон, кылаастан үүрэн таһаарбыттар этэ. 2021 сыллаахха Уус Алдан улууһун Мындаабатааҕы интэринээт-оскуолатыгар 15 саастаах оҕолор бэйэлэринээҕэр кыра саастаах оҕолорго илиилэринэн киирбиттэрин туһунан айдаан тахса сылдьыбыттааҕа. Оҕолор таҥастарын былдьаан баран түүннэри испириис иннэтин оҕолор эттэригэр тэһитэ анньан муҥнууллар эбит, харчыларын былдьыыллар, куттууллар. Буруйдаах оҕолор сокуоннай саастарын ситэ иликтэринэн холуобунай дьыала тэриллибэтэҕэ. Оттон интэринээт-оскуола икки иитээччитэ үлэтиттэн уһуллубута. Маннык оҕо атаҕастаныылаах түгэннэр дойду үрдүнэн үгүстүк бэлиэтэнэллэр.
2019 сыллаахха Уус Алдан улууһугар оҕолор оскуола дириэктэригэр саба түспүттэрэ, улаханнык эчэппиттэрэ. Бу оҕолор быраабы араҥаччылыыр уорганнарга учуокка тураллара биллибитэ. Оҕоҕо илиинэн киирии сокуонунан бобуллар. 15-17 саастаах уолаттар, кыргыттар кыра саастарыттан төрөппүттэриттэн киһилии иитиини ылбатах буоллахтарына, уопсастыба эмсэҕэлиир. Кинилэр улахан дьонтон итэҕэһэ суох уһун уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ буолаллар. Айдаан таҕыстаҕына, кинилэр саастарын ситэ илик оҕолор буолаллар. Оттон оскуола кэтэҕэр тахсан табахтыырга, ардыгар аһыы да утаҕы амсайыыга, охсуһууга, ол-бу айдааҥҥа кинилэр бэйэлэрин улахан дьон курдук сананаллар. Ол эрээри сокуоннай саастарын ситэ иликтэринэн, кинилэр иннилэригэр төрөппүттэр эппиэтинэһи сүгэллэр.
Оҕону иитии үлэтин туһунан үгүс сэминээрдэр, кэпсэтиилэр ыытыллаллар. Ол эрээри улуустарга, киин куорат оскуолаларыгар бу үлэ ситэри ыытыллыбат дии саныыбын. Дьиэ кэргэни кытта ыкса үлэлэһии доҕолоҥнуур. Оҕо ханна, хайдах сылдьарын, кимнээҕи кытта бодоруһарын төрөппүт уонна кылаас салайааччыта билиэхтээх дии саныыбын. Маныаха сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар салаа оскуолаларга куруутун кэриэтэ сылдьыахтаах, сокуон хараҕынан бэрээдэги кэһии иһин туох эппиэтинэскэ тардылларын оҕолорго билиһиннэриэхтээх. Айдаан эрэ таҕыстаҕына хамсаныы туох да туһаны аҕалбат. Бастатан туран, иитии үлэтигэр улахан болҕомто ууруллуохтаах.
Ханнык да түгэҥҥэ улахан киһи оҕотооҕор олоххо көрүүтэ киэҥ, кини уопуттаах. Онон ситимнээн кини оҕону кытта уопсай тылы булууга бастакы хардыылары оҥоруохтаах. Бу учууталларга эрэ буолбакка, төрөппүттэргэ эмиэ сыһыаннаах. Билиҥҥи уопсастыбаҕа оҕо үлэҕэ сыстара ахсааннаах. Оҕо уруогуттан уонна дьарыгыттан соло булан дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөспөт буолбута ыраатта. Иллэҥ буолла да гаджекка, көмпүүтэргэ олорор. Оттон урут хайдах этэй? Бэһис кылаастан саҕалаан оҕолор тыаҕа мутук ыраастыы, уопсай хотоҥҥо даҥ кута, хаар түһэрэ үлэлии бараллара. Билигин оҕону үлэлэтии сокуонунан бобуллар. Дьиҥэр, аныгы да уопсастыбаҕа оҕо үлэлиэхтээх. Бу көлүөнэ кэлин олоҕу тутааччы сүрүн дьон буола үүнэрин өйдүөхтээхпит.
Оҕону билиҥҥи үйэҕэ төрөппүт эрэ көмүскэһэр. Төрөппүт оҕо иннигэр эппиэтинэһи сүгэр. Кини хайдах иитэн таһаарбытыттан оҕо уопсастыбаҕа дьайыыта улахан суолталаах. Ол эрээри оҕону сирэйэ-хараҕа суох ардыгар көмүскэһэн, абырыахтааҕар алдьатыахха сөп дииллэр аҕам саастаах мындыр дьон. Оҕо өйө-санаата ситэ илигинэн, көмүскэнэн бас-баттах барыан эмиэ сөп. Ол эрээри араас түгэн эмиэ баар. Була сатаан атаҕастааһыҥҥа төрөппүт хайаан да орооһуохтаах. Оҕо сылдьар эйгэтэ баһа-атаҕа биллэр. Дьиэтэ, оскуолата уонна дьарыга. Төрөппүт бу үс эйгэни кытаанахтык хонтуруоллуохтаах.
Валерия Гаврильева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Билиҥҥи оҕолор наһаа атаахтар, тугу да ыараханы үлэлээбэттэр. Мин учууталлары аһынабын. Оскуолаҕа араас оҕо элбэх. Оттон ити Уус Алдаҥҥа тахсыбыт быһылааны үчүгэйдик бэрэбиэркэлиэхтэрин наада.
Николай Иванов, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
– Иитии дьиэ иһиттэн тахсыахтаах. Билигин аҕа оруола уол оҕону иитиигэ олох намтаан турар. Уолаттарбыт үксэ кыыстыҥылар, ол бу омук ыччатын үтүктэллэр. Физкултуура уруога, байыаннай үөрэх оскуолаларга элбиэн наада. Уол оҕону кытаанахтык иитии эрэ киһи оҥорор.
Туйаара Васильева, СӨ оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунайа:
– Үөрэх эйгэтигэр сыһыаннаах биһиэхэ киирэр иһитиннэриилэр (статистика быһыытынан) сүрүн болҕомтону ылаллар, үксүн оскуолаларга тахсар быһылааннарга, иирсээннэргэ сыһыаннаахтар.
Учуутал уйулҕа да өттүнэн, илиитинэн даҕаны оҕоҕо киириэ суохтаах. Учуутал уонна үөрэнээччи икки ардыгар тахсар иирсээҥҥэ, улахан уонна олоххо уопуттаах киһи быһыытынан, оҕону киһи быһыытынан убаастаан туран мындырдык сыһыаннаһыахтаах. Кини сокуону кэһиэ суохтаах, өскөтүн, үөрэнээччи кини тылын истибэт да буоллаҕына, үөскээбит уустук боппуруостары педагог быһыытынан холкутук быһаарыахтаах. Саамай сүрүнэ, оҕо итэҕэлин уонна эрэлин түһэн биэриэ суохтаах, учуутал уонна үөрэнээччи икки ардынааҕы сыһыаны ыһыа суохтаах. Төрөппүт маннык түгэҥҥэ тугу гыныан сөбүй? Өскөтүн, оҕо төрөппүттэригэр үҥсэр, оскуолаҕа учууталтан сылтаан барыан баҕарбат буоллаҕына, төрөппүт оҕону истиэхтээх. Оҕо истириэһин, уйулҕа өттүнэн күүрүүтүн босхолуу сатыахтаах. Кылаас төрөппүттэрин кытта уопсай кэпсэтиини таһаарыахтаах. Ону сэргэ, оскуола дьаһалтатын кытта уонна учууталы кытта сирэй көрсөн кэпсэтиэхтээх. Өскөтүн, кыһалҕа быһаарыллыбатаҕына, төрөппүт оскуола дириэктэригэр дакаастабыллаах үҥсүү сурук киллэриэхтээх. Айдаан оскуола иһинэн быһаарыллыбатаҕына, үөрэх управлениетыгар, салгыы Үөрэх министиэристибэтигэр, борокуратуураҕа эбэтэр Оҕо быраабын көмүскүүр боломуочуйалаах аппараатыгар үҥсүөххэ сөп. Ол эрээри ханнык баҕарар кыыһырсыыны, айдааны официальнай үҥсүүгэ тиэрдибэккэ, эйэлээхтик кэпсэтэн быһаара сатыыр наада. Төрөппүттэр биири умнумуохтарын наада: оҕо учууталга убаастабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах, махталлаах буолуохтаах диэн иитии үлэтин эрдэттэн ыытыахтаахтар.
Сырыыбыт үһүс күнэ, ахсынньы 3 күнэ. Бу күн тустаах баһыылкалары, тиэрдиллиэхтээх сээкэйдэри сып-сап тиэнээт айаннаатыбыт.…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускайга байыаннай изоляторга тахсыбыт баһаарга суорума суолламмыт дьон дьиэ кэргэттэригэр…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үүнэр 2025 сылы Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Кини кэлэр сылга…
2024 сыл түмүгүн таһаарыы саҕаланна. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ 2018 сылга саҕалаабыт национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии түмүктэрин…
Ахсынньы 19 күнүгэр Бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин ахсынньы 20 күнүгэр дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ туһаайыллыбыт судаарыстыбаннай сэбиэт мунньаҕар…