Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ…
Уруккута Автодорожнай, билигин Михаил Николаев аатынан проспект биир эрэйи-муҥу көрбүт ыалын олоҕун билиһиннэрдэххэ.
Кураанаҕы кууһуу
Үс оҕолоох саха ыала Сэмиэнэптэр (биллэр төрүөтүнэн ааттара уларыйда – ред.) 2013 сыллаахха Ийэ хапытаалын туһананнар, Автодорожнай уулусса 3/3 №-дээх 4 кыбартыыралаах дьиэтигэр 39,7 кв. м иэннээх кыбартыыраны атыылаһан куорат ыала буолаллар. Ылалларын саҕана дьиэ ууга барбат, сылаас эбит. Онтон “Прометей” түөлбэ тутуута саҕаламмыт да, дьиэлэрин турар сирэ намтаан, уу мустар сирэ буолбут. 2015 сыллаахха “прометейдар”, учаастаккыт иһин эһиэхэ дьиэ биэрэбит диэн сибээстэһэ сылдьыбыттар. Ол сиргэ кинилэр дьиэлэрин таһынан, 8 кыбартыыралаах бараак баар эбит. Сыл курдук докумуон оҥорторуутугар сүүрбүттэрин кэннэ, 2016 сыллаахха “прометейдар” барыларын ыҥыран ылан, кэлэр нэдиэлэттэн күлүүстэргитин туттарыахпыт диэбиттэр. Бэнидиэнньиккэ тиийбиттэрин, “мэрия бопто, эһиги сиргитигэр туспа былааннаахтар эбит” диэн кэбиспиттэр. Ону кытта бүппүттэр.
Соһуччу көһөрүү
Ханна барыахтарай, сааһы, сайыны быһа киирэ турар ууларын хачайдыы-хачайдыы хааллахтара дии. 2020 сыллаахха олорор ыаллар кыттыһан, дьиэбит саахалланар туруктаах диэн докумуон оҥорторбуттар. Былаан быһыытынан, уочараттара 2024-2025 сыллар диэки кэлиэхтээх эбит. Эмиэ сындалҕаннаах кэтэһии саҕаланар.
– Былырыын сэтинньи 20 күнүн кэнниттэн Автодорожнай уокурук биһиги дьиэбитин саахалланар туруктаах, өрөмүөннээн да туһа суох диэн баран, эмискэ баҕайы “расселение” биллэрэн кэбиспитэ, – диир ыал ийэтэ Лина (аата уларыйда – ред.) – Ол иннинэ сэтинньи саҥатыгар СӨ киһи быраабыгар боломуочунайа Сардаана Гурьеваҕа Автодорожнай уокурук салайааччыта, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент бэрэстэбиитэлэ уонна мин киирэ сылдьыбыппыт. Быһаарсыахпыт диэн кэбиспиттэрэ. Оттон бу мунньах быһаарыытын хаһан-хантан ылабын диэбиппин, эппэтэхтэрэ. Ол кэнниттэн эмискэ кэлэн, Дежнев уулуссатын 83/1-дээх дьиэтигэр социальнай наймылаһыы курдук кыбартыыра биэрбиттэрэ. Департаментан кумааҕы ылан баран, биир сыл курдук олоруҥ диэбиттэрэ. Сардаана Гурьеваҕа киириэхпит иннинэ оруобуна бу дьиэҕэ Автодорожнай уокуруктар олоруҥ дии сылдьыбыттара, ону көрөн баран дьааххаммытым. Тоҕо диэтэххэ, ыллыҥ да бүттүҥ, үйэҥ тухары манна хаалан хаалыаҥ диэн санаа баһыйбыта. Саахалланар дьиэҕэ олорооччулар бары кыбартыыраҕа көһөллөр, тоҕо мин иннэ-кэннэ биллибэт маневреннай дьиэҕэ киириэхтээхпиний. Ол эрээри тымныы түспүтүн кэннэ, оҕолор ыалдьан барбыттарыгар хайыахпыный, сөбүлэстэҕим дии”.
Лина элбэх оҕолооҕунан учаастак ылар толору бырааптаах киһи буолар. Оҕолор бу сыллар тухары улааттахтара дии: кыра кыыс оскуолаҕа үөрэнэр. Улахан кыыс үлэлиир, орто кыыс
устудьуон, сиэнэ 5 саастаах.
Лина үс оҕотун, сиэнин кытта ол маневреннай дьиэлэригэр олорбуттара иккис сылларыгар барда. Сэрэйбитин курдук, хааһыта өссө хойдон барбыт. Дьиэбититтэн тахсан бардыбыт да, олох да туга да суох хаалыахпыт диэн, Лина саас Николаев проспегар (урукку Автодорожнай) баар дьиэтигэр төннөр санаалаах кыстаабыта. Таһааралларыгар, саас дьиэбитигэр төннөбүт диэбиттэрин, сөбүлэспиттэр эбит. Ол эрээри ким да олорбот дьиэтэ диэн, саас кулун тутарга уоттарын быһан кэбиспиттэр этэ.
“Уоппун бэйэбэр холбоппутум. Дьиэм үрдэ сиигирэн сууллан эрэр, күһүн олорботох буоламмыт, уутун кыайан хачайдаабатахпыт, онон ааным аһыллыбаттыы хам тоҥон турар. Арааһа, дьиэбэр олордохпуна эрэ билинииһилэр, тоҕо эрэ ханнык да тэрилтэ докумуонугар суохпут”, – диэн кини дьиксинэрин биллэрэр.
Сүппүт дьоннор, докумуоннар
Былырыын Автодорожнай уокурук Дежнев уулуссатыгар биир дьиэҕэ ыытарыгар, маннык аадырыстаах дьиэҕэ “расселениеҕа” бараҕыт диэн туох да докумуон биэрбэтэх, департаментан тиийэн ылаҕыт эрэ диэбит. Дежневка олордохторуна, биир “үтүө” күн “Энергосбыт” үлэһиттэрэ кэлэн, ким да олорбот дьиэтэ диэн баран счетчиктарын бэчээттээн кэбиспиттэр. Эбэтэр маннык ааттаах дьон маннык аадырыска олоробут диэн департаментан туоһулуур кумааҕыта аҕалыҥ диэбиттэр. Лина тиийэн, олороллорун туоһулуур докумуону көрдөөбүтүгэр, олох да “эһиги кимнээхтэргитий?” диэбиттэр. Инньэ гынан, билигин ол маневреннай дьиэлэригэр олороллоро да ыараабыт. Эбиитин улахан суумаҕа уокка иэстээҕэ биллибит.
“Дьэ итинник, хайа да тэрилтэҕэ баарбыт туһунан иһитиннэрии суох буоллаҕына, ким биһиэхэ кыһаллыай, – диир Лина. – Көһөртөөтүбүт да, һуу диэтэхтэрэ дии. Билигин ол биһиги дьиэбит кэннигэр баар бараак аттыгар биир дьиэни тутан таһааран эрэллэр. Ол тутулла турар дьиэлэри көрө-көрө, эһигини көһөртөөбүттэрин быһыытынан, олох да дьиэтэ суох хаалларыахтарын сөп дииллэр. Ол иһин төттөрү Автодорожнайбар тиийэн олорууһукпун диэн санааҕа киирдим.
2019 сыллаахха оччотооҕу куорат баһылыгар Сардаана Авксентьеваҕа сурук суруйа сылдьыбыппыт, онно “до конца 2025 г. принять меры” диэн хоруйдаабыта. 2020 сыллаахха хамыыһыйа кэлэн көрөн баран, “саахалланар туруктааҕынан билинэн, көтүрүллүөхтээх” диэн суруйбут этэ, чинчийбит аакталарын департаментан ылбытым. Ол саҕана, 2025 сыллаахха көһөрүллэрбит туһунан испииһэккэ баар этибит.
Арай бу соторутааҕыта ыалым дьахтар департаментан тиийэн ыйыппытын, “2020 сыллаахха эһиги дьиэҕит сааххалланар туруктааҕын, 2025 сылга көһөрүллүүгэ барыахтааххыт туһунан ханнык да докумуоннар суохтар, испииһэккэ эмиэ суоххут” диэбиттэр.
Сиртэн кытта матарбыттар
Лина элбэх оҕолооҕунан учаастак ылар толору бырааптаах киһи буолар. Оҕолор бу сыллар тухары улааттахтара дии: кыра кыыс оскуолаҕа үөрэнэр. Улахан кыыс үлэлиир, орто кыыс устудьуон, сиэнэ 5 саастаах.
– Элбэх оҕолооххутунан сир көрүллүбүтэ дуо?
– Уочаракка 2012 сылтан турабын. Хас тиийдэҕим, хас эрийдэҕим аайы, кэтэһиҥ дииллэр. Былырыын тыһыынча хаһыс эрэ нүөмэр этим. “Эн эһиил олох ылаҕын” диэбиттэрэ үһүс сыла буолла. Хас эрэ киһиэхэ сэрэбиэйдэһии буолбут үһү диэни бүппүтүн кэннэ биирдэ истэбин.
Ууга барартан наһаа сылайан, саатар сирдэ биэриҥ, хаптаһын дьиэ да туттан олоруом диибин. Оччоҕо онно эмиэ туспа докумуоннарда хомуй дииллэр. Дьиҥэр, дьиэм сааххалланар туруктаах диэн докумуон баар эбээт, тоҕо оччоҕо үрүт үөһэ хомуйтараллар? Саамай кыһыыта диэн, сурах ыыппыттар, миигин “Звезднай” түөлбэҕэ олоруон баҕарбат, бэйэтэ аккаастанар диэн. Хайдах оннук буолуой. Сааххаланар туруктаах дьиэҕэ олорор дьону барыларын киһилии кыбартыыраҕа көһөрөллөр, мин баара-суоҕа ол бырааппын туруулаһабын.
САНАА
Петр Попов, Автодорожнай уокурук салайааччыта:
– Биһиги Линаҕа иккитэ – Лонгинов уулуссатыгар уонна Көтөр баабырыкатын түөлбэтигэр баар маневреннай дьиэлэргэ биэрэ сатаабыппыт. Ол дьиэлэри аккаастаабыта, аккаастаабыт аактата баар. Оттон атын дьиэлэрбит суох, көмөлөһө сатаабыппыт бэйэбит кыахпытынан.
ХААРТЫСКА: СИА СААЙТЫТТАН.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: