Кимиэхэ эрэ суох, кимиэхэ эрэ баар…

Кимиэхэ эрэ суох, кимиэхэ эрэ баар…

13.04.2024, 14:00
Хаартыска “РАССВЕТ” тэрилтэттэн
Бөлөххө киир:

Ырыаҕа ылланар Оленегорскай олохтоохторо килиэптэрин бэйэлэрэ астыыллар. Тоҕо?

Тыа сиригэр килиэбинэн хааччыллыы тыын суолталаах боппуруоһунан буолар. Онон биэкэртэн саҕалаан астыыр тэрилинэн, бурдугунан хааччыллыы боппуруоһун таарыйдыбыт.

Сорох нэһилиэктэргэ хас да тэрилтэ килиэп астыырын биллибит. Бу олус үчүгэй! Холобура, Томпо улууһун ки­­риэс Халдьаайытыгар “Рассвет” ХЭУо (дириэктэр А.Н.Кузьмин) сылга 50 тахса туоннаны буһарар. Бурдуктарын билигин “Арктикатааҕы эргиэн-логис­тика хампаанньата” АУо-тан ылаллар, бу тэрилтэ суол баарына бэркэ тиэрдэн биэрэр. “Рассвет” астаабыт килиэбин орто оскуола, уһуйааннар, бөһүөлэк олохтоохторо ылаллар, ону тэҥэ Ударник, Арыы Толоон участактарын эмиэ хааччыйаллар.

– Билигин 900 г килиэ­би 63 солк. атыылыыбыт. Бэкээринэбитигэр оборудованиены  кыралаан ылабыт, саҥардабыт. Оборудо­ваниебытын сороҕун тыа хаһаа­йыстыбатын управление­та толуйбута. СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэрис­тибэтиттэн биирдэ эмэ кыра бырыһыаҥҥа иэс ылан туһанааччыбыт. Уоппутугар ороскуоту көрсөбүт, ыйга 50 тыһ. тахса солк. төлүүбүт. Килиэп таһар массыынабыт суох,  – диэтэ буҕаалтыр Галина Власьевна Степанова.

Дириэктэр Анатолий Кузьмин Урбаан министиэрис­тибэтэ уокка, арыандаҕа, тэриллэри атыылаһарга олохтообут гранын тохтоппутуттан хомо­йор. Бэкээринэлэри социальнай хайысхалаах тэрилтэлэргэ киллэрэн, нолуокка эҥин чэпчэтии көрөллөрө уонна тустаах министиэристибэ биэкэрдэргэ аналлаах куурус­тары тэрийэрэ буоллар диэн баҕа санаатын тириэртэ. Маны сэргэ, типовой бэкээринэлэри тутуу бырайыагын оҥороллоро буоллар диир.

Кириэс Халдьаайы орто  оскуолатын остолобуойа оҥорон таһаарыынан эмиэ бэркэ дьарыктаммыт. Ол курдук, кыра уонна улахан быһыы­лаах килиэбин учууталлар былдьаһыгынан атыылаһаллар. Минньигэс килиэби астааччы Анастасия Дордина этэринэн, улахан килиэби – 63 солк., кыра бухааҥканы 30 солк. атыылыыллар.

«Нөмүгүлэртэн сөхтүм, Мэҥэ Хаҥалаһы хааччыйалларын сэргэ Аммаҕа эмиэ илдьэллэр. “Эрдэһиттэрэ да бэрт.”

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Төҥүлү сэлиэнньэтигэр сельпо бэкээринэтэ, “ИП Борисов” бэкээринэтэ үлэ­лиир. “Холбос” үлэлиирин саҕана тэриллибит бэкээринэ килиэбин хаачыс­тыбатынан бастыҥнара эбит. Ол эрээри бу күннэргэ үлэһиттэрэ бүлүтүөҥҥэ баран, быстах кэмҥэ сабыллан турар. Эмиэ бэкээринэ хантан да көмөнөн туһаммат. Бэйэлэрин оҥорон таһаарбыт үптэринэн бурдуктарын атыылаһаллар. Субсидиянан эҥин туһамматтар. Кинилэр астаа­быт килиэп­тэрин сүрүннээн уһуйаан, оскуола, балыыһа ылаллар. Оборудование, оһохтор  эргэрбиттэр. Ол эрээри Төҥүлүгэ Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин, Нөмүгү килиэбэ кэлэн эмиэ атыыланар. Онон килиэп быстыбат. Нөмүгүлэртэн сөхтүм, Мэҥэ Хаҥалаһы хааччыйалларын сэргэ Аммаҕа эмиэ илдьэллэр. “Эрдэһиттэрэ да бэрт”, – диэн олохтоохтор сөҕөллөр.

Тыа хаһаайыстыбатын произ­водственнай кэпэрэтииптэрэ эмиэ килиэбинэн дьарыктаналларын сэргээтим. Холобура, Мэҥэ Хаҥалас саамай түгэх нэһилиэгэр Чыамайыкыга “Тамма” ТХПК сайыҥҥы кэмҥэ бэкээринэни үлэлэтэрин туһунан кэпсиил­лэр. Сэрэйдэххэ, от кэмигэр килиэп быстыбатын туһугар дьаһанан эрдэхтэрэ. Бурдуктарын бэйэлэрэ атыылаһар эбиттэр.

Эмиэ бу улуус Тиэлиги сэлиэнньэтигэр килиэбинэн “Захаров П.Ф.” ИП хааччы­йар. Сайыҥҥы кэмҥэ отчуттарга диэн 2-3-тэ таһаараллар, бэйэ­лэрин кыахтарынан дьиэлэрин-уоттарын, оборудование­ларын тэриммиттэр. Хантан да көмөнөн туһамматахтар. Ол эрээри бэкээринэ тымныы кэмнэргэ сэтинньиттэн кулун тутарга диэри тохтуур. Сайын уот арахсар кэмигэр түүн эҥин үлэлэтэн, балаһыанньаттан тахсаллар. Килиэп сыаната – 67 солкуобай.

Хаартыска pxhere.com ылылынна
Ыаллар – бэйэлэрэ биэкэрдэр

Хоту улуустарга килиэбинэн хааччыллыы эмиэ туспа кыһалҕа буоллаҕа. Ырыаҕа киирбит Оленегорскай олохтоохторо килиэптэрин бэйэлэрэ буһарыналлар. Дьиҥэ, бэкээринэлээхтэр эбит эрээри, биэкэр оҕотун көрөн олорор, онон үлэлээбэт. Ыстаадаҕа сылдьар табаһыттар эмиэ дьиэлэриттэн өйүөлэнэн эрдэхтэрэ.

Эбээн Бытантай улууһун Саккырыырыгар муниципальнай бэкээринэ 2023 сыл алтынньыга диэри үлэлээбитэ дииллэр, онтон сабыллыбыт. Тоҕо сабыллыбытын ким да билбэт. Дьиҥэ, килиэбин 50-нуу солкуобай атыылаабыт. Билигин икки урбаанньыт атыылыыр, килиэп сыаната 100 солк. буол­бут.

Оттон Дьарҕаалаах нэһилиэгин баһылыга Лев Вячеславович Горохов өссө 2017 сыллаахха бэкээринэ оборудованиетын оччотоо­ҕу сыананан 400 тыһ. солк. “Якутторгтехника” маҕаһыынтан атыылаһан аҕалан туруор­бут, нэһилиэгим дьоно килиэп­тээх буоллуннар диэн. Бу баһылыктар өттүлэриттэн үчүгэй холобур. Биэкэрдэрэ куораттаабыт, онон соторутааҕыттан ыла үлэлээбэккэ турар.

Анна Григорьева, “Арктикатааҕы эр­­гиэн уонна логистика хампаанньата” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы:

– Быйыл 30 оройуон сайаапкатынан бурдугу тиэрдэр былаан­наах этибит. Былааммыт – 3200 т. Килиэп астыыр улахан тэрилтэлэр дуогабар түһэрсэн, кууһунан атыыланар (оптовай) сыананан ылаллар. Улуустарга барыларыгар, хоту да буоллун, киин улуус, Бүлүү умнаһынааҕы да буоллун бурдугу биир тэҥ сыананан ылаллар. Ол эбэтэр киилэ бурдук сыаната барыларыгар – 43 солкуобай 80 харчы.

Бурдугунан хааччыллыы үчүгэй

Дьааҥы Суордааҕар бэйэ дьарыктаах киһи үлэлэтэр. Бурдуктарын эмиэ “Арктикатааҕы эргиэн уонна логистика хампаанньата” хааччыйар. “Биир бухааҥка килиэби 65 солк. атыылаһабыт. Биэкэр нэһилиэк хас биирдии олохтооҕуттан са­­йаапка хомуйан, оччо ахсааннаах килиэби таһаарар”, – диир баһылык В.П.Стручков. Үчүгэйэ диэн, манна килиэп хаһан да “быстыбат”.

Онон бурдугунан хааччыллыы үчүгэй. Ол эрээри, биэкэрдэр тиийбэттэр, сорох бэкээринэлэр хантан да көмөнөн туһаммат эбиттэр, онно эбии уот арахсыыта эҥин курдук мэһэйдэр тыа сирин килиэбинэн хааччыллыытын харгыстыыллар. Бэкээринэлэр кыһалҕаларын биирдэ эмэ Ил Түмэн дьокутааттара анаан дьүүллэһиэхтэрин наада.

“Арктикатааҕы эргиэн уонна логистика хампаанньата” бурдугу тиэрдиитэ:

 Бүлүү умнаһынааҕы улуустар       Тиэрдэр бы­лаан (тонна)
 Үөһээ Бүлүү        96,00
 Бүлүү        595,09
 Ньурба        299,75
 Сунтаар        122,50
 Уопсайа        1113,34

Хаартысканы “РАССВЕТ” тэрилтэ ыытта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: