Ырыаҕа ылланар Оленегорскай олохтоохторо килиэптэрин бэйэлэрэ астыыллар. Тоҕо?
Тыа сиригэр килиэбинэн хааччыллыы тыын суолталаах боппуруоһунан буолар. Онон биэкэртэн саҕалаан астыыр тэрилинэн, бурдугунан хааччыллыы боппуруоһун таарыйдыбыт.
Сорох нэһилиэктэргэ хас да тэрилтэ килиэп астыырын биллибит. Бу олус үчүгэй! Холобура, Томпо улууһун кириэс Халдьаайытыгар “Рассвет” ХЭУо (дириэктэр А.Н.Кузьмин) сылга 50 тахса туоннаны буһарар. Бурдуктарын билигин “Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньата” АУо-тан ылаллар, бу тэрилтэ суол баарына бэркэ тиэрдэн биэрэр. “Рассвет” астаабыт килиэбин орто оскуола, уһуйааннар, бөһүөлэк олохтоохторо ылаллар, ону тэҥэ Ударник, Арыы Толоон участактарын эмиэ хааччыйаллар.
– Билигин 900 г килиэби 63 солк. атыылыыбыт. Бэкээринэбитигэр оборудованиены кыралаан ылабыт, саҥардабыт. Оборудованиебытын сороҕун тыа хаһаайыстыбатын управлениета толуйбута. СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэристибэтиттэн биирдэ эмэ кыра бырыһыаҥҥа иэс ылан туһанааччыбыт. Уоппутугар ороскуоту көрсөбүт, ыйга 50 тыһ. тахса солк. төлүүбүт. Килиэп таһар массыынабыт суох, – диэтэ буҕаалтыр Галина Власьевна Степанова.
Дириэктэр Анатолий Кузьмин Урбаан министиэристибэтэ уокка, арыандаҕа, тэриллэри атыылаһарга олохтообут гранын тохтоппутуттан хомойор. Бэкээринэлэри социальнай хайысхалаах тэрилтэлэргэ киллэрэн, нолуокка эҥин чэпчэтии көрөллөрө уонна тустаах министиэристибэ биэкэрдэргэ аналлаах куурустары тэрийэрэ буоллар диэн баҕа санаатын тириэртэ. Маны сэргэ, типовой бэкээринэлэри тутуу бырайыагын оҥороллоро буоллар диир.
Кириэс Халдьаайы орто оскуолатын остолобуойа оҥорон таһаарыынан эмиэ бэркэ дьарыктаммыт. Ол курдук, кыра уонна улахан быһыылаах килиэбин учууталлар былдьаһыгынан атыылаһаллар. Минньигэс килиэби астааччы Анастасия Дордина этэринэн, улахан килиэби – 63 солк., кыра бухааҥканы 30 солк. атыылыыллар.
«Нөмүгүлэртэн сөхтүм, Мэҥэ Хаҥалаһы хааччыйалларын сэргэ Аммаҕа эмиэ илдьэллэр. “Эрдэһиттэрэ да бэрт.”
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Төҥүлү сэлиэнньэтигэр сельпо бэкээринэтэ, “ИП Борисов” бэкээринэтэ үлэлиир. “Холбос” үлэлиирин саҕана тэриллибит бэкээринэ килиэбин хаачыстыбатынан бастыҥнара эбит. Ол эрээри бу күннэргэ үлэһиттэрэ бүлүтүөҥҥэ баран, быстах кэмҥэ сабыллан турар. Эмиэ бэкээринэ хантан да көмөнөн туһаммат. Бэйэлэрин оҥорон таһаарбыт үптэринэн бурдуктарын атыылаһаллар. Субсидиянан эҥин туһамматтар. Кинилэр астаабыт килиэптэрин сүрүннээн уһуйаан, оскуола, балыыһа ылаллар. Оборудование, оһохтор эргэрбиттэр. Ол эрээри Төҥүлүгэ Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин, Нөмүгү килиэбэ кэлэн эмиэ атыыланар. Онон килиэп быстыбат. Нөмүгүлэртэн сөхтүм, Мэҥэ Хаҥалаһы хааччыйалларын сэргэ Аммаҕа эмиэ илдьэллэр. “Эрдэһиттэрэ да бэрт”, – диэн олохтоохтор сөҕөллөр.
Тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтииптэрэ эмиэ килиэбинэн дьарыктаналларын сэргээтим. Холобура, Мэҥэ Хаҥалас саамай түгэх нэһилиэгэр Чыамайыкыга “Тамма” ТХПК сайыҥҥы кэмҥэ бэкээринэни үлэлэтэрин туһунан кэпсииллэр. Сэрэйдэххэ, от кэмигэр килиэп быстыбатын туһугар дьаһанан эрдэхтэрэ. Бурдуктарын бэйэлэрэ атыылаһар эбиттэр.
Эмиэ бу улуус Тиэлиги сэлиэнньэтигэр килиэбинэн “Захаров П.Ф.” ИП хааччыйар. Сайыҥҥы кэмҥэ отчуттарга диэн 2-3-тэ таһаараллар, бэйэлэрин кыахтарынан дьиэлэрин-уоттарын, оборудованиеларын тэриммиттэр. Хантан да көмөнөн туһамматахтар. Ол эрээри бэкээринэ тымныы кэмнэргэ сэтинньиттэн кулун тутарга диэри тохтуур. Сайын уот арахсар кэмигэр түүн эҥин үлэлэтэн, балаһыанньаттан тахсаллар. Килиэп сыаната – 67 солкуобай.
Хоту улуустарга килиэбинэн хааччыллыы эмиэ туспа кыһалҕа буоллаҕа. Ырыаҕа киирбит Оленегорскай олохтоохторо килиэптэрин бэйэлэрэ буһарыналлар. Дьиҥэ, бэкээринэлээхтэр эбит эрээри, биэкэр оҕотун көрөн олорор, онон үлэлээбэт. Ыстаадаҕа сылдьар табаһыттар эмиэ дьиэлэриттэн өйүөлэнэн эрдэхтэрэ.
Эбээн Бытантай улууһун Саккырыырыгар муниципальнай бэкээринэ 2023 сыл алтынньыга диэри үлэлээбитэ дииллэр, онтон сабыллыбыт. Тоҕо сабыллыбытын ким да билбэт. Дьиҥэ, килиэбин 50-нуу солкуобай атыылаабыт. Билигин икки урбаанньыт атыылыыр, килиэп сыаната 100 солк. буолбут.
Оттон Дьарҕаалаах нэһилиэгин баһылыга Лев Вячеславович Горохов өссө 2017 сыллаахха бэкээринэ оборудованиетын оччотооҕу сыананан 400 тыһ. солк. “Якутторгтехника” маҕаһыынтан атыылаһан аҕалан туруорбут, нэһилиэгим дьоно килиэптээх буоллуннар диэн. Бу баһылыктар өттүлэриттэн үчүгэй холобур. Биэкэрдэрэ куораттаабыт, онон соторутааҕыттан ыла үлэлээбэккэ турар.
Анна Григорьева, “Арктикатааҕы эргиэн уонна логистика хампаанньата” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы:
– Быйыл 30 оройуон сайаапкатынан бурдугу тиэрдэр былааннаах этибит. Былааммыт – 3200 т. Килиэп астыыр улахан тэрилтэлэр дуогабар түһэрсэн, кууһунан атыыланар (оптовай) сыананан ылаллар. Улуустарга барыларыгар, хоту да буоллун, киин улуус, Бүлүү умнаһынааҕы да буоллун бурдугу биир тэҥ сыананан ылаллар. Ол эбэтэр киилэ бурдук сыаната барыларыгар – 43 солкуобай 80 харчы.
Дьааҥы Суордааҕар бэйэ дьарыктаах киһи үлэлэтэр. Бурдуктарын эмиэ “Арктикатааҕы эргиэн уонна логистика хампаанньата” хааччыйар. “Биир бухааҥка килиэби 65 солк. атыылаһабыт. Биэкэр нэһилиэк хас биирдии олохтооҕуттан сайаапка хомуйан, оччо ахсааннаах килиэби таһаарар”, – диир баһылык В.П.Стручков. Үчүгэйэ диэн, манна килиэп хаһан да “быстыбат”.
Онон бурдугунан хааччыллыы үчүгэй. Ол эрээри, биэкэрдэр тиийбэттэр, сорох бэкээринэлэр хантан да көмөнөн туһаммат эбиттэр, онно эбии уот арахсыыта эҥин курдук мэһэйдэр тыа сирин килиэбинэн хааччыллыытын харгыстыыллар. Бэкээринэлэр кыһалҕаларын биирдэ эмэ Ил Түмэн дьокутааттара анаан дьүүллэһиэхтэрин наада.
“Арктикатааҕы эргиэн уонна логистика хампаанньата” бурдугу тиэрдиитэ:
Бүлүү умнаһынааҕы улуустар | Тиэрдэр былаан (тонна) |
Үөһээ Бүлүү | 96,00 |
Бүлүү | 595,09 |
Ньурба | 299,75 |
Сунтаар | 122,50 |
Уопсайа | 1113,34 |
Хаартысканы “РАССВЕТ” тэрилтэ ыытта.
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…