«Кинигэлэри арыйан көрдөххө»

Share

«Мин Горнай оройуона диэн төрөөбүт дойдулаахпынан астынабын, биһикпин ыйаабыт ийэ сирим бу буолар диэн киэн туттабын. Төрөөбүт дойду ахтылҕана, өйдөбүлэ мин олохпор өрүү күүс-уох биэрэр, үрдүк-үтүө санааларга кынаттыыр, өрө күүрдэр. Дойдулаах, дьонноох буолар – улуу дьол!»

Петр Денисович Аввакумов.

Ааһан эрэр 2024 сыл саха уус-уран литературатыгар кэрэ-бэлиэ сылынан буолла. Ол курдук, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сыла, биһиги биир дойдулаахтарбыт, оскуолаҕа бииргэ үөрэнэн олохторун устата доҕордуу буолбут – норуодунай поэт Савва Иванович Тарасов, суруйааччы Петр Денисович Аввакумов төрөөбүттэрэ 90  сыллара.

Ахсынньы 18 күнүгэр саха бөдөҥ прозаига, публициһа, литератураҕа кириитигэ, тылбаасчыт, Горнай улууһуттан тахсыбыт уус-уран тыл маастардарыттан биирдэстэрэ Петр Денисович Аввакумов тус архыыбын матырыйаалларынан хомуллубут «Кинигэлэри арыйан көрдөххө» кинигэ биһирэмэ Дьокуускай куорат Н.Д. Неустроев аатынан  SMART-библиотекатыгар буолла.

«Хайа да суруйааччы кинигэтэ таҕыстаҕына иһигэр сэмээр аҕыйах да тыллаах сыанабылы кэтэһэр. Ол суох буоллаҕына, таах муҥнанар эбиппин ээ диэн сыыйа айар көҕө уостан, уота-күөһэ умуллан барыан сөп. Ол өттүнэн ыллахха,  Петр Аввакумов элбэх ааптарга салгыы үлэлииллэригэр кыым сахпыт, эрэли укпут өҥөлөөх. Кини бөдөҥ прозаик эрэ буолбакка, литература сыламтата суох сыанаһыта уонна кириитигэ» диэн ааптар кинигэ киирии тылын түмүктүүр.

Кинигэни бэчээккэ хомуйан оҥордо суруйааччы уонна суруналыыс Анна Егоровна Варламова – Айысхаана, кинигэ бэчээттэнэн тахсыытын Горнай улууһун баһылыга Никита Викторович Андреев, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Алексей Семенович Петров үбүлээтилэр, кинигэ матырыйаалларын бэчээккэ Петр Денисович Аввакумов аатынан Киин бибилэтиэкэ кэлэктиибэ, дириэктэр Анна Владимировна Иванова, сүрүн библиограф Анастасия Ивановна Заровняева бэлэмнээтилэр.

Петр Денисович 1996 сылтан олохтон барыар диэри саха дьонугар уус-уран айымньылары бастаан билиһиннэрэр 98 саастаах «Чолбон» сурунаалы сатабыллаахтык салайбыта.

Петр Аввакумов тылбаас маастара этэ. Барыта 70-тан тахса суруйааччы айымньытын сахалыы тылбаастаабыта. Ол иһигэр хотугу дойду суруйааччыларын айымньыларын:

·       Платон Ламутскай «Сир иччитэ» романын,

·       Андрей Кривошапкин «Оо, мин эвен куттаах ырыаларым» ахтыы-сэһэнин, «Көс олох уһун суола» эссе-романын,

·       Николай Курилов «Туундараҕа ыҥырабын» сэһэнин,

·       «Убайым кулгааҕа» кэпсээннэрин кинигэтин,

·       Василий Кейметинов «Испиэ уол ырыата»,

·       Егор Едукин «Омуккан» сэһэннэрин, дьүкээгирдэр остуоруйаларын уонна да атын айымньылары.

Төһө да сыллар ааспыттарын иһин Петр Денисович айымньылаах үлэтэ-хамнаһа көлүөнэттэн-көлүөнэ аайы дириҥ ытыктабылынан ахтыллыаҕа.

Төрөөбүт норуотун литературата, култуурата барҕара сайдыытыгар сүүнэ кылаатын киллэрбит, олох кырдьыгын турууласпыт бөдөҥ прозаик суруйааччыбыт, уопсастыбаннай диэйэтэл Петр Денисович Аввакумов үтүө аата үйэттэн үйэҕэ ахтылла туруо, кэҥээн кэрэтийэн иһиэ.

Мария Павлова, бибилэтиэкэр

Бэрдьигэстээх, Горнай.

Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

3 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

3 часа ago