«Кинилэр дьоллорун Мииринэйгэ уһаммыттара» кинигэ таҕыста

Share

Соторутааҕыта, ала чуо Ньукуолун күн, саха суруналыыстыкатын саарына, өссө да “буораҕа кураанах” 80-чалаах Николай Крылов “Кинилэр дьоллорун Мииринэйгэ уһаммыттара” диэн өрөспүүбүлүкэбит сайдан кэлбит устуоруйатын билиҥҥээҥҥэ диэри “маҥан мэҥинэн” буолар умнуллара табыллыбат түгэнин сырдатар кинигэтэ Нассынаалынай бибилэтиэкэ Устуоруйа саалатыгар сүрэхтэниитэ буолла.

Хаартысканы Николай Крылаов тиксэрдэ.

10-С КЫЛААҺЫ БҮТЭРБИТ ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭР

Николай Крылов “Кинилэр дьоллорун Мииринэйгэ уһаммыттара” диэн 1959 сыл­лаахха Дьокуускай куорат 2-с нүөмэр­дээх оскуолатын 10-с кылаа­һын бүтэрбит үөрэнээччилэр саҥа саҕаланан эрэр ал­маас бырамыысыланнаһыгар, ойуур баһаара салаабыт куруҥ тайҕа быыһыгар, обоччо-бадараан үрдүгэр Мииринэй куораты тутуһа кылааһынан үлэлии барбыттарын туһунан кэпсиир кинигэтин Аан тылын суруйбут саха тиэхиньиичэскэй интэлигиэнсийэтин биир дьоһун­наах бэрэстэбиитэлэ, СӨ үтүөлээх геолога, геология-минералогия билимин хандьыдаата Николай Кириллин “оччотооҕу ыччат хайдахтаах курдук патриотическай өйдөөх-санаа­лаах иитиллиилээҕин, ыарахаттартан чаҕыйбатын, булгуруйбат дьулуурдааҕын бэлиэ­тии көрүөххүт. Бу кинигэни ааҕа олорон, баҕарбатаргын да, Павел Корчагин уобараһын өйдөөн кэлиэҕиҥ… Онно Сахабыт сирин тыйыс тымныытын, балааккаҕа утуйа сытан баттахтара кырыаран турар эдэркээн кыргыттар тус бэйэлэрин ахтыыларын аахтаххына, оччотооҕу ыччат “атын ыстаалтан хатарыллыбытын” дьиҥ-чахчы өйдүөҕүҥ” диэн сөҕө-махтайа бэлиэтиир.

16-17 саастаах эдэркээн оҕолор алмаастаах кыраай киининэн буолуохтаах Мииринэй куораты тутуһа барарга бэйэлэрэ булгуруйбаттык быһаарыммыттарын кэннэ, учууталлара сүбэ-ама буолбуттара, тэринэллэригэр туох кыалларынан көмөлөспүттэрэ. Ыарахаттар, мэһэйдэр да бааллара. Төрөппүттэр туга-ханныга биллибэт тутууга, туора сиргэ кумаар “аһылыга” буоларга, силлиэҕэ-буурҕаҕа тоҥорго-хатарга, маар-бадараан дойдуга миккиллэргэ уу-ньулдьаҕай оҕолорун ыыталаан кэбиһэргэ бэлэмэ суохтара…

САНААЛАРЫН БУЛГУРУППАТАХТАРА

Ол эрээри, оҕолор санааларын булгуруппатахтара. Биир өйгө-санааҕа түмүллэн кэлэктиип интэриэһин өрө тутуу, чиэһинэй буолуу, чиэс-суобас, төрөөбүт дойдуга таптал, романтика курдук үрдүк, сырдык өйдөбүллэринэн кинилэр эрчимнээх сүрэхтэрэ күүскэ тэбэрэ.

Итинник бигэ санааларын булгуруппакка, улуукан­наах тутууга тиийэннэр төһө да тоҥ балааккаларга төбөлөрө кырыара утуйдаллар, биэдэ­рэлээх, наһыылкалаах раствору сосуһан этээстэри дабайдаллар, муус кыаһаан буолан булуус тутан муҥнанналлар, ыарырҕатан доҕотторун быраҕан куотар туһунан санааҕа да оҕус­тарбатахтара. Кинилэр дойдуга алмаас бырамыысыланнаһын килбэйэр киинэ буолбут саҥа куорат тутуутун саҕалаабыттара. Чахчы даҕаны, балаак­ка Мииринэй, далаһалаах уулуссалар, алмааһы ылгыыр бастакы фабрикалары тутуу оҕолор дьон быһыытынан буһалларыгар-хаталларыгар олук буол­бута. Оҕолор икки-үс сыл Мииринэйи тутуһан баран, дойду араас куораттарыгар үрдүк үөрэх чыпчаалын дабайа, идэ баһылыы барбыттара. Бары дьон-сэргэ киэн туттар, ытыктыыр, үгүстэрэ үрдүктэн үрдүк ааттаах-суоллаах, бочуоттаах үлэһиттэр буолан, олохторун устата инники күөҥҥэ сылдьан кэллилэр. Кинилэр дьоллорун Мииринэйгэ уһаммыттара!

КЭМ-КЭРДИИ ААҺАР

Олох сокуона тыйыс, кэм-кэрдии ааһан, ити 22 оҕо кэккэтэ убаан иһээхтиир. Кинигэ сүрэхтэниитигэр сорохторо доруобуйаларын туругунан кыайан кэлээхтээбэтэхтэр. Кылааһынньыктарын, оҕолорун ааттарыттан алмаас бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ, “Бочуот Знага” уордьан кавалера, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Варвара Семеновна Данилова, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун, Чернышевскай нэһилиэгин бочуоттаах гражданиннара Нина Гавриловна Дьяконова (Семенова), РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Александра Степановна Катаева (Мохначевская), СӨ Ытык Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, 1985-1989 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ, “Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин” II истиэпэннээх уордьан кавалера, норуот хаһаа­йыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Бочуоттаах гражданина Люлия Николаевна Григорьева ахтыы оҥордулар, санааларын үллэһиннилэр.

– “Оскуола – производство – үрдүк үөрэх” уонна “Саха ыччата – бырамыысыланнас­ка!” – бу баартыйа ыҥырыыта, ыйыыта этэ. Манан салайтаран биһиги оччолорго соччо биллэ илик, аата эрэ Мииринэй куорат диэҥҥэ айаннаабыппыт. Хойукка диэри балааккаларга олорон, үлэ ыараханыгар сылдьан, сүүрэн-көтөн, “куһаҕаттар” дэттэрбэккэ, улахан соругу толорбуппут. Сыгынньах илиибитинэн, уон тарбахпытынан цемент растворун булкуйан тоҥон-хатан, олус сылайарбыт. Эдэр саас барытын тулуйар, чэпчэтэн саныыр. Атыттартан хаалыа суохтаахпыт диэн өй-санаа кыайара. Мииринэйгэ олорбут икки сылбын наһаа үчүгэйдик саныыбын. Бу сыллар биһигини тулуурдаах, кыайыгас буоларга, дьону өйдүүргэ, доҕордоһууга үөрэппиттэрэ, – Александра Степановна бэрт сылаастык ахтар.

ДЬЫАЛАБЫАЙ ЭТИИЛЭР, СИЭРДЭЭХ БЭЛИЭТЭЭҺИННЭР

Кинигэ сүрэхтэниитигэр аҥаардас уруй-айхал буол­бакка, үүнэр көлүөнэ ыччаты патриотическай өйгө-санаа­ҕа иитиигэ, бырамыысыланнас салааларыгар сыһыарыыга, тиэхиньиичэскэй идэлэри баһылааһыҥҥа туһуламмыт дьыалабыай этиилэр, сиэрдээх бэлиэтээһиннэр оҥоһулуннулар. Кинигэни хомуйан оҥорбут суруналыыс Николай Крылов кинигэ алта сыл устата хомуллан оҥоһуллубутугар сүрүн “хара үлэтин” толорбут “Саха” НКИХ телебиэрии­лэри таһаарар сулууспатын үлэһитэ Елизавета Эдуардовна Егороваҕа ис сүрэҕиттэн махтанна. “Быйыл Үлэ сыла биллэриллибитэ. Дьиҥнээх пат­­риоттар, уопсай дьыала туһугар үлэлээбит, эдэр саастарыттан Мииринэйтэн буһан-хатан, олоххо ким-туох буолалларын быһаарыммыт, холобур туттуллуохтаах ытык дьоннуун көрсүһүүгэ олох суолугар саҥа үктэнэр оҕо дьон, үөрэнээччилэр, сиэннэр суохтара хомолтолоох. Олох тыыннаах оскуо­латын иитэр-өйдөтөр хайысхатын, үөрэнээччилэри идэҕэ туһаайыыга суолтатын үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын өттүлэриттэн ситэ сыаналаабат буолуу хомолто­лоох холобура”, – диэн Николай Александрович хом санаатын биллэрдэ.

64 СЫЛ АНАРАА ӨТТҮГЭР

64 сыл анараа өттүгэр Дьокуускай куорат 2-с оскуолатын Зоя Михайловна Миндиярова салайааччылаах 10 “б” кылаа­һын үөрэнээччилэрэ тутуспутунан, кинилэргэ 10-с “а” кылаас­тан хас да оҕо эбиллэн, 22 буолан “Саха ыччата – бырамыысыланнаска!” диэн аан бастаан ыҥырыы таһааран, ийэ-аҕа тапталын, дьиэ кэргэн сылаас, уу-нуурал олоҕун кэннилэригэр хаалларан, тэйэн, хомсомуол путевкатынан олох оргуйар үөһүн күөннэринэн тыырбыт бэйэлэрин кэмнэрин хоодуот дьоруойдара этилэр!

Николай Кириллин, үтүөлээх геолог:
– 30-с сылларга “Алданзолотоҕа” 2000 саха ыччата үлэлээбитэ биллэр. Билигин өрөспүбүлүкэҕэ араас министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бааллар да, бырамыысыланнас хайа салаатыгар, ханнык тэрилтэлэргэ төһөлөөх ыччат үлэлии сылдьарын болҕомтоҕо ылыы суох, чуолкай түмүктэри биэрбэттэр.

Игорь Николаев, Ил Дархан сүбэһитэ, уруккута Үрдүкү суут судьуйата:
– Эдэркээн кыргыттар, уолаттар билбэтэх-көрбөтөх сирдэригэр тиийэн ыарахан соҕус тыыннаах оробуо­чай кэлэктиипкэ сыстан ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ бэйэтэ героизм, хорсун быһыы! Ханнык баҕарар киһи күүстээх хамсаныыны оҥордоҕуна, олоҕо онтон салгыы сайдар. Үлэ дьоруойдарын хасыһан туран сырдатыахтаахпыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

9 минут ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

38 минут ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

1 час ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

2 часа ago