Кинилэр — «Ытык аҕа» бэлиэлээх өрөспүүбүлүкэ бастыҥ аҕалара
«Ытык аҕа» бэлиэ дьиэ кэргэҥҥэ уонна үүнэр көлүөнэни иитиигэ аҕа оруолун билинэр, оҕону иитиигэ аҕа ураты өҥөтүн көҕүлээһини күүһүрдэр туһугар бэриллэр.
Урут бу бэлиэ биир сылга үс аҕаҕа бэриллэр буоллаҕына, быйылгыттан ыла 6 аҕа наҕараадаланар буолуоҕа.
Үс бастыҥ аҕаны Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүгэр, өссө үс аҕаны Арассыыйа Федерациятыгар Аҕа күнүгэр бэлиэтиэхтэрэ. Ону сэргэ Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан «Ытык аҕа» бэлиэни ылбыт дьиэ кэргэн аҕа баһылыктара 100 тыһыынча солкуобай суумалаах биир кэмнээх харчынан наҕараадаланаллар.
Алтынньы 18 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа күнүн көрсө оҕолору иитиигэ улахан өҥөлөрүн уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор улахан кылааттарын иһин 3 аҕа «Ытык аҕа» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутта.
Кинилэр кимнээхтэрий?
Дмитрий Константинович Лукин —— Чурапчы улууһун Үрүҥ Күөл олохтооҕо, 13 оҕо аҕата, 17 сиэн уонна 26 хос сиэн эһээтэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, СӨ бочуоттаах гражданина уонна ытык кырдьаҕаһа.
Дмитрий Лукин кэргэниниин 1960 сылтан 49 сыл олорбуттара (билигин орто дойдуга суох). Лукиннар 13 оҕону төрөтөн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьоһуннаах дьонунан ииттилэр, үлэҕэ сыһыардылар.
Дьиэ кэргэн улуус уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, аҕалара Дмитрий Константинович чөл олоҕу өрө тутар, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай хамсааһыннарын кыттыылааҕа, дуобакка уонна саахымакка бэтэрээннэр сүүмэрдэммит хамаандаларын чилиэнэ, дуобакка, саахымакка, чэпчэки атлетикаҕа хас да төгүллээх призер уонна чөмпүйүөн.
Уолаттара уонна сиэннэрэ сэбиэскэй уонна Арассыыйа аармыйаларыгар сулууспалаабыттара, биир сиэнэ — байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа.
Дмитрий Лукин өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин, нэһилиэк уонна улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар, судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүүгэ кылаатын, көхтөөх уопсастыбаннай үлэтин уонна тус холобурун иһин Чурапчы улууһун олохтоохторо билинэллэр уонна ытыктыыллар.
Дмитрий Константинович билигин даҕаны балыктыырын, сир аһын хомуйарын сөбүлүүр.
Үлэлээбит уопсай ыстааһа — 47 сыл.
Павел Михайлович Харлампьев — Бүлүү улууһун Тааһаҕар сэлиэнньэтин бочуоттаах гражданина, биэс оҕолоох уонна 15 сиэннээх.
Харлампьевтар дьиэ кэргэн 1972 сыллаахха холбоһон, 52 сыл бииргэ олордулар, чөл олоҕу тутуһаллар, тус хаһаайыстыбалаахтар. Оҕолоро үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэрэ, оҕо-уруу тэринэн ыал буолбуттара, кинилэртэн түөрт ыал элбэх оҕолоох.
Харлампьевтар 1995 сылтан Тааһаҕар орто оскуолатын бүтэрэр бастыҥ үөрэнээччигэ оскуола олоҕор көхтөөх кыттыытын уонна кыһамньылаах үөрэҕин иһин 5000 солкуобайдаах Граны олохтообуттара.
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга 1995 сылтан «ИП Харлампьев» хаһаайыстыбаны тэрийбитэ. Хаһаайыстыба Бүлүү улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыыга улахан кылаатын киллэрэр.
Үлэҕэ уопсай ыстааһа -– 47 сыл.
Виталий Александрович Илюхин — Горнай улууһун Орто Сурт сэлиэнньэтин олохтооҕо, уопсастыбанньык, урбаанньыт уонна настаабынньык, 8 оҕо аҕата.
Илюхиннар 2009 сыллаахха ыал буолан, 15 сыл бииргэ олордулар.
Виталий Александрович уопсастыбанньык, нэһилиэк настаабынньыга, аһымал аахсыйаларга куруук кыттар, тутуу маһын бэлэмнээһининэн дьарыктанар.
Орто Сурт сэлиэнньэтин уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар: уулусса суолун босхо өрөмүөннээбитэ, субуотунньуктарга уонна аһымал аахсыйаларга кыттар (бэйэтин тыраахтарынан кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр муус, мас бэлэмниир).
Дьиэ кэргэн чөл олохтоох, улахан тус хаһаайыстыбалаах.
Илюхиннар — 2020 с. «Тыа сирин ыала» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылаахтара, 2021 с. «Сыл бастыҥ ыала» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус кыттыылаахтара.
Виталий Александрович үтүө үлэһитинэн ыччакка холобур буолар, биир дойдулаахтарыгар аптарытыатынан туһанар.
Үлэтин уопсай ыстааһа -– 11 сыл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: