Кинини Новиков киинэлэрэ «уһугуннарбыттар»
Кини киинэҕэ оонньуур артыыстартан киһи хараҕар быраҕыллар уу саха ыччата: дьүһүннүүн-бодолуун, туттардыын-хаптардыын, этэрдиин-тыынардыын.
Нууччалыы эттэххэ, “классическай” сайылык оҕото, ыччата, эр киһитэ. Бу мин Майатааҕы Дмитрий Ходулов аатынан норуот тыйаатырын салайааччыта Данил Осипов туһунан этэбин.
Бүгүн саха сэрийээллэрин биир сүрүн дьоруойа, көрөөччү кутун туппут Данил Осипов – хаһыаппыт ыалдьыта.
“Харчы” дьоруойа
– Данил, бастатан туран, кэпсэтиибитин ханнык сэрийээллэргэ оонньообуккуттан саҕалыах. Соторутааҕыта эмиэ саҥа сэрийээлгэ уһуллан кэллиҥ дии.
– “Сүлүһүннээх тапталга” дэриэбинэҕэ баппат киһини оонньообутум. Оттон “Харчыга” – Баанньа Абрамов оруолун. Үс табаарыстартан өрүү кэриэтэ кыамматтара. Бу күннэргэ “Уот Дьулустаан” диэн киинэҕэ Ыстапаан оруолугар Таатта Чөркөөҕөр уһулуннум. Бэртээхэй үлэ тахсан эрэ диэхпин сөп. Саҥа дьыл кэнниттэн көрөөччү дьүүлүгэр тахсыаҕа.
Былыргы олохтон сэрийээл
– Чөркөөххө уһуллубут буоллаҕына, кырдьык, саха былыргы олоҕун бэркэ көрдөрүүһүгүт.
– Бу өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи олоҕу көрдөрөр уус-уран киинэ сэрийээл курдук көстүүтэ – бастакы улахан үлэ диэххэ сөп. Биллэн турар, ис хоһоонун ыраахтан да таайтаран кэпсээбэппин. Арай Саха тыйаатырын, Үүнэр көлүөнэ, Ньурба тыйаатырын, Майа икки норуодунай тыйаатырын – Дмитрий Ходулов уонна Аркадий Новиков тэрийбит “Көөчөөн көрө” артыыстара кыттыбыттарын бэлиэтээн аһардахха, хайдахтаах курдук үрдүк таһымнаах сэрийээл буоларын сэрэйдэххит буолуо. Икки тыйаатыр режиссердара оонньоотубут. Ньурба тыйаатырын кылаабынай режиссера Алгыс Макаров сүрүн оруолга оонньоото. Саха тыйаатырыттан Анатолий Николаев, Геннадий Турантаев, Айталина Цыпандина, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыттан Татьяна Хомподоева, Ньурба тыйаатырыттан Майя Слепцова, “Көөчөөн көрүттэн” Анна Охлопкова курдук көрөөччү кутун туппут артыыстар бааллар.
Киинэҕэ уһуллубутум тухары аан бастакытын олус үчүгэй усулуобуйаҕа олорон үлэлээтим. Чөркөөх орто оскуолатыгар олордубут. Асчыттар сарсыарда уонна күнүс сылаас аһынан аһаталлар. Таҥас сууйар массыынаҕа тиийэ баар. Онон, түгэнинэн туһанан, “Саха” НКИХ сэрийээллэри устар салаатын салайааччыта Марина Пермяковаҕа үлэлииргэ бэртээхэй усулуобуйаны тэрийбитигэр истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Дьылҕа бэлэҕэ
– Ити ааттаабыт сэрийээллэргиттэн көрдөххө, режиссеруҥ өрүү Елена Эверстова эбит.
– Хампаанньа Саха сиригэр киинэ сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэ олорор. Аан дойду үрдүнэн көрөөччү сэрийээллэргэ “көһөн” эрэр. Дьону хабыыта да улахан. Киинэ тыйаатырыгар анаан-минээн тиийэн көрөр киһи ахсааннаах. Онон бу сарсыҥҥылаах көрүҥү “Саха” НКИХ олохтоохтук баһылаата.
Елена Эверстоваҕа табыллан уһуллуум – дьылҕам бэлэҕэ. Былырыын “эйиигин биир оруолга анаан көрөбүн, хайаан да эн оонньуохтааххын” диэн эрдэттэн сэрэппитэ. Онтон сценарийын ааҕан баран, “сөп түбэһэр” эбиппин диэн санааҕа кэлбитим. Дьэ, “Харчы” Баанньа Абрамовыттан олох атын оруол, доҕоор. Биири бэлиэтиибин – мин ис эйгэбэр олох сөп түбэспэт дьоруой. Киниттэн олох атын киһибин. Ол да иһин буолуо, ыарырҕатан ылбыт түгэннэрдэээхпин. Ыстапаан мөлтөх киһи, ойоҕун кырбыыр, күнүүһүтэ диибин диэн.
Бэйэ нөҥүө
– Ол аата, оруолгар ”абьюзер” буоллаҕыҥ дии?
– Билигин ити тиэрмининэн быһаччы мин дьоруойбун итинник сыана быһаллар. Оттон итинник кэмэлдьилээх эр дьон былыр-былыргыттан баар буоллахтара. Сайдыылаах үйэҕэ аһаҕастык этиллэр, кэпсэнэр, сэмэлэнэр буолла. Мин дьоруойум – саха былыргы олоҕун киһитэ. Үрүмэччи курдук бииртэн бииргэ көтө сылдьар киһи. Онон бэлиэтээн аһарбытым курдук, тус бэйэм киниттэн олох атын киһи буоларым быһыытынан, ыарырҕаттым. Ордук киинэҕэ оонньуур “кэргэммин” кырбыырбар. Режиссер “үчүгэйдик, күүскэ сахсый!” диэн ирдиир. Мин, ардыгар, артыыс быһыытынан турукка киирэн ыларым баар суол. Ол кэнниттэн уһуллан бүтээт, “кэргэммиттэн” (Сандаара Федорова, Саха тыйаатырын артыыһа) бырастыы гынарыгар көрдөс да көрдөс буолабын…
Артыыс үлэтэ диэн оннук – барытын бэйэҥ нөҥүө таһаараҕын. Киинэҕэ табыллан оонньуурбар миигин Аркадий Новиков уһуйбута. Кини туспа ньымалаах этэ. Миэхэ өрүү “эн оонньоомо, бу киһи олоҕун олор” диэччи. Ону өрүү туһанабын, умнубаппын.
Күҥҥэ – отуттуу сцена
– Киинэ уһуллан бүппүтүн кэннэ ол киэһэтигэр тугу сыыспыккытын, таппыккытын ырытаҕыт дуо?
– Оо, бириэмэ олох ыгым. 16 сиэрийэлээх киинэ 600-тэн тахса сценаттан турар. Күҥҥэ отуттуу сыананы уһулар сорук турар. Киэһэ эстэн кэлэбит. Онон ырыта сатыыр соло суох. Оттон бу киинэҕэ биир эрэ дьоруой буолбакка, хас да дьон дьылҕата биир тэҥник көстөр. Ол дьоруойдар алтыһыыларыгар көрөөччү бэйэтэ сыана быһыаҕа, түмүк оҥоруоҕа.
Сонун бырайыак
– Эн бу сэрийээлинэн үлэҥ түмүктэммэтэх буолуохтаах. Өссө да былааннардааҕыҥ, бырайыактардааҕыҥ буолуо?
– Сынньанан кэлэн баран, күһүн кылгас киинэ устар былааннаахпын. Ол киинэбинэн биир эмэ бэстибээлгэ кыттыам диэн санаалаахпын. Биир дойдулааҕым Софья Сергеева-Баранова “Уһуктуу” пьесалаах. Ону режиссер Сергей Потапов испэктээк быһыытынан туруорбута. Мин бу пьесаттан аҕа уонна оҕо сытыы сыһыанын ойуччу тутан киинэ оҥорор соруктаахпын. Уола аҕатын кырдьаҕастартар дьиэлэригэр туттарарын туһунан. Наар үлэни эккирэтэ сылдьан, кырдьаҕас төрөппүккэ болҕомтону ууруу мөлтөөн иһэрэ баар суол. Оҕонньор уруккута улахан тойон эбит. Үлэтигэр бүтүннүү бэринэн, оҕотун иитиитигэр болҕомтотун уурбатах. Туһата суох буолан, ханнык эрэ түгэҥҥэ мэтээллэрин эрэ кытта хаалан хаалар. Мин бу оруолга Михаил Апросимовы кэпсэтэн олоробун. “Абалаах” сонотуоруйга устуохпут.
… Ити курдук, Данил Осиповы кытта араас тиэмэҕэ ирэ-хоро кэпсэттибит. Хомойуох иһин, хаһыат кылгас балаһатыгар ол ону барытын сырдатар кыаллыбата. Онон артыыс үгүс санааларын “Саха сирэ” хаһыат саайтыгар сырдатыам.
Данил Осипов артыыс буолар баҕатын Аркадий Новиков киинэлэрэ “уһугуннарбыттар”. Бэйэтин аттыгар сылдьар дьон олоххо баары “диҥнээхтик” оонньуулларын наһаа кэрэхсиир буолбут. Оскуолатын бүтэрэригэр култуураҕа барарга санаммыт. Ол сыл култуура Арктическай институгар артыыс үөрэҕэр ылыы тохтоон, култуура кэллиэһигэр режиссер салаатыгар киирбит. Дьэ, онтон ыла эдэр киһи айар үлэ абылаҥар ылларан, саха киинэтэ сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрэ сылдьар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: