“КиноМАНиЯ-2023” оҕо бэстибээлин кыайыылаахтара күүстээх ытыс тыаһын доҕуһуолунан кыһыл көбүөр устун хааман таҕыстылар.
Дьэрэкээн былаачыйалаах уонна көстүүмнээх, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сирэйдэригэр көстө сылдьар кыргыттар уонна уолаттар, өрө көтөҕүллүү, харах уулаах үөрүү… Кинилэр – Саха сирин эрэгийиэнин киинэ сүрүн устааччыларыгар уонна ыҥырыллыбыт ыалдьыттарга үөрэнэн, “КиноМАНиЯ-2023” икккис сезонун кыайыылаахтара.
Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр «КиноМАНиЯ» бэстибээл хайыы үйэ иккис сылын АЛРОСА өйөбүлүнэн СӨ Билимин дьоҕус академиятын базатыгар ыытыллар. Бэстибээл АЛРОСА уонна СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондатын “Кэлэр кэскил туһугар” тус сыаллаах бырагырааматынан Үүнэр көлүөнэ пааркатын кытта олоххо киллэриллэр. Ситиһиилээх бырайыагы быйыл 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ салҕаатылар. Симиэнэ алтынньы 23 күнүттэн сэтинньи 3 күнүгэр диэри Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр академия дьиэтигэр ыытылынна.
«Билигин биһиги пуондабыт үлэтэ урутаан сайыннарыыга ананан, оҕо аймахха уонна ыччакка туһуланан ыытыллар. Үлэ өрөспүүбүлүкэҕэ креативнай индустрияны сайыннарыыны кытары тэҥҥэ барар. Ол курдук, судаарыстыба, уопсастыба уонна биисинэс кыаҕа-күүһэ бииргэ түмүллэр, АЛРОСА биһиги бырайыактарбытын инвестициялыыр.
Үөрэнээччилэр “КиноМАНиЯ-2023” үөрэх бырагырааматын чэрчитинэн киинэ устар бэйэлэрин бөлөхтөрүн тэринэн, продюсердар, артыыстар, сценаристар, звукооператордар оруолларыгар боруобаланаллар”, — диэн СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров кэпсээтэ.
Хас да күн устата маастар-кылаастар, лиэксийэлэр, киинэ индустриятын биллэр-көстөр диэйэтэллэрин, тыйаатырдар уонна киинэ сүрүн артыыстарын, режиссердарын, продюсердары уонна сценаристары кытары көрсүһүүлэр буоллулар. Бырагыраамаҕа бииргэ үлэлэһэр Калининград куорат Уһулуччу талааннаах оҕолорун сайыннанар киинин кытары холбоһуктаах онлайн-дьарыктар ыытылыннылар.
Бэстибээл кыттыылаахтара куонкуруска бэйэлэрэ устубут кылгас кээмэйдээх киинэлэрин уонна видеороликтарын билиһиннэрдилэр. Кинилэр бэйэлэрин үлэлэригэр дьоһун суолталаах социальнай тиэмэлэри – дьиэ кэргэҥҥэ обургу оҕолору кытары сыһыантан саҕалаан, оҕолор уонна ыччат төрөөбүт тылын билбэттэрин кыһалҕаларыгар тиийэ таарыйдылар. Холобур, “Близко” киинэ сүрүн дьоруойа кыраныысса таһыгар олоро барыан баҕарар. Кини бэйэтин өрөспүүбүлүкэтигэр тугу да кэрэхсээбэт, төрөөбүт тылын билбэт. Ол гынан баран, кини бииргэ үөрэнэр кыыһын таптаан, барыта уларыйар, аттыгар чугас киһи баара улахан дьол буоларын өйдүүр.
«Сүрүнэ, оҕолор бэйэлэрэ сөбүлээбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Кинилэртэн сорохторо киинэ эйгэтин дьиҥ чахчы биһирээбиттэрин билэбин. Киинэ бэстибээлэ бэйэтин кыаҕын көрдөрдө. Билигин холбоһуктаах үлэ түмүгүнэн олус үчүгэй киинэ бырайыактара баар буоллулар. Олортон “Близко” уонна “С любовью, совесть” киинэлэри Санкт-Петербурга оҕо киинэтин бэстибээлигэр ыытыахпыт”, — диэн Билим дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов иһитиннэрдэ.
Оҕолор бу дьоҕурдара айар үлэлэригэр, үөрэхтэригэр, социальнай ситимнэри туһаналларыгар наада эрэ буолбакка, идэлэрин талалларыгар көмөлөһүөҕэ. Баҕар, кинилэртэн хайаларын эрэ аата аан дойдуга барытыгар иһиллиэ, онтон саха киинэтэ саҥа таһымҥа тахсыа.
ххх
«КиноМАНиЯ» үөрэххэ хайдах кыттыбыттарын, туохха үөрэммиттэрин, айар үлэни таларга төһө бэлэмнэрин туһунан үөрэнээччилэр кэпсээтилэр.
Света Булатова, Дьокуускай куорат (артыыска):
— Мин суруналыыстыка эйгэтигэр уопут ылбытым, кэрэспэдьиэн уонна ыытааччы этим. Билигин “Азия оҕолоро” оҕо успуордун аан дойдутааҕы оонньууларын пресс-киинигэр үлэлээри үөрэнэ сылдьабын. Биһиги дьүөгэбиниин «КиноМАНиЯ-ҕа» кыттарга эмискэ быһаарыммыппыт. Сүүмэрдээһин бүтэрэ икки хонук хаалбытын кэннэ кылгас ролигы устубуппут уонна сайаапкабытын ыыппыппыт. Манна мин ордук артыыс маастарыстыбатын уруоктарын сөбүлээбитим, элбэх саҥаны билбитим. Барыта олус дьоһуннаах этэ, биһигини бэйэ билэринэн дьарыктаммакка, идэ хаачыстыбалаах буоларыгар элбэхтик үлэлииргэ көрдөспүттэрэ. Төһө да бириэмэбит кылгаһын иһин, биһиги бары бэйэбит киинэлэрбитин устубуппут. Барыта сатанна дии саныыбыт. Тус бэйэм бириэмэбин ордук киинэни таҥарга ууруохпун баҕарабын.
Афанасий Канаев, Таатта с. (артыыс):
— Мин ыллыырбын сөбүлүүбүн, артыыс куруһуогар сылдьабын, ол иһин оруолга киирэрбэр арыый чэпчэки этэ. Дьоруойдар үөрүйэхтэрин ылынарбын, киинэ ханнык эрэ артыыстарын үтүктэрбин сөбүлүүбүн. Ол гынан баран, доҕотторуҥ эйгэтигэр артыыстаан көрүү уонна киинэҕэ уһуллуу олох атын-атыттар. Тоҕо диэтэххэ, мин дьоруойум майгыта-сигилитэ уларыйа сылдьара, онон кини туругун уонна ис иэйиитин өйдүөхпүн наада этэ. Ардыгар каадырдары хос-хос эбэтэр хас да чаастаах тохтобул кэнниттэн устарга күһэллибиппит. Ол иһин, ити барыта тугунан да сыаналаммат уопут этэ.
Игорь Варапаев, Дьокуускай куорат (сценарист):
— Мин хайыы үйэ «Skills Camp 2023. Animation» сылдьыбытым. Ол иһин, бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан «КиноМАНиЯ-ҕа» сүүмэрдээһин бара турарын истэн баран, тута тэттик киинэни устарга уонна сайаапканы ыытарга этии киллэрбитим.
Мин бэйэм тэттик кэпсээннэри суруйабын, ол эрээри ону киинэ сценарийдарыгар хайдах да тэнҥээбэккин. Биһиги киинэҕэ туох буолуохтааҕын сиһилии ойуулуохтаах этибит. Ол эрэн, маарыннаһар түгэннэр эмиэ бааллар. Холобур, туох эрэ сатамматаҕына, суруйбуккун кум-хам тутан баран, бөххө быраҕаргар тиийэҕин. Сценарист киинэ дьайыыларын уонна кэпсэтиилэри сөпкө дьүөрэлиэхтээх, экраҥҥа барыта олоххо хайдаҕын муҥутаан көрдөрө сатыахтаах.
Саина, Дьокуускай куорат (киинэни таҥааччы):
— Миэхэ документальнай киинэни уонна да атын судургу үлэлэри талыы уопута син баар. Доҕотторбун кытары Медиатоҥҥа кыттыбыппыт. Онно биһиэхэ сүрүн бириис быһыытынан «КиноМАНиЯ-ҕа» ыҥырыы туттарбыттара. Манна биһигини киинэни таҥарга, көмпүүтэр бырагыраамаларын туһанан оҥорорго үөрэппиттэрэ.
Айсен Соколов, Дьокуускай куорат (оператор):
— Мин биир сыл кэриҥэ хаартыскаҕа түһэрии кистэлэҥнэригэр уонна Медиа-оскуолаҕа видеоны кытары үлэҕэ үөрэммитим. Ити мин бастакы уопутум этэ, барыта этэҥҥэ ааста дии саныыбын. Биллэн турар, ыарахаттар да, үөрүүлээх түгэннэр да бааллара. Уопсайынан, маннык көхтөөх оҕолору кытары бииргэ үлэлиир олус үчүгэй.
Вадим Ефремов, Хаптаҕай с. (оператор):
— «КиноМАНиЯ” иннинэ мин оскуола тэрээһиннэригэр оператор оруолугар сылдьыбытым да, кырдьыгынан эттэххэ, уопутурбутум дии санаабаппын. Онтон куонкуруска кыттар туһугар икки доҕорбунуун “Счастье” киинэни устубуппут, ол кэнниттэн биһигини «КиноМАНиЯ-ҕа” ыҥырбыттара. Манна биһиэхэ биэрбит элбэх туһалаах иһитиннэриилэрин барытын кэриэтэ өйдөөн хаалбытым. Биһиги киинэбитин ойуур иһигэр устубуппут, хаста да хос-хос баран хаттаан устарга күһэллибиппит. Онон Саха сиригэр киинэни устар олус ыараханын билбиппит: батарейкаҥ да олорор, хаамараҥ да үлэлээбэт буолан хаалар. Дьиҥэр, өссө улаханнык тымныйа илик буоллаҕа. «КиноМАНиЯ-ҕа” кыттыы миэхэ улахан үөрүйэҕи биэрдэ, бу барыта инникитин мин олохпор наада буолуоҕар саарбахтаабаппын.
Айталина Прохорова, Покровскай куорат (артыыс):
— «КиноМАНиЯ-ҕа” сүүмэрдээһин туһунан доҕотторбун кытары истэн бараммыт холонон көрөргө санаммыппыт уонна видеобытын ыыппыппыт. Бу биһиги бастакы уопуппут этэ, дьиҥэр, сүүмэрдээһини да ааһарга эрэлбит суоҕа. Мин манна сылдьан улахан уопуту иҥэринним, арыый аһаҕас уонна кэпсэтинньэҥ буоллум. Ол гынан баран, олохпун киинэни устуу идэтин кытта ситимниир санаам суох. Тоҕо диэтэххэ, мэдиссиинэ кылааһыгар үөрэнэбин, мэдиссиинэ ханнык эмэ үрдүк кыһатыгар киирэр былааннаахпын.
Никита Кабаевскай, Дьокуускай куорат (режиссер):
— «КиноМАНиЯ” туһунан билэн баран, тугунан да сыаналаммат саҥа үөрүйэҕи, саҥа билиини ыларга олус үчүгэй кыах бэриллэрин өйдөөбүтүм. Биһигини режиссер быһыытынан киинэни устуу кэмигэр дьону кытары хардарыта бииргэ үлэлииргэ, бириэмэни сатаан аттарарга үөрэппиттэрэ. Инникитин өссө күүстээх буолар туһугар бэйэ алҕаһыттан үөрэнэр, ону ырытар наадатын туһунан бастакы дьарыктарга кэпсээбиттэрэ. Ити барыта инникитин режиссер идэтигэр үөрэнэрбэр улаханнык көҕүлээтэ.
Арчын Матвеев, Чурапчы с. (артыыс):
— Мин быйыл Skills Camp сылдьан, пластилинтан анимацияны оҥоруунан дьарыктаммытым. Бииргэ үөрэнэр кыыспын кытары «КиноМАНиЯ” туһунан истэн баран, тута видео устубуппут. Тэттик киинэбит кутталлаах киинэ жанрыгар сөп түбэһэр. Иккиэммитин ыҥырбыттара. Миигин артыыстар бөлөхтөрүгэр киллэрэн, оруолга хайдах киирэргэ үөрэппиттэрэ. Бу олус кэрэхсэбиллэх үөрүйэҕи ыллыбыт, ол гынан баран, мин ордук киинэни устуунан дьарыктаныахпын баҕарабын.
Амина Кузьмина, Дьокуускай куорат (артыыс):
— Дьүөгэбиниин биир кэпсээнинэн киинэ устубуппут уонна кыттарга сайаапкабытын ыыппыппыт. Наһаа үчүгэй үөрүйэҕи ыллыбыт дии саныыбын. Биһигини киинэни устуу төрүт билиилэригэр эрэ буолбакка, олус элбэххэ үөрэттилэр. Биһиги олус көхтөөх элбэх оҕону кытары билистибит, кинилэртэн сорохторо чахчы чаҕылхайдар.
“Сэттэ” хамаанда киинэтэ бары номинацияларга кыайыах курдуга, кыттааччылар бары олус дьоһуннаахтык уонна хаачыстыбалаахтык үлэлээбиттэрэ көстөрө. “Сахафильм” хампаанньа хамаанданы киинэ өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлигэр кыттарга ыҥырда. Ыҥырыыны биллэр-көстөр режиссер, Москватааҕы аан дойдутааҕы киинэ бэстибээлин Гран-притын кыайыылааҕа Эдуард Новиков туттарда. Хампаанньа 30 сыл устатыгар киинэни таптааччылар элбэх көлүөнэлэрин иитэн таһаарда. Билигин «КиноМАНиЯ» үөрэх бырагырааматын холобуругар инникитин режиссер, оператор, таҥааччы, сценарист, артыыс уонна киинэ индустриятын араас үлэһитэ буолуохтаах дьону салҕыы өйүүр.
Ону таһынан оҕолор көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан, АЛРОСА хампаанньаттан сыаналаах бэлэхтэри туттулар. Бачча элбэх наҕараада хамаанда элбэх үлэни ыыппытын уонна онно дьоһуннаахтык сыһыаннаһарын кэрэһэлиир. Хос-хос оҥоһуллубут сценарийдар, каадырдар, онтон экраҥҥа сыралаах үлэ: каадырдары хос-хос көрүү, видеоны таҥыы, тыаһы-ууһу кытта үлэ.
«Кини күнүстэри-түүннэри олорон видеоны хос-хос таҥмыта, кини саамай чаҕылхайдара”, — диэн үөрэх бырагырааматын кыттыылаахтара бары кэриэтэ кыайыылаах киинэни таҥмыт Уйгун Романов туһунан эттилэр. Кини кырдьыга да сүҥкэн үлэни оҥорбут. Итинни үлэ ардыгар болҕомто таһыгар хаалар уонна улахан тулууру, дьаныары ирдиир.
«Мин видеоны таҥыынан икки сыл кэриҥэ дьарыктанным. Онон портфолиолаах этим, онтон сорҕотун айар куонкуруска ыыппытым. Биһиги преподавателларбыт Кирилл уонна Сергей үчүгэй таһымнаах базаны биэрдилэр, киинэни үрдүк таһымнаахтык устарга үөрэттилэр. Кинилэр көмөлөрүнэн мин киинэни таҥарга атын бырагыраамалары эмиэ баһылаабытым. «КиноМАНиЯ-ҕа” кыттыы бэйэбэр эрэли үөскэттэ, билигин олохпун кинематографияны кытта сибээстиир санааҕа улам-улам кэлэн эрэбин”, — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыл нэһилиэгиттэн сылдьар бэрт сэмэй Уйгун кэпсиир.
Сүрүн оруолу толорбут Покровскайтан сылдьар Спартак Федоров уһулуччу талаанын көрдөрдө. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар уол аныгы үҥкүүнү үчүгэйдик толорорун киинэни устар хамаанда үчүгэйдик туһанна. Итини таһынан Спартак суруналыыстыканан үлүһүйэр. Бу барыта бэйэтин дьоруойун арыйарыгар көмөлөстө.
««КиноМАНиЯ-ҕа” мин сүүмэрдээһин түмүктэнэр эрдэҕинэ эрэ киирбитим уонна барыта сатаммытыттан олус үөрэбит. Манна биһиги киинэни устуу түгэннэригэр, түмсүүлээх үлэҕэ үөрэттилэр. Ыарахан этэ, ол гынан баран итиччэ кылгас кэмҥэ биһиги олус күүскэ доҕордостубут, бу үлэбитин тиһэҕэр диэри тиэрдэн, дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр киллэрэрбитигэр көмөлөстө. Тус бэйэм салҕыы видеороликтары устар баҕабын күүһүртэ”, — диэн Спартак кэпсээтэ.
Саха сиригэр хостоммут хас биирдии алмаас эрэгийиэн сайдарыгар уонна социальнай эбийиэктэри тутууга көмөлөһөрүн таһынан, Саха сирин эдэр дьоно бэйэлэрин талааннарын арыйалларыгар көмөлөһөр. Кинилэр билигин оҕо куонкуруһугар бастаатылар, онтон сарсын – аан дойду бөдөҥ хампаанньаларын наҕараадаларын ылыахтарын сөп.
Бастыҥ афиша – «Близко»
Киинэни бастыҥ таҥааччы – Уйгун Романов («С любовью, совесть»)
Бастыҥ оператор – Айсен Соколов («Пламя таланта»)
Бастыҥ сценарий – Дайаана Индеева, Валерия Тихонова («Близко»)
Иккис былаан бастыҥ артыыһа – Афанасий Канаев («Эхо клавиш»)
Бастыҥ артыыска – Дарья Соколова («С любовью, совесть»)
Бастыҥ артыыс – Эдуард Новгородов («Пламя таланта»)
Бастыҥ режиссер – Күннэй Карманова («Близко»)
Бастыҥ киинэ – «С любовью, совесть».
Андрей ШИЛОВ суруйуутуттан тылбаас
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…