Салгыы
Кирбэйгэ “Арчы” эбээлэр түмсүүлэрэ 25 сылын бэлиэтээтэ

Кирбэйгэ “Арчы” эбээлэр түмсүүлэрэ 25 сылын бэлиэтээтэ

03.12.2024, 19:00
Хаартысканы Надежда Колодезникова ыытта.
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар түгэҥҥэ киһиэхэ көмөлөсүһүү, тирэх буолуу уруккуттан түмсүүгэ тирэҕирэр. Ханнык да балаһыанньаҕа биир санааны тутуһан сылдьар түмүллүүгэ, сомоҕолоһууга сирдиир көстүбэт күүс буолар. Түмсүү диэн- бэйэтэ быраабылалаах, усунуостаах кэлэктиип буолар, хас да ахсааннааҕыттан тутулуга суох дьоҥҥо салайааччы ыйыытын-кэрдиитин ылынар, сүбэни холбуур буоллахха биирдэ ыпсыылаах, таһаарыылаах үлэ тахсар, сорук туолар.

Өлөөн улууһун Кирбэй нэһилиэгэр тэриллибит түмсүүлэрбититтэн саамай аҕалара “Арчы” эбээлэр түмсүүлэрэ буолар. Кинилэр 1999 сыллаахха тэриллэн, салайааччынан бэтэрээн-педагог Николаева Валентина Иннокентьевна үлэлээн кэллэ. Түмсүү хайа тэриллиэҕиттэн олох араас ыарахан түгэнигэр түбэспит дьоҥҥо, эмтэнэр оҕолорго, оскуоланы бүтэрээччилэргэ, атын оройуон олохтоохторугар тиийэ көмөлөһөн, дьон махталын ылаллар. Бу анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга аан бастакынан ыҥырыы таһааран, ый аайы биэнсийэлэриттэн хомуйан, көмөлөрүн ыыта олороллор, туттуллар малы-салы, ичигэс таҥаһы хомуйан туттараллар. Оскуолаҕа киирэр оҕолорго тээбириннэри бастакынан туттарар эмиэ эбээлэр буолаллар.

Соторутааҕыта “Арчы” түмсүү тэриллибит 25 -ис үбүлүөйдээх күннэрин “Илкээнньи” сынньалаҥ киинигэр эбээлэри чиэстиир кэрэ-бэлиэ күннэригэр Кирбэй олохтоох дьаһалтата, түмсүүлэр, ансаамбыллар, улуус дьокутааттара, “Илкээнньи” сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ, култуура салаатын, тэрилтэлэр салайааччылара эҕэрдэлээтилэр. “Арчылар” тэриллиэхтэриттэн туох баар ыытыллар тэрээһиннэргэ, аһымал аахсыйаларга, оҕолор бырааһынньыктарыгар үбүнэн эрэ буолбакка, бириистэри олохтоон көхтөөхтүк кытталлар. Сүүрбэ биэс сыл элэс гынан ааспыта түргэнин бэйэлэрэ да сөхтүлэр, тэҥҥэ сылдьыбыт дьүөгэлэрин истиҥник-иһирэхтик ахтан-санаан ыллылар.

Түмсүүгэ саамай ытык саастааҕынан үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии сылларын оҕото Анна Федоровна Сергеева буолар. Анна Федоровна элбэх оҕолоох ийэ, эбээ, хос эбээ, кэлэр сыл олунньу ыйыгар 95 сааһын туолуоҕа. “Арчылар”  бары чөл олоҕу тутуһар буоланнар өй-санаа чэбдик дьоно, дууһалара сайаҕас, санаалара ыраас, баҕалара ыллыктаах.

Биэчэр биир соһуччу түгэнинэн Анна Васильевна Николаева ыалдьыттарга, бэйэтинээҕэр аҕам саастаах түмсүүтүн кыттыылаахтарыгар бэйэтин илиитин сылааһынан оҥорбут харысхалларын туттарыыта буолла.   Ити курдук, хас биирдии түмсүү чилиэннолус талааннаахтар. “Арчы” эбээлэрэ билигин да иистэнэллэр, баайаллар, куукуланы да таҥыннараллар, уруһуйдууллар, ол курдук, иистэрин- айымньыларын көрдөрөр,  хараҕы үөрдэр быыстапкаларын ыалдьыттар сөҕө-махтайа көрдүбүт.

Билигин эбээлэр түмсүүлэрин  Василисса Христофоровна Белолюбская салайар, туспа суоллаах-иистээх киһи. Үбүлүөй биэчэрин уус-уран ансаамбыллар эҕэрдэ нүөмэрдэрэ ситэрэн-хоторон биэрдэ, түөлбэлэр хаһаайкалара остуол хотойорунан итии астаах сандалы бэлэмнээн, эбээлэр ирэ-хоро кэпсэтэ, күлэ-үөрэ олороллоро олох күндү бэлэҕэ буоллаҕа. Кинилэр бааллар нэһилиэккэ олох тутулун сүрүннээччилэр, сүбэ-ама биэрэр тутаах дьоннор. Күндү-мааны  “Арчы” түмсүү кыттыылаахтара, үлэҕэ-хамнаска сиэрдээх сыһыаҥҥытынан, күүстээх санааҕытынан, олоххо күүстээх тапталгытынан холобур буолаҕыт, сүрэххит сылааһын дьоҥҥо-сэргэҕэ аныыр дьоҕургутун сыаналыыбыт, Эһигинэн киэн туттабыт, доруобай буолуҥ, оҕо-сиэн ситиһиитинэн үөрэн- көтөн өссө да өр сылларга олоруҥ.

Надежда КОЛОДЕЗНИКОВА , Өлөөн

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 71% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: