Кирэдьиит ылан баран түөкүттэргэ харчытын ыыппыт…
07.10.2022, 14:25
Бөлөххө киир:
Биир түүн Мииринэй 27 саастаах олохтооҕор «баантан» эрийбиттэр. Итиэннэ дьахтар аатыгар биллибэт дьон кирэдьиит оҥорторо сатаабыттарын туһунан эппиттэр.
Инникитин маннык дьайыы тахсыбатын туһугар, сэрэххэ кинилэр ыыппыт сыылкаларыгар киирэрин сүбэлээбиттэр. Дьахтар ол ыыппыт сыылкаларыгар тута киирбит. Бу кэнниттэн баан сымыйа үлэһитэ хара санаалаах түөкүттэр дьайыыларын сатаан тохтоппотоҕун туһунан эрийбиттэр. Уонна дьахтарга кирэдьиит ыларыгар сүбэлээбиттэр. Эмсэҕэлээччи баан сымыйа үлэһитигэр итэҕэйэн, мөлүйүөнтэн тахса суумаҕа кирэдьиит оҥорторбут уонна СМС-иһитиннэриилэр куодтарын барытын этэн биэрбит. Түмүгэр, баантан ылбыт 1 073 000 солкуобайа барыта түөкүттэр хармааннарыгар киирбит.
Ис дьыала үлэһиттэрэ өссө төгүл сэрэтэллэр: каартаҕыт нүөмэрин кимиэхэ да этимэҥ, кирэдьиит төлөпүөнүнэн оҥорторумаҥ, мунаарар түгэҥҥитигэр, бааҥҥа тиийэн быһаарсыҥ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: