Кирэдьиит ыстаапката 40-50 %-ҥа диэри улаатара сабаҕаланар
Киин Баан сүрүн ыстаапката 21 %-ҥа диэри үрдээн быйыл потребительскай кирэдьиит ыстаапката 40-50 %-ҥа диэри үрдүөн сөп.
Бу туһунан РФ Быраабыталыстыбатын иһинэн үп-харчы үнүбэрситиэтин доцена, эспиэр Петр Щербаченко иһитиннэрдэ. «2025 сылга кирэдьиит ырыынага үрдүк бырыһыаннаах ыстаапкаттан салгыы ыарахаттары көрсүөҕэ. Билигин кирэдьиит ыстаапката сылга 35-40 %-ҥа тиийдэ, онон кирэдьиит туһанааччытын ахсаана аҕыйыыр. Оттон Киин Баан сүрүн ыстаапканы улаатыннаран, инникитин кирэдьиит 45-50%-наах буолуо», — диэтэ Петр Щербаченко. Ону таһынан бааннар 30-40%-наах иэстээх нэһилиэнньэҕэ кирэдьиит биэриини аччатыахтара диэн бэлиэтээтэ. Оччотугар, ый ахсын кирэдьииккэ туһанааччытын дохуотуттан 30-40%- нын ыытар буоллаҕына, кирэдьиити инникитин ылар уустугуруо.
Бу иннинэ Арассыыйа бөдөҥ бааннарыгар потребительскай кирэдьиит ыстаапката 40 %-ҥа диэри үрдээбитин туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Ону сэргэ 100 тыһыынча солкуобайга диэри кыра суумалаах кирэдьииттэргэ ыстаапката быдан үрдүк буолара сабаҕаланар. Ол курдук, Сбербааҥҥа биир мөлүйүөн солкуобайга диэри суумалаах кирэдьиит ыстаапката 26,9% тэҥнэһэр. Оттон 100 тыһыынча солкуобайга диэри суумаҕа ыстаапката 38,2 %-ҥа диэри улаатар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: