Кирэдьиити ылыах иннинэ «толкуйдуур кэм» бэриллиэҕэ

Share

Госдуумаҕа кирэдьиити биэрэргэ «толкуйдатар кэми» киллэрэр сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыннылар. Бу сокуон барыла  түөкүттэртэн көмүскүүр сыаллаах. Бу туһунан Госдуума саайтыгар суруллар.

Сокуон барыла бааҥҥа кирэдьиит ыла кэлбит киһи толкуйдуу түһэригэр бириэмэ биэрэри ирдиир. Ким эрэ ыйыытынан, ыгыытынан кирэдьиит ыла кэлбит киһи өйө баайыллыбыт курдук буолар, онтон тыын ылан, толкуйдана түстэҕинэ, аккаастаныан сөп. Эбэтэр, чугас дьоно билэн, көмөлөһүөхтэрин сөп.

«Токуйдатар кэм» уһуна кирэдьиит сууматыттан тутулуктаах:

  • 4 чаас — 50-200 тыһыынча солкуобайдаах суумаҕа;
  • 48 чаас — 200 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан.

Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин этэринэн, 2024 сылга түөкүттэргэ албыннаппыт дьоҥҥо бэриллибит кирэдьиит харчытын  50%-на тута түөкүттэргэ ыытыллар эбит. Кэнники сылга маннык уоруу 2,6 төгүл улааппыт.

Маны тэҥэ, сокуон барыла бааннары кирэдьиит биэриэх, улахан харчыны ыытыах иннинэ эбии бэрэбиэркэни ыытарга эбээһинэстиир.

Госдуума бу сокуон барылын тохсунньу бүтүөр диэри иккис ааҕыытыгар ылыныаҕа.

Санатар буоллахха, 2024 сылга аҥаардас Саха сиригэр түөкүттэр 1 миллиард 120 мөлүйүөн солкуобай суумалаах харчыны уорбуттар. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимир суол билиэтин эрдэттэн атыылаһар барыстаах

Тимир суол үлэҕэ киирэн, Саха сирин олохтоохторо айан бу көрүҥүн бэркэ туһанан эрэллэр. Чахчы да,…

29 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үҥкүрдэр маскировочнай сиэккэ лиэнтэтин быһар станогу оҥорбуттар

Саха сирин элбэх тэрилтэтэ харчынан кыттыһан, гуманитарнай көмө хомуйан, маскировочнай сиэккэ баайан  байыаннай дьайыыга бэйэтин…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр быыһааччылар дьуһуурустубалыахтара

Дьокуускайга Кириһиэнньэтээҕи сөтүө тохсунньу 18-20 күннэригэр Күөх Хонуу аттыгар Өлүөнэ боротуокатыгар ыытыллар.  Сыл аайы Кириһиэнньэ…

59 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул билгэтэ: “Быйыл сир аһа дэлэй өҥ сайына буолуо…”

Былыр билгэһиттэр өҥ сайын буоларын Үргэл Ыйы кытта алтыһыытынан билэллэр эбит. Бу туһунан норуот синоптига…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО. Бэйдиэ сылдьар ыттар наһаалаатылар

Бэйдиэ сылдьар ыттар киин куорат кытыы уулуссаларыгар эрэ буолбакка, Аппа уҥуор түөлбэ Матросов, Тимирязев уулуссаларынан…

1 час ago
  • Сонуннар

Иирсээн түмүгэ — алдьаммыт видеорегистратор

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ  итирик туруктаах уолаттар  айаннаан иһэн суоппары кытта  айдаарсыбыт    видеолара тарҕанна.…

1 час ago