Кириэс Халдьаайы олохтоохторо саҥа балыыһаланыахтарын баҕараллар
Бу күннэргэ Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы учаастактааҕы балыыһата 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
Бу туһунан Мэҥэ Алдан кулуубун дириэктэрэ Елена Степанова маннык иһитиннэрдэ:
— Мин уопсай тэрээһини анал сценарийынан салайан ыыппыт буолан, олус чугастыы ылынным. 100 сыл — биир үйэ устата бу балыыһаҕа төһөлөөх элбэх дьон: быраас, биэлсэр, сиэстэрэ, санитарка, техүлэһит үлэлээбиттэрэ буолуой, төһөлөөх үгүс үлэ ыытыллыбыта, киһи эмтэммитэ буолуой? Бу сыллар усталарын тухары үлэлээбит убаастабыллаах дьоннорун Кириэс Халдьаайы олохтоохторо 100 сыллаах үбүлүөйү бэлиэтээн, төһө билэллэринэн, дьонтон ахтыы хомуйан, бэйэлэрин кыахтарынан сырдата сатаатылар, кинилэри инникитин өссө да элбэх үлэ күүтэр. Ол курдук, хайаан да балыыһа устуоруйатын салгыы үөрэтэргэ, дьоннорун үйэтитэргэ сананнылар.
Томпо улууһун биир кырдьаҕас тэрилтэтин үбүлүөйүн тэрээһиннээхтик ыытыыга баһылык Лена Голиковаҕа махтал тыл истиҥэ ананна. Кини нэһилиэгин балыыһатыгар дьаһалта аатыттан 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти туттарда. Улууспут баһылыга Яков Степанов эмиэ 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти бэлэх уунна. Ити курдук, Ил Түмэн дьокутааттара Виктор Лебедев, Прокопий Рахлеев, тэрилтэлэр салайааччылара харчынан бэлэх оҥордулар.
Кириэс Халдьаайы балыыһатын 100 сыллаах үбүлүөйүн ыытыыга, тэрийиигэ нэһилиэкпит бас-көс киэн туттар дьоно бары турунан үлэлэстилэр. Драматург, прозаик Н.Д. Неустроев чугас аймаҕа, оройуон киин балыыһатын лабораториятын сэбиэдиссэйэ, СӨ үтүөлээх бырааһа, Кириэс Халдьаайыттан төрүттээх Любовь Григорьева бэйэтэ таһааттарбыт дириҥ ис хоһоонноох кинигэтин бэлэхтээн, үөрүүбүтүн өссө үрдэттэ.
Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайытыгар балыыһа 1923-1924 сылларга аһыллыбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит 6 куойка-миэстэлээх балыыһа 24 үлэһиттээх. Кылаабынай бырааһынан Владимир Кривошапкин үлэлиир. Үлэһиттэр сүрүн баҕалара – балыыһа саҥа дьиэтэ. Билигин үлэлии турар балыыһа сэбиэскэй кэмҥэ сопхуос үлэһиттэригэр анаан тутуллубут уопсай дьиэ.
Ону балыыһа оҥостон олорор үлэһиттэр сырдык, сылаас усулуобуйаҕа үлэлиэхтэрин баҕараллар. 100 сылларын бэлиэтээбит балыыһа кэлэктиибэ баҕа санаата туолан, норуот дьокутааттара, улууспут салалтата туруорсан, “саҥа балыыһаламмыт киһи…” диэн нэһилиэк олохтоохторо баҕа санаалара туоларыгар баҕарабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: