Кириэс мас сэтэ, «Хаһан даҕаны таҥхалаама!»…

Share

Кириэс мас сэтэ

Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола оҕолоро ферма үлэһиттэрин солбуйа үлэлии тахсыбыттар. Оччотооҕу онус кылаас оҕолоро инникини билээри, үлэлээн бүтэн, дьэ, таҥхалыырга санаммыттар. Түүннэри бүлүүһэ сүүрдүбүттэр. Биир уоллара пионер бэрдэ, сэбиэскэй былаас патриота Алеша: ‘’Абааһыны, иччини адьас итэҕэйбэппин, барыта сымыйа, ким эрэ ити бүлүүһэни анньар’’ — дии дии, күл да күл буолбут. Ол курдук ааһар. Арай Алеша 19-с күн, били сүллүкүүттэр ойбоҥҥо төттөрү киирэр кэмнэригэр, хантан истибитэ буолла, абааһы тэтиҥ мастан куттанар диэни билэн, фермаҕа сүөһү уулуур күөлүгэр киирэн, , тэтиҥ маһынан кириэс оҥорон, сүөһү уулуур ойбонун үрдүгэр ууран кэбиһэр. Саҥа дьыллааҕы сүпсүлгэн бүтэр, үлэ, олох салҕанар. Арай, күн тура-тура ферма хотонун ынахтара биир-биир өлүтэлээн барбыттар. Куораттан бэтэринээрдэри аҕалан көрдөрө сатаабытар даҕаны, туһа тахсыбатах.

Биир түүн ферма сайылыгын олохтооҕо Сергей диэн саас ортолоох киһи түһээтэҕинэ, түү курдук дьон кэлэн этэллэр үһү: ‘’Айыы дьоно сиэри-туому тутуспат буолбуккут, сыл ахсын таҥха кэмигэр аллараа дойдуттан тахсан, Орто дойду дьоно хайдах олороргутун, инники дьылҕаҕытын өтө көрө, кэпсии кэлбиппитин аанньа ахтыбаккаҕыт, киирэр күммүт кэлбитигэр киирэр ааммытын тэтиҥ маһынан кириэстии бүөлээҥҥит, сир-дойду икки ардыгар хаалларан кэбистигит. Аһыыр аспыт суох буолан, сүөһүлэргитин сиибит. Утуйар уубут көтөн, оҕолорбут, урууларбыт айманан, бу эйиэхэ көрдөһүүлээх кэлэн турабыт’’. Ол үлүгэрдээҕи түһээн Сергей уһуктан кэлэр уонна сарсыҥҥы күнүгэр дьоҥҥо кэпсээбитэ сайылыгы биир гына тарҕанар. Били Алеша тэтиҥ маһынан сүөһү уулуур ойбонун бүөлээбитэ биллэн тахсар. Кырдьаҕас оҕонньору ыҥыран, ойбон аттыгар кутаа уоту отуннаран уонна ферматтан кулун оҕуһу аҕалтаран хаан тохторор, уоту аһатар, айах тутан ааттаһар. Сүөһү өлүүтэ тохтообут. Ол эрээри, ити сыл күһүнүгэр били Алеша ол күөлгэ ууга түһэн былдьаммыт…

«Хаһан даҕаны таҥхалаама!»

Чурапчы улууһун биир түгэх турар нэһилиэгэр доҕордуулар мустан таҥхалыырга санаммыттар. Кыргыттар: “хаартылыахха, кинигэнэн ааҕыахха” диэн уолаттарын бүлүүһэ сүүрдэртэн
тохтото сатаабыттар. Уолаттар ону ылыныахтара дуо, хап-сабар кумааҕыга буукубалары суруйан, уруһуйдаан барбыттар. Төһө даҕаны куттанналлар, дэриэбинэлэригэр соторутааҕыта
бэйэтигэр тиийинэн өлбүт эр киһини ыҥырбыттар. “Киһилэрэ” кэлэн, интэриэһиргиир ыйытыктарыгар хоруйдаан испит, онтон биир уолга кэлэн: “эн аны хаһан даҕаны таҥхалаамаар, таҥхалыаҥ даҕаны бэйэҥ бэйэҕиттэн кэмсиниэҥ” диэн буукубалары кэчигирэтэн кэбиспит. Уҥуохтара халыр босхо барыар диэри куттаммыт оҕолор онон таҥхалаан бүппүттэр. Кэлин бу уол: “Ол кэмтэн ыла хаһан даҕаны таҥхалаабатаҕым, сэтэ-сэлээнэ ынырыга буолуо, оонньообуппут оҕус буолуо, куттанабын”, — диэн кэпсээн турардаах.

Баанньык умайбыта

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан дьүөгэбит баанньыгар түүн ортото мустан бүлүүһэ сүүрдүбүппүт. Мээнэ-мээнэ бокуонньуктары, былыр үйэҕэ «айаннаабыт» суруйааччылары ыҥыртаатыбыт. Аны аанньа «үүрбэккэ» үрүт-үөһэ ыҥыртыыбыт. Ким ханнык үөрэххэ киирэрин, хас оҕолонорун ыйыталаһабыт. Бүлүүһэбит сүүрэр да сүүрэр. Түүн ортото бүтэммит ол курдук, тарҕастыбыт. Кулун тутарга ол баанньыкпыт умайан хаалла. Онтон ыла туох эрэ көстүбэт эйгэ баарыгар итэҕэйиэх курдукпун…

«Эдэр саас» архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
1
+1
7
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тохсунньуттан хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрэ үрдээтэ

Тохсунньутааҕы төлөбүр суумата олунньу 10 күнүгэр диэри ааҕыллыаҕа. 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уолаттара аан дойдутааҕы муус оҥоһук күрэһигэр миэстэлэстилэр

Саха уолаттара Александр Игнатьев уонна  Максим Охлопков Харбиҥҥа 36-с төгүлүн ыытыллыбыт Муус оҥоһук аан дойдутааҕы…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Баарга маассабай охсуһууну тэрийбит эдэр дьон сууттаныахтара

Дьокуускай куорат борокуруора 19 саастаах уонна 23 саастаах уолаттар холуобунай дьыалаларынан буруйдуур түмүгү бигэргэттэ.  Кинилэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ийэ хапытаала улаатар: 2025 сыл олунньутуттан төһө буолуоҕай?

2025 сыл олунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаалын суумата 7,3% үрдүөҕэ. Билигин оҕолоро 2020 сыл тохсунньу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Арассыыйа оскуолаларыгар метапневмовируһынан хааччахтары киллэрэри былааннаабаттар

Арассыыйа оскуолаларыгар метапневмовируһунан хааччахтары киллэрэри былааннаабаттарын туһунан РФ үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов иһитиннэрбитин туһунан РИА…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөнэ өрүс хаар оҥоһуга гран-прины ылла

Новосибирскайга тохсунньу 4-8 күннэригэр Хаар оҥоһуктар XXV Сибиирдээҕи куонкурус-бэстибээллэрэ буолан ааста. Бэстибээлгэ кытта Москваттан, Луганскайтан,…

3 часа ago