Кириэстээххэ Аҕам саастаахтар күннэрэ
Алтынньы 1 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Аҕам саастаахтар күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнү көрсө, Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгин ытык кырдьаҕастарыгар араас тэрээһиннэри ыыттылар.
«Саргы түһүлгэтэ» култуура киинин үлэһиттэрэ:
— Нэһилиэк аҕам саастаах дьоно айылҕаҕа тахсан оонньоон, араас күрэхтэргэ кыттан, сынньанан, үөлээннээхтэрин көрсөн көмүс күһүн үтүө күнүгэр дуоһуйа сынньаннылар. Иккис кылаас үөрэнээччилэрэ (кыл.сал.Анжелика Евгеньевна Сидорова) эбээлэри,эһээлэри эҕэрдэлээтилэр, анаан оҥорбут уруһуйдарын бэлэх ууннулар уонна пааркаҕа чыычаахтар аһыыр кормушкаларын бэйэлэрин оҥоһуктарын, анал миэстэҕэ ыйаталаатылар. Кыраларга, чыычаахтарга, кырдьаҕастарга толору үөрүүлээх күн буолла.
Күндү дьоммут үөрэ-көтө сиэннэргит, оҕолоргут, чугас дьоҥҥут тапталларынан угуттанан этэҥҥэ олоруҥ, өссө да үтүө күннэр үүнэ турдуннар, — диэн иһитиннэрдилэр.
Ытык кырдьаҕастары үүттээх чэйинэн, эттээх миининэн, сылаас алаадьынан тэрийээччилэр күндүлээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: