Хаартыска: pxhere.com/ru/photo
Сэрэбиэй көрүҥэ элбэх, биһиги олортон, сэрэбиэйдэниэх тустааххыт диэбэтэрбит даҕаны, быһа тардан билиһиннэрэбит.
Саамай судургу уонна тарҕаммыт көрүҥ. Эдэр кыыс хаҥас атаҕын таҥаһын устан, аан модьоҕотун биитэр түннүк нөҥүө быраҕар. Атах таҥаһа төбөтүнэн дьиэ диэки сытар буоллаҕына, быйыл эргэ тахсыбат.
Дьиэ-кэргэн таптаан иитэр бу харамайын Кириһиэнньэ киэһэ хоско ыҥыраннар, хайдах хааман киирэрин көрөллөр. Уҥа атаҕын бастатара – табыллыыны түстээтэ диэн үөрэр, оттон хаҥас атаҕа басатан көһүннэҕинэ, ыарахаттары көрсөргө бэлэмнэнэр эбиттэр.
Иһиккэ уу кутан таһырдьа таһааран хонноруллар. Сарсыарда киллэрэн көрдөххө, үллэ тоҥмут үү үчүгэйи билгэлиир, уола тоҥмут куһаҕаны түүйэр.
Хамыйаҕы (бэргэһэни, үтүлүгү…) холобур, бултуу баран эрэ дьон: “Байанайбыт үчүгэй хараҕынан көрүөх буоллаҕына, олордьу түс!” — диэн баран быраҕаллара. Хамыйах олордьу түстэҕинэ, булт тосхойууһу диэн эрэллээх айанныыллара.
edersaas.ru архыыбыттан
Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия үөрэнээччилэрэ аан дойду таһымыгар кыайыыны ситистилэр. А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай…
Кириһиэнньэ сөтүөтүн кэмигэр дьоҥҥо куттал суох буолуутун 630-тан тахса киһи уонна 140 тиэхиньикэ хааччыйда. Онно…
Суут ИДЬМ-тан табыллыбатах уоппуска иһин хоромньуну төлөттө. Дьокуускай куораттааҕы суукка куорат олохтооҕо СӨ Ис дьыала…
РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕын бырайыагар олоҕуран, суоппардар массыыналарын регистрационнай докумуоннарын уонна суоппар быраабын дастабырыанньатын МАХ нөҥүө…
Үлэ, социальнай бэлиитикэ, бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ярослав Нилов, наҕараада ылбатах эрээри ирдэнэр болдьохтон биэс…
Саха сиригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдээһин үлэтэ салҕанар. Ахсынньы 16 күнүнээҕи…