Кириһиэнньэ сөтүөтэ тохсунньу 18-20 күннэригэр буолар

Share

Быйыл Кириһиэнньэ сөтүөтэ Дьокуускай куоракка уонна 16 оройуоҥҥа тохсунньу 18-20 күннэригэр буолуо.

Барыта 23 миэстэҕэ, ол иһигэр 15 сөтүөлүүр сир уонна уу ыларга аналлаах 8 ойбон оҥоһуллара былааннаммыт.
Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна баһаарынай куттал суох буолуутун хааччыйыыга хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Кини бу күннэргэ Дьокуускайдааҕы ыксаллаах быһыы-майгы территориальнай систиэмэтэ үрдүк бэлэмнээх эрэсииминэн үлэлииргэ бэлэмин бэрэбиэркэлээтэ.
«Кириһиэнньэ сөтүөтүн кэмигэр Дьокуускайдааҕы ыксаллаах быһыы-майгы территориальнай систиэмэтэ үрдүк бэлэмнээх эрэсииминэн үлэлиэ. Маннык тэрээһин сыл аайы үгэс быһыытынан ыытыллар. Биһиги айылҕабыт уратытын учуоттаан араас быһыыга-майгыга бэлэм буолуохпутун наада. Онон миэстэтигэр суукканы эргиччи суһал сулууспалар, ол иһигэр ЫБММ, ИДьМ, Саха сирин Быыһыыр сулууспата итиэннэ мэдиссиинэ көмөтүн биригээдэтэ дьуһуурустубалыахтара», – диэн кини эттэ.
Сөтүөлээһин кэмигэр куттал суох буолуутун 617 киһи уонна 133 тиэхиникэ хааччыйыа. Өрөспүүбүлүкэ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, оройуоннарга уонна куорат уокуруктарыгар мэдиссиинэ көмөтүн суһал биригээдэлэрэ дьуһуурунайдыахтара.
Дьокуускай куоракка Кириһиэнньэ сөтүөтэ, үгэс быһыытынан Күөх хонууга ыытыллыа, онно анаан оптуобус сылдьыа.

Маны таһынан Кириһиэнньэ сөтүөтэ Кэбээйи, Томпо, Мииринэй, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри, Анаабыр, Аллараа Халыма, Усуйаана, Нам, Бүлүү, Өймөкөөн, Хаҥалас, Үөһээ Халыма, Абый уонна Уус Маайа оройуоннарыгар ыытыллара былааннанар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Сергин: «Доруобуйа харыстабылыгар каадыры бэлэмнээһин үлэтэ күүскэ барар»

Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сыллааҕы үлэ-хамнас туһунан туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан тырааныспар сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууруо

Владимир Сивцев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: -Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын, суолун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомтотун…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 ч. Ил Дархан  Айсен Николаев сыл аайы ыытыллар…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госөҥөлөр портал дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүүттэн эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһүөҕэ

Порталга “жизненная ситуация” диэн саҥа раздел баар буолбут. Манна дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүү көрүҥнэригэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урбаан миниистирэ Георгий Андреев  социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ тахсыаҕа

СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Георгий Андреев бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр,  СӨ Ил Дарханын…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сардаана Корякина – Николай Неустроев аатынан бириэмийэ саҥа лауреата

Быйыл ахсынньы 15 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэртэн эдэрдэрэ, сахалыы комедия жанрын олохтообут драматург, саха уонна…

2 часа ago