Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр быыһааччылар дьуһуурустубалыахтара
Дьокуускайга Кириһиэнньэтээҕи сөтүө тохсунньу 18-20 күннэригэр Күөх Хонуу аттыгар Өлүөнэ боротуокатыгар ыытыллар.
Сыл аайы Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр Саха сирин Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара уонна водолазтара дьуһуурустубалаан, куттала суох буолууну хааччыйаллар.
Быыһааччылар анал ойбонтон чугас дьуһуурустубалыыллар уонна дьон куттала суох буолуу быраабылатын тутуһалларын кэтээн көрөллөр. Муустаах ууга бэлэмэ суох киирии туох кутталлаах буолуоҕун сэрэтэллэр. Онтон туох эмит буоллаҕына да, быыһыы охсорго бэлэмнэр. Сылытыллар балаакка баар, онно таҥныахха, уларыттыахха сөп.
Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэй Епархия Кириһиэнньэтээҕи сөтүө ойбонун тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 1 чаастан сибэтии гыныаҕа, ол кэнниттэн сөтүөнү саҕалыахтара. Бу кэмҥэ күн-дьыл сылыйара, 25-30 кыраадыс тымныы буолара күүтүллэр.
Тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 12 чаас 30 мүнүүтэттэн киэһэ 10 чааска диэри уонна тохсунньу 19 күнүгэр сарсыарда 8 чаастан киэһэ 10 чааска диэри Эргэ куоракка Мэҥэ уот аттыттан сөтүө буолар сиригэр диэри оптуобустар дьону таһыахтара.
Бырайыас сыаната — уу харчынан 45 солкуобай, баан каартатынан — 40 солкуобай.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: