Кириһиэнньэ сөтүөтүн ойбонун бэлэмнээн эрэллэр

Share

Дьокуускайга Күөх хонууга Кириһиэнньэ сөтүөтүн тэрийээри, бэлэмнэнэн эрэллэр. Тохсунньу 16 күнүгэр ыытыллыбыт үлэни хонтуруоллуур, көрөр-истэр хамыыһыйа баран көрүөҕэ диэн куорат хаһаайыстыбатын хааччыйар сулууспа салайааччыта Владимир Аммосов иһитиннэрдэ. 

Сөтүө буолар сирин тохсунньу 17 күнүгэр аҕабыттар сибэтии гыныахтара. Бу кэнниттэн баҕалаахтар ууга умсан ылыахтарын сөп.

Үгэс курдук, оптуобустар дьону таһыахтара. Кириһиэнньэ сөтүөтэ Күөх Хонуунан киирэн, Өлүөнэ өрүс боротуохатыгар буолар. Оптуобустар Мэҥэ уот турар Марат болуоссатыттан сөтүө буолар сиригэр диэри илдьэн биэриэхтэрэ, төттөрү аҕалыахтара. Күөх Хонуунан быһалыы сылдьыахтара.

Кириһиэнньэ сөтүөтүн ойбонун кириэс быһыылаах гына оҥороллор, таҥара дьиэтиттэн кэлэн сибэтии гыналлар, таҥнарга сылаас балаакка баар буолар, ЫБММ үлэһиттэрэ куттала суох буолууну хааччыйаллар.

Бу кэмҥэ күн-дьыл сылаас турара күүтүллэр — -30-ча кыраадыс буолуохтаах. Урукку сылларга -50 кыраадыс тымныы буоллаҕына да, православнай христианскай итэҕэллээх дьон толлубаттар этэ.

Кириһиэнньэҕэ ойбоҥҥо бэлэмнээх, итэҕэллээх эрэ дьон киирэллэр, мээнэ муустаах  ууга киирии доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп. 

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев дойду 10 саамай көхтөөх баһылыктарын ахсааныгар киирдэ

Ааспыт сыл түмүгүнэн Айсен Николаев федеральнай таһымҥа эрэгийиэннэр ортолоругар 10 саамай көхтөөх баһылыктарын ахсааныгар киирдэ.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 100 саастаах олохтооҕор 1 мөл. солк. туттардылар

Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 100 саастаах олохтооҕор 1 мөлүйүөн солкуобайы туттардылар. Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олохтооҕо, Аҕа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускай маастар-былаанын чэрчитинэн үс оскуола уонна икки оҕо уһуйаана  тутуллара былааннанар

Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэриини тохсунньу 14 күнүгэр, оптуорунньукка, Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат мэрэ…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Пуховигы сөпкө сууйабыт…

Саха сиригэр билигин аҕыйах кэрэ аҥаар саҕынньах кэтэн сылдьар курдук, дьон үксүн пуховик куурканан кыстыыр.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл 500-тэн итэҕэһэ суох тырааныспары гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ

Саха сиригэр 2025 сылга 500 массыынаны гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ. Бу туһунан Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. 2024…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

«Хаҥалас хапсаҕайа» турнирга барыта 6 мөл.солк. оонньонуо

Дьокуускай куорат «Хаҥалас хапсаҕайа» норуоттар икки ардыларынааҕы турниры ыытарга бэлэмнэнэр. Барыллаан турнирга  аҕыс судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ,…

13 часов ago