Сылын ахсын Кириһиэнньэ күн итэҕэллээхтэр Айыы Тойон Таҥара үөрэҕинэн сибэтиэй уунан сууналлар, уу ылаллар уонна дьиэлэригэр илдьэн оҕолоругар, аймахтарыгар иһэрдэллэр.
Бу бырааһынньык күн киин куоракка маршрутнай оптуобустар дьону таһыахтара. Кириһиэнньэ сөтүөтэ Күөх Хонуунан киирэн, Өлүөнэ өрүс боротуохатыгар буолар. Оптуобустар Мэҥэ уот турар Марат болуоссатыттан сөтүө буолар сиригэр диэри илдьэн биэриэхтэрэ, төттөрү аҕалыахтара. Күөх Хонуунан быһалыы сылдьыахтара. Бу күннэргэ сибэтиэй ууга сөтүөлүөххэ, ону тэҥэ иһиккэ баһан ылыахха сөп. Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэй Епархията Кириһиэнньэ сөтүөтүн тохсунньу 18 күнүгэр күнүс 13.00 чаастан арыйыа уонна сырдатыа.
Пассажирдары таһыы бириэмэтэ:
Бырайыас тарыыба — 45 солк., баан каарталарынан айан сыаната — 40 солк.
Тохсунньу 18 күнүттэн 20 күнүгэр диэри — Кириһиэнньэ сочельнига. Православнай христианнар итэҕэллэринэн тохсунньу 19 күнүгэр Иордан үрэҕэр Иисус Христоһу Иоанн Предтеча кириэстээбитэ бэлиэтэнэр. Бу күн уратытынан итэҕэллээх киһи икки улахан уунан ыраастаныыта буолар, бастакыта — сочельник күн таҥара дьиэтигэр, иккиһэ — тохсунньу 19 күнүгэр, ыраас халлаан анныгар, күөллэргэ биитэр үрэхтэргэ. Эрдэттэн ойбон үүттэнэн, таҥара итэҕэлэ этэринэн, ханнык баҕарар киһи ууга үстэ умсан ылыахтаах, ону таһынан мэлииппэ ааҕыахтаах. Муустаах ууга сөтүөлүүр киһи дууһатын, этин-сиинин чэбдигирдэр, сыл тухары мунньуллубут кыһалҕаларын, сор быатын ыраастанар.
Араас мистическэй үөрэхтэр этэллэринэн, бу күн Күн, Сир уонна Галактика оройун кытта анал сибээс үөскүүр, атыннык эттэххэ, «энергетическэй ханаал». Бу түгэҥҥэ сир, уу, харамай уонна киһи ыраастанар, эмтэнэр. Ордук күүстээҕинэн киһи уу нөҥүө ыраастаныыта уонна эмтэниитэ буолар.
Сибэтиэй ууну иһэри, суунары таһынан дьиэни эмиэ ыраастыахха сөп. Кириһиэнньэ күн ылыллыбыт сибэтиэй ууну кириэстии хаҥас илиигинэн, дьиэҕин чаһы эргииринэн, тарбаҕын төбөтүнэн ыһыллыахтаах. Киирэр аан таһыттан саҕалаан дьиэ иһигэр араас хосторунан чаһы эргииринэн хаамаҥҥын, киирэр ааҥҥа төннүөхтээххин. Дьиэни сибэтиэй уунан ыраастыыргар хайаан да ааннар уонна бордууһуна аһаҕас туруохтаахтар, маны таһынан маннык мэлииппэ ааҕыллыахтаах: «Окроплением воды сия священныя в бегство да претворится всякое нечистое и бесовское действо». Бу ньыманы нэдиэлэ ахсын туһаныахха сөп. Хас биирдии куһаҕан санаа, этиһии айдааныгар үөскээбит, муннуктарга иҥмит хара дьайдар сүтэллэрэ бэлиэтэнэр.
Кириһиэнньэ уутугар эбии уу куттахха, күүһүн сүтэрбэт эбит. Итэҕэл быһыытынан, биир хааппыла сибэтиэй уу акыйаан уутун ыраастыан сөбө ыйыллар.
Ааспыт сыл түмүгүнэн Айсен Николаев федеральнай таһымҥа эрэгийиэннэр ортолоругар 10 саамай көхтөөх баһылыктарын ахсааныгар киирдэ.…
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун 100 саастаах олохтооҕор 1 мөлүйүөн солкуобайы туттардылар. Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин олохтооҕо, Аҕа…
Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэриини тохсунньу 14 күнүгэр, оптуорунньукка, Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат мэрэ…
Саха сиригэр билигин аҕыйах кэрэ аҥаар саҕынньах кэтэн сылдьар курдук, дьон үксүн пуховик куурканан кыстыыр.…
Саха сиригэр 2025 сылга 500 массыынаны гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ. Бу туһунан Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. 2024…
Дьокуускай куорат «Хаҥалас хапсаҕайа» норуоттар икки ардыларынааҕы турниры ыытарга бэлэмнэнэр. Барыллаан турнирга аҕыс судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ,…