Кириһиэнньэҕэ туох көҥүллэнэр, бобуллар?

Share

Сарсын, тохсунньу 19 күнүгэр – Кириһиэнньэ. Бу күн туох көҥүллэнэр, бобуллар? Кириһиэнньэнэн күнү-дьылы хайдах билгэлииллэр?

Кириһиэнньэ – улахан христианскай бырааһынньык, онон итэҕэллээх дьон бу күн булгуччу Таҥара дьиэтигэр сылдьаллар.

Биир сүрүн үгэс – сибэтиэй ууну ылыы. Бу ууну сыл устата уура сылдьан тутталлар, дьиэни-уоту ыраастыыллар, оннооҕор ыарыыларын, дьарҕаларын кытта эмтэнэллэр.

Бу күн уу эрэ буолбакка хаар эмиэ эмтиир күүстээх диэн итэҕэйэллэр, доруобай, кэрэ сэбэрэлээх буолаары сирэйдэрин, илиилэрин хаарынан соттоллор.

Төһө даҕаны Кириһиэнньэ тоһуттар тымныыта турдар, дьиэлэриттэн туох баар куһаҕаны үргүтээри, үчүгэйи киллэрээри бу күн дьиэлэрин аанын, түннүгүн тэлэччи аһаллар эбит.

Бу күн сыбааттаһар эбэтэр тапталга билинэр үчүгэйгэ дииллэр.

Атын даҕаны таҥара бырааһынньыктарыгар курдук Кириһиэнньэҕэ этиһэр, кыыһырсар, хобу-сиби таһар, кэпсиир, дьону холуннарар көҥүллэммэт.

Бу күн таҥас сууйар букатын көҥүллэммэт. Кириһиэнньэҕэ уу төһө да ураты ыраас диэтэллэр, таҥас сууйуутун курдук бытархайга ууну барыыры аньыынан ааҕаллар.

Былыргы итэҕэлинэн бу күн ытааһын куһаҕаны түүйэр. Кириһиэнньэҕэ ытаабыттар сылы быһа ытыыллар диэн этэллэр эбит, онон харах уутун таһаарар букатын табыллыбат.

Кириһиэнньэ күн үлэлээмэҥ диэн сүбэлииллэр.

Күн-дьыл билгэтэ

Өскөтүн чэчиэринньиккэ ый толору буоллаҕына – саас уу кэлиэҕэ. Ый саҥа үүнэр буоллаҕына – чугастааҕы ыйга Кириһиэнньэ тымныыта туруоҕа.

Бырааһынньык иннинээҕи түүн былыта суох, тымныы буоллаҕына – сайына ардаҕа суох, кураан.

Былыттаах уонна тымныы – үрдүк үүнүүнү ылыаҥ.

Түүнэ сулустаах – тэллэй хойуутук үүнүөҕэ.

Кириһиэнньэ күн күннээх – кураан сайыҥҥа.

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

29 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр отчуокка үгүс киһи санаатын үллэһиннэ

Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ

Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…

2 часа ago