Кирииби тымныйыыттан хайдах араарыахха?

Кирииби тымныйыыттан хайдах араарыахха?

19.03.2024, 12:57
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга ОРВИ уонна кириип курдук сыстыганнаах ыарыыга ылларыы балачча элбэх. Ордук кырдьаҕастар уонна кырачаан оҕолор ыалдьаллар.

Дьокуускай куорат өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын терапевт-бырааһа Айыына Дьячковская хайдах харыстанар туһунан сүбэлиир.

Айыына Захаровна, сорохтор соччо суолта биэрбэккэ хаалар бу ыарыылартан хайдах харыстаныахха сөбүй?
-Бу сыстыганнаах ыарыыларга аҕам саастаах дьон, кыра оҕолор, оҕо күүтэр дьахталлар уонна уонна ааспат-арахпат ыарыылаахтар (астма, диабет, сүрэх-тымыр ыарыылара) уонна дьаҥы-дьаһаҕы утары охсуһар күүстэрэ мөлтөөбүт дьон ордук ыллараллар.

– Кириип ханнык сибикилэрдээҕий?
-Кириип саамай тарҕаммыт сибикилэрэ:
-кыраадыс тахсар (97%),
— сөтөл (94%),
— тумуу (59%),
— күөмэй ыалдьар (50%),
— төбө ыалдьар (47%),
— тыынарыҥ тэтимнэнэр (41%),
— былчыҥнар ыалдьаллар (35%),
— конъюнктивит (9%).

– Кириип туох содуллаах буолуон сөбүй?
— Сыл аайы күн-дьыл уларыйыытыгар кэлэр кириипгэ сыыстарыы 5-7-с күннэригэр эбэтэр өссө хойут, онтон көннөрү кириипкэ ыалдьыбытын 2-3-күнүгэр хайыы-үйэ биллэн барар.
Сыыстарыыга ордук вирустаах пневмония элбэх. Вирустаах пневмонияҕа киһи туруга түргэнник мөлтүүр, үгүстэр 24 чаас иһигэр тыыналлара ыараан барар. Түргэнник саҕаламмыт эмтэнии ыарыы намырыырыгар көмөлөһөр.

-Дьиэҕэ ыалдьыбыт киһи баар буоллаҕына хайдах харыстанылларый?
-Ыарыһах туспа хоско сытыахтаах. Ол кыаллыбат буоллаҕына, ыарыһах биир миэтэрэ тэйиччи сытыахтаах.
-Ыарыһах уонна кини чугас дьоно, ордук кырдьаҕастар уонна ааспат-арахпат ыарыылаах дьон алтыһыыларын хааччахтааҥ.
-Хоһу элбэхтик салгылатыҥ.
-Ыарыһах киһи баар дьиэтэ ыраас, салгыннаах буоларыгар кыһаллыҥ. Илиигитин элбэхтик суунуҥ уонна дьиэ-уот тэриллэрин, миэбэллэрин сууйар-сотор сириэстибэлэринэн сото сылдьыҥ.
-Илиигитин мыыланан элбэхтик суунуҥ.
-Ыарыһаҕы көрөргүтүгэр-истэргитигэр айаххытын уонна муннугутун маасканан эбэтэр атын харыстыыр сириэстибэлэринэн сапта сылдьыҥ.
Ыарыһаҕы дьиэ кэргэн биир эрэ киһитэ көрүөхтээх, бүөбэйдиэхтээх.

Кирииби тымныйыыттан хайдах араарыахха?

Норуокка судургутук «тымныйыы» диэн ааттыыр ОРВИ ыарыылара элбэх ахсааннаах вирустан үөскүүллэр уонна аан дойдуга баар сыстыганнаах ыарыылар түөрт гыммыт үһүн кэриэтэ ылаллар.
Кириип уонна ОРВИ салгынынан бэриллэллэр, ол эбэтэр ыарыһах киһи сөтөллөрүгэр эбэтэр ытырдарыгар кини силин нөҥүө салгынынан бэриллэр.
Тымныйыыны үгүстүк кирииби кытары булкуйан, улаханнык алҕаһыыллар. Санатан эттэххэ, ОРВИ -– үксүгэр түргэнник эмтэниллэр уонна сыыстарыыта суох ыарыы. Ыарыһахтар кыратык кыраадыстара тахсарын, күөмэйдэрэ ыалдьарын уонна тумуу баарын туһунан үҥсэргииллэр. Бу барыта — ОРВИ биллэр сибикилэрэ. Ыарыы чэпчэкитик эмтэниллэр. Хомойуох иһин, тымныйыыны «атахтарыгар тура» сылдьан аһараллар эбэтэр бырааска көрдөрбөккө эрэ сөтөл эмтэрин, антибиотиктары иһэллэр.
Кириип вируһуттан үөскээбит ыарыы ыараханнык ааһар уонна тыҥа сэбиргэхтэтиитин курдук ыарахан содулга тириэрдиэн сөп.

– Ханнык сибикилэргэ бырааһы ыҥырылларый?
– Маннык сибикилэргэ бырааһы хайаан да ыҥырыллар:
-кыраадыс эмискэ 39-40 тиийдэҕинэ;
-былчыҥнар ыалдьалларыгар (эт-сиин дьаралыйыыта)
-тумуута суох кураанах уонна ыарыылаах сөтөлгө;
-сэниэ мөлтөөтөҕүнэ.

-Бу сибикилэр баалларын да иһин, үксүгэр бэйэлэрэ эмтиэкэлэнэн, антибиотиктары иһэллэр. Онуоха тугу этиэҥ этэй?
-Антибиотиктарынан ОРВИ-ны да, кирииби да эмтэниллибэт! Ыарыыттан сыыстарар куттал баар эрэ буоллаҕына уонна быраас анаатаҕына иһиллэр. Эми иһэргэ ыксаамаҥ. Препараттары мээнэ уонна сыыһа иһэр тоҕо кутталлааҕый? Сөтөл, тумуу уонна күөмэй ыалдьара -– олох тус-туһунаннар. Бэл, сөтөлтөн эмтиир сириэстибэлэр икки көрүҥнээхтэр: сөтөл күүрэрин тохтотор (кураанах сөтөлгө) уонна сил тахсарын сымнатар.
Муннуга куттар хааппылалары талыы эмиэ боростуойа суох. Эмп ырыынагар баар препараттар бары кэриэтэ тымыры кыаратар сириэстибэлэргэ киирсэллэр. Олор салыҥнаах бүрүө иһэрин тохтотоллор уонна мурун «туолбутуттан» босхолууллар. Бу препараттар алталарыгар диэри саастаах оҕолорго, оҕо күүтэр уонна эмтэрэр ийэлэргэ, кырдьаҕастарга сөп түбэспэттэр. Тоҕо диэтэххэ, тымыры кыаратар компоненнар хаан баттааһына үрдүүрүгэр уонна сүрэх тэбиитэ түргэтииригэр тириэрдиэхтэрин сөп.
Ол иһин бэл көннөрү тумууга эмтээх препараттары быраас эрэ аныыр.

– Кыраадыһы түһэрэр наада дуу, суох дуу?
-Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтин этиитинэн, 38,5 намыһах кыраадыһы түһэрэр наадата суох. Ити -– организм инфекция киирэриттэн харыстанар дьайыыта. Бахтыарыйалар уонна вирустар тымныыга уонна үрдүк кыраадыска куһаҕаннык ууһууллар. Ону таһынан, үрдүк кыраадыс -– организмҥа инфекция өссө да баарын уонна ону утары охсуһуохха наадатын этэр бэлиэ.

— Онтон кыраадыһы булгуччу түһэриниэхтээх ыарыһахтар араҥалара эмиэ баар дуо?
-Баар. Холобур:
-Оҕолор уонна сүрэх ыарыылаах улахан дьон (стенокардия, сүрэх ишемическай ыарыыта, сүрэх бобуллуута),
-ааспат бронхиттаахтар, астмалаахтар,
-ньиэрбэлэрин систиэмэтэ ыарыылаахтар, холобур, эпилепсиялаахтар.
Кыраадыс тахсара — бырааска көрдөрүнэр сылтах буоларын умнумаҥ.

Зоя ИГНАТЬЕВА

+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: