Кирииптэн көмүскүүр, муннуга ыстарыллар быһыыны айдылар
Гамалея киинэ кириип киэҥник тарҕаммыт штаммнарын утары «ГамФлюВак-Квадри» диэн муннуга биирдэ ыстарыллар быһыыны оҥорон таһаарда. Килиниичэскэй чинчийии бастакы түмүктэрэ үс ыйынан биллиэхтэрэ.
Бу вакцинаны оҥорорго «Спутника V» быһыы платформата туһаныллыбыт.
— Бу быһыы араас А штаммнартан – сибиинньэ H1N1, эбэтэр көтөр кирииптэриттэн, ону тэҥэ, В көрүҥнээх штаммнартан эмиэ көмүскүүр, — диэн Гамалея киинин молекулярнай биотехнология лабораториятын салайааччы Максим Шмаров этэр.
Муннуга ыстарыллар вакцина укуолланар быһыылартан уратыта диэн, вирус саҥа киирэн эрдэҕинэ, тохтотор кыахтаах. Бастакы чинчийиилэр үчүгэй түмүгү көрдөрдүлэр, киһи доруобуйатыгар буортута суох диэн учуонайдар этэллэр. 2023 сылга өссө элбэх киһини хабан, килиниичэскэй чинчийии иккис түһүмэҕэ ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: