Кириисис кэмигэр Саха сирин нэһилиэнньэтин дохуота 3% үрдээбит

Share

Арассыыйа дьонун-сэргэтин олоҕун уйгута мөлтөөбүтүн туһунан быйыл Росстат саҥа дааннайдара туоһулууллар.

Былырыын сыстыганнаах дьаҥ кириисиһин кэнниттэн Арассыыйа олохтоохторун дьиҥнээх харчынан дохуоттара улааппыта. Оттон быйыл бу сылга хас кыбаартал аайы түһэн иһэр – бастакы кыбаарталга 99 %, иккискэ – 98,1 %, үһүскэ 97,6 % буолла диэн «Региональная политика» телеграм-канал иһитиннэрэр.
Нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота 9 эрэгийиэҥҥэ эрэ үрдээбитэ көстөр. Олортон ниэптээх-гаастаах автономнай уокуруктар – Ханты-Мансийскай 7 %, Ямало-Ненецкэй 5%, Тюмень уобалаһа 1 % олохтоохторун дохуота үрдээбит. Краснодарскай кыраай даҕаны хаалсыбатах – дохуота 2 % улааппыт. Оттон Уһук Илин уокуругар Саха сирэ уонна Чукуотка дохуоттара 3% үрдээн, үчүгэй туруктаах эрэгийиэннэргэ киирбит.
Кэнники сылларга намыһах соҕус көрдөрүүлээх Кабардино-Балкария уонна (10 %-тан тахса) уонна Чечня дохуоттара үрдээбит. Оттон Красноярскай кыраай уонна Бурятия Өрөспүүбүлүкэтэ былырыыҥҥы таһымҥа хаалбыттар.
Быйылгы кириисистэн ордук биллэрдик от ыйыгар уонна балаҕан ыйыгар Ингушетия нэһилиэнньэтэ эмсэҕэлээбит, онно нэһилиэнньэ дохуота 11 % түспүт. Ингушетияны кытта сэргэ дьадаҥы эрэгийиэннэр ортолоругар нэһилиэнньэлэрин дохуоттара биллэрдик намтаабыт өссө түөрт соҕурууҥу өрөспүүбүлүкэ баар (Карачаева-Черкескэй, Дагестан, Адыгея, Калмыкия), ону тэҥэ Крым, Мордовия, Сибииргэ – Алтай уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэлэрэ, Уһук Илин уокурукка – Еврейскэй автономнай уокурук олохторун таһыма биллэрдик түспүт.
Арассыыйа атын киин эрэгийиэннэрин дохуоттара 5-9 % тиийэ түһэн, олохторун таһыма намтаабыта бэлиэтэнэр. Кириисис ытарчатыгар киирэн, бастатан туран, урут даҕаны дьадаҥытык олорбут эрэгийиэннэр, ордук дойду Соҕуруу өттүгэр олохторо ыараабыт. Урукку сылларга саамай баай эрэгэйиэннэринэн биллэр Подмосковье уонна Пермскэй кыраайга тутахсыйбыттар. Росстат дааннайын ылан көрдөххө, уопсайынан, таҥнары түһүү Арассыыйа киин уонна Хотугулуу-арҕаа өттүгэр барар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Алексей Агапов мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа бастакы үтүөлээх тириэньэринэн буолла

Саха сирин элбэх спортсменнарын үөрэппит Алексей Агаповка дойду успуордун миниистирэ Михаил Дегтярев бирикээһинэн мас-рестлиҥҥэ Арассыыйа…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Түмэллэргэ түүн» аахсыйа аан бастакытын геология тиэмэтигэр ананар

Дьокуускайга ыам ыйын 17 күнүгэр «Түмэллэргэ түүн» диэн аахсыйа ыытыллар. Быйыл аан бастакытын аахсыйа геология…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

С гепатиттаах ыарыһахтары эминэн-томунан хааччыйыахтара

«Продолжительная и активная жизнь» саҥа национальнай бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн Саха сиригэр сыл саҕаланыытыттан «Гепатиты…

54 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ВИДЕО: Горнай трассатыгар муус маҥан кырсаны көрдүлэр…

Социальнай ситимнэринэн Саха сирин олохтоохторо Орто Сурт бөһүөлэк аттыгар трассаҕа маҥан кырсаны бэлиэтии көрбүттэрин видеоҕа…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр бэтэрээннэргэ анаан мэдиссиинискэй уонна психологическай бырагыраамалар үлэлииллэр

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ мэдиссиинэ уонна психологическай бырагыраамалар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор бөлөх мунньахтаата

СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, Нам улууһугар сокуоннайа суох үлэни бохсор  бөлөх тэриллибитэ. Бөлөх салайааччыта –…

2 часа ago