Кирилиэскэ халтарыйан охтубут уонна…
Ленскэй куоракка олорор дьахтар 2024 сыл муус устар ыйыгар бааҥҥа сылдьыбыт. Тахсан иһэн, мууһурбут кирилиэскэ халтарыйан, охтон түспүт.
«Суһал көмөнү» ыҥыран, балыыһаҕа барбытыгар, хирург көрөн баран, Ленскэйдээҕи кииннэммит балыыһа хирургическай отделениетыгар киллэрбит.
Бу күн киниэхэ хирурдар эпэрээссийэ оҥорбуттар. 10 күн балыыһаҕа сытан эмтэммит, ол кэнниттэн ыам ыйын 28 күнүгэр диэри балыыһаҕа баран, бэрэбээскилэнэр эбит.
Баан кирилиэһин муустан ыраастаабатахтар, ол онтон эмсэҕэлээтим диэн, дьахтар суукка биэрбит. От ыйыгар Ленскэй оройуонун суута оуноаха сөбүлэһэн, баан 50 тыһыынча солкуобайы төлүүрүгэр уураахтаабыт.
Баан бу быһаарыыны кытта сөбүлэспэтэх уонна апелляция биэрэн, суут быһаарыытын тохтоторго көрдөспүт.
Үрдүкү Суут гражданскай коллегията дьыала матырыйаалын үөрэтэн баран, суут бастакы быһаарыытын уларытан, моральнай толуйуу сууматын үрдэтэн биэрбит — онон баан эмсэҕэлээбит дьахтарга 150 тыһыынча солкуобайы төлүүр буолла. Бу туһунан СӨ Үрдүкү Суутун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: