Кирилл Бычков: Аллараа Бэстээххэ дойду Байкал-Амур магистралын өрүс хорук тымырын кытта тиксиһиннэрии буолла

Кирилл Бычков: Аллараа Бэстээххэ дойду Байкал-Амур магистралын өрүс хорук тымырын кытта тиксиһиннэрии буолла

25.04.2024, 23:32
Хаартыска Мария Васильева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 25 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков тимир суол бүтэһик – «кыһыл көмүс» ыллыгын – Аллараа Бэстээх таһаҕас тиэйэр терминалыгар тимир суол бастакы сүһүөҕүн уурарга сырытта.

«Бүгүн Аллараа Бэстээххэ БАМ-ы кытары өрүс хорук тымырын холбуур, ол эбэтэр Хотугу Муора суолугар тахсыы историческай тиксиһиннэрии түгэнэ буолан ааста. «Көмүс тиһик» Саха сирин тимир суолларын уонна Өлүөнэ өрүс хорук тымырын холбоото – өрөспүүбүлүкэ таһаҕаһы тиэйиигэ икки сүрүн суолун. Ити дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду инфраструктуратын уонна тырааныспарын куттал суох буолуутун сайыннарыыга туруорбут соруктарын чэрчитинэн оҥоһулунна. Бу тимир суол кэнники сүһүөхтэрин ууруу Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан былааннары ситиһиилээхтик толорууга, таһаҕас тиэрдэр логистическай суолларын оптимизациялааһыҥҥа быһаччы сыһыаннаах. Аллараа Бэстээххэ билигин өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, бүтүн Уһук Илиҥҥэ улахан суолталаах тырааныспар комплекса тэрилиннэ, ол экэниэмикэ сайдарыгар өрө көтөр кыаҕы биэриэҕэ», – диэтэ премьер.

Тутуу үлэтин толоруу Өлүөнэ өрүһү туоруур тимир суол тырааныспарын сырыытын хааччыйыа: Саха сиригэр аан бастаан тимир суол уонна уу тырааныспарын икки ардыгар таһаҕас тиэйиитэ аһыллыаҕа. Ол хотугу улуустары олоххо наадалаах аһынан-үөлүнэн, тиэхиньикэнэн, оборудованиенан уонна оттугунан хааччыйыыны кэҥэтиэҕэ.

Сылга 2 мөл. туоннаҕа диэри таһаҕас таһар улахан логистическай комплексы тэрийии бырайыагын «Аллараа Бэстээх терминал» ХЭУо «Саха сирэ» урутаан сайдар территориятын (ТОР) резиденэ олоххо киллэрэр. Уһук Илин уонна Арктика (КРДВ) сайдыытын корпорациятын кытта сөбүлэһиинэн инвестициялааһын кэриҥэ 3 млрд солк. куоһарар итиэннэ 300 үлэ миэстэтэ оҥоһуллар.

Таһаҕас терминала инфраструктурата үс тохтуур сирдээх, таһаҕас таһар уонна харайар былаһааккалаах уонна оттугу харайар ыскылааттаах, ону таһынан тимир суола тиийэн кэлэр суоллаах буолуохтаах.
Бастакы былаһааканы тутуу үлэтэ 2024 сылга ыытыллара былааннанар, ону тэҥэ ГСМ ыскылаатын оҥоруу үлэтэ барар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: