Кирилл Бычков бырабыыталыстыба отчуотун Нерюнгри улууһугар билиһиннэрдэ
Өрөспүүбүлүкэ премьер-миниистирэ Кирилл Бычков Нерюнгри улууһугар бырабыыталыстыба отчуотун бастакы түмүктэрин таһаарда.
«Биһиги дьону-сэргэни кытары көрсүһүүлэр кэмнэригэр Саха сирин соҕуруу өттүн олохтоохторугар хайыы үйэ быһаарыллыбыт уонна инникитин быһаарыллыахтаах эбэтэр олоххо киллэрэргэ үлэ бара турар боппуруостарын дьүүллэстибит”, — диэтэ премьер.
«Олорор дьиэ боппуруоһа, уруккутун курдук, олус наадалаах. Саахалланар кутталлаах уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматын аныгыскы түһүмэҕэ наада”, — диэтэ Кирилл Бычков.
Нерюнгри улууһун олохтоохторо бырабыыталыстыба оробуочай бөлөҕүн чилиэннэрин кытары кэпсэтии кэмигэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ федеральнай киин улахан өйөбүлэ баарын бэлиэтээтилэр.
Кирилл Бычков эппитинэн, элбэх махтал тыл РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа уонна Ил Дархан Айсен Николаевка ананна.
“Эрэгийиэн баһылыга Айсен Николаев Саха сирин сайдыытыгар улахан суолталаах элбэх көҕүлээһини киллэрэр, бырамыысыланнай, социальнай уонна инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрэн, федеральнай быһаарыылары ылыныыны ситистэ. Холобур, Чульман аэропордун саҥа аэровокзалын комплексын тутууну. Саха сирин баһылыга Газпром уонна РФ Энергетикаҕа министиэристибэтин кытары холбоһуктаах үлэтэ туһаны аҕалар – Нерюнгритээҕи ГРЭС гаастааһынтан саҕалаан, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыҥҥа, социальнай эбийиэктэри тутууга тиийэ”, — диэтэ премьер.
Ону таһынан Нерюнгри улууһун мэдиссиинэҕэ тэрилтэлэрин каадырынан хааччыйыыга, эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэ боппуруоһун быһаарыыга болҕомтону уурдулар.
Кирилл Бычков иһитиннэрбитинэн, улуус дьаһалтата 2024 сылга эдэр исписэлиистэргэ 30-ча кыбартыыраны биэрэр былааннаах.
Кэнники биэс сылга Нерюнгри улууһун сайдыытыгар улахан уларыйыы таҕыста, бары эйгэҕэ, ол иһигэр, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин эбийиэктэрин тутууга уонна суол тутуутугар биллэр түмүктэр ылылыннылар.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: