Кирилл Бычков Бырабыыталыстыба түмүк отчуотун ыытта

Share

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салалтатынан Дьокуускай куоракка ситэриилээх былаас түмүк отчуота буолла.
СӨ премьерэ экэнэмиичэскэй уонна социальнай тиэмэлэри, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ бөдөҥ инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарын таарыйда.
Кини национальнай уонна федеральнай бырайыактарынан Саха сиригэр дьиҥнээх улахан тутуу үлэтэ барарын билиһиннэрдэ: суоллар, олорор дьиэлэр уонна социальнай эбийиэктэр үлэҕэ киирэллэр.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

«2022 сыллааҕы дааннайдары тэҥнээтэххэ, 2023 сылга бырамыысыланнай оҥорон таһаарыытын индексэ 100,8 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуотун үүнүүтэ 104,7 бырыһыаҥҥа тиийдэ. Үлэ ырыынагар балаһыанньа тупсан иһэр. Үлэтэ суох буолуу таһыма 0,9 бырыһыанынан намтаата уонна 5,6 бырыһыан үрдээтэ», — диэн Кирилл Бычков бэлиэтээтэ.
Мунньах кыттыылаахтара отчуот кэмигэр бырабыыталыстыба чилиэттэригэр элбэх боппуруоһу биэрдилэр. Кинилэртэн үгүстэрэ экэниэмикэ, социальнай эйгэ, үөрэх, Дьокуускай куорат маастар-былаана, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын уонна уопсастыбаннай көҕүлээһиннэри өйөөһүн туһунан тиэмэлэр таарылыннылар.

Саха сирин бырабыыталыстыбатын чилиэттэрэ быйыл олунньуттан кулун тутарга ыйга диэри 439 нэһилиэккэ сырыттылар, итини тэҥэ 28 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр.

Отчуот саха киһитин олоҕун бары эйгэтин хабар, тыа хаһаайыстыбатыттан ниэп-гаас салаатыгар тиийэ.

Сиһилии манна көр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago