Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков стратегическай сайыннарыынан уонна национальнай бырайыактарынан уочараттаах бырайыактыыр мунньаҕы ыытта.
“Саха сирин Бырабыыталыстыбата национальнай бырайыактар иитинэн быйыл 30 саҥа эбийиэги үлэҕэ киллэрэри былаанныыр. Олор ахсааннарыгар 23 хапытаалынай тутуу эбийиэгэ, 4 туоруур сир муостата, 3 массыына суола, ону тэҥэ, 10 биэлсэр-акушер пууна уонна блочнай-модульнай толоруулаах быраас амбулаторията киирэллэр. 2025 сылга 9 хапытаалынай тутуу эбийиэгэ уонна 1 суол былааннанар”, – диэн Кирилл Бычков бэлиэтээтэ.
Саха сиригэр быйыл 12 национальнай бырайыак олоххо киириитигэр көрүллэр үп суумата 38,11 млрд. солк. тэҥнэһэр.
“Ааспыт сылга ылыллыбыт тэтими салгыыр ирдэнэр. Национальнай бырайыактарга былааннаммыт көрдөрүүлэр Ил Дархан Айсен Николаев ыйбыт болдьохторугар ситиһиллиэхтээхтэр”, — диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ эттэ.
Тэрээһин иитинэн кулун тутарга “Доруобуйа” национальнай бырайыагынан Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтигэр уонна Муома улууһун Хонуу сэлиэнньэтигэр балыыһа дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтэрэ диэн эттэ.
Кирилл Бычков Дьокуускай куорат 29-с нүөмэрдээх оскуолатын салҕааһына, Нам уонна Сунтаар сэлиэнньэлэригэр, Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар 450 миэстэлэрдээх оскуолалар, Дьокуускай куорат ДСК түөлбэтин 153-с кыбаарталыгар 990 миэстэлээх оскуола, 4-с нүөмэрдээх анал оскуола уонна адаптивнай үөрэтэр комплекс кэмигэр үлэҕэ киириилэригэр суһал миэрэлэри ылар ирдэнэрин ыйда.
2024 сыл олунньу 29 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитигэр “Дьиэ кэргэн”, “Арассыыйа ыччата”, “Каадыр”, “Уһун уонна көхтөөх олох” саҥа национальнай бырайыактар саҕаланыахтарын туһунан биллэрбитэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…
Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…
2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан, оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…
Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…