Кирилл Бычков Росреестр 15 сылынан эҕэрдэлээтэ

Share

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Росреестр 15 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кытынна.

Эрэгийиэн салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Кирилл Бычков Судаарыстыбаннай регистрация, кадастр уонна картография федеральнай сулууспатын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениетын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин истиҥник эҕэрдэлээтэ.

Ааспыт сылларга эһиги сулууспаҕыт эрэгийиэммит баайын-дуолун салайыы ситимин сорҕотунан буолла. Эһиги идэҕитигэр үрдүк бэриниилээххит хамсаабат баайы-дуолу сүрүннээһин эйгэтигэр дьоһун ситиһиилэргэ сирдээтэ, онон өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин туруктаах сайдыытын хааччыйда”, — диэн бэлиэтээтэ Кирилл Евгеньевич.

Кини Росреестр үлэһиттэрин кадастр тиһигин сайдыытыгар дьоһун кылааттарын, сир учаастактарын, хамсаабат баай-дуол эбийиэктэрин уонна айылҕа баайын  учуотун көдьүүстээхтик ыыппыттарын бэлиэтээтэ.

Бу бэлиэ күҥҥэ саҥа ситиһиилэри, саҥа сыалларга уонна соруктарга дьулуһууну баҕарабын. Эһиги кэлэктиипкитин кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин! Саргылаах Саҥа дьыл эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, ситиһиилэри аҕаллын!”,  — диэтэ Кирилл Бычков.

Росреестр биирдиилээн дьоҥҥо, биисинэскэ, былаас уорганнарыгар уонна олохтоох салайыныы уорганнарыгар хамсаабат баай-дуол быраабын регистрациялааһын эйгэтигэр уонна кадастр учуотугар судаарыстыба кэлимсэ өҥөлөрүн оҥорор. Маны тэҥэ хамсаабат баай-дуол биир кэлим судаарыстыбаннай реестригэр (ЕГРН) баар сибидиэнньэлэри биэрэр уо.д.а өҥөлөрү оҥорор.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

13-с хамнаһы ким ылыай?

Үлэ сокуонун эспиэрэ Анна Иванова 13-с хамнаһы ким ылар бырааптааҕын туһунан кэпсээтэ диэн СИА «Прайм»…

4 минуты ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга тэрилтэ үлэһиттэригэр 21 мөл.солк. тахса хамнаһы төлөөбөтөх

Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөөх кэмигэр 33 үлэһит…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаардар олоҥхолоруттан сылаас иэйиигэ куустардым

Олоҥхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тохсунньуттан Роскомнадзорга бэлиэтэниини ааспатах блог, канаал бас билээччилэрин ыстарааптыахтара

Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар

«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…

2 часа ago